Сэбиэскэй литэрэтиирэ уһулуччулаах суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Расул Гамзатов (1923-2003с.с.) быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Бэл, сиһилээн билиннэрдэххэ, сэтинньи 3 күнүгэр сааһын тухары уйадыйа таптаабыт Орто туруу дойдуттан арахсыбыта хайы-сах 20 сыла буола охсубут.
Аҕыйах ахсааннаах омукка киирсэр авар норуотун чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Расул Гамзатов үрдүк талаанын сыаналааһын, сүгүрүйүү Дагестан норуодунай бэйиэтэ, Социалистическай Үлэ Геройун, Сталинскай итиэннэ Ленинскэй, М. Горькай ааттарынан бириэмийэлэр үрдүк ааттара, 4 Ленин, 3 Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар Доҕордоһуулара, Сибэтиэй апостол Андрей Первозваннай уордьаннара о.д.а. наҕараадалара итэҕэтиилээхтик арыйаллар. Дьиҥнээх норуот үрдүк талааннааҕа буолан, ол чиэстэн, бочуоттан хаһан да төбөтө эргийбэтэҕэ, дьиҥ олохтон, норуоттан тэйбэтэҕэ. Дэлэҕэ даҕаны, бэйиэт 1992 сыллаахха 100 тыһыынча тираһынан тахсыбыт хомуурунньугун киирии тылыгар Камал Абуков: ”Да, Гамзатов, как говорится, купался в ранней славе, но сумел быстро вынурнуть на берег и стать на земную твердь реальности”, – диэн уот харахха этиитэ кинини бэйиэт, гражданин, бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэл быһыытынан толорон-ситэрэн биэрэллэр.
Бүгүн биһиги улуус уус-уран литэрэтиирэни сэҥээрээччилэрин болҕомтолоругар бэйиэт Иннокентий Сыроватскай – Дүөндүн Расул Гамзатов сонеттарыттан тылбаастарын билиһиннэрэбит. Бэйиэт бу тылбаастарын, өссө ааспыт үйэ 50-60-с сылларыттан Дүөндүгэ Расул хоһоонорун хомуурунньугун хоннохторун анныгар кыбына сылдьан, уостарыгар ботугуруу сылдьыахтарыгар диэри умсугуйбут айар куттаах убайдара: Николай Федоров –Моото, биллиилээх поэт Василий Саввин, Василий Сивцев – Дүпсүн Бааска, омук тылын учуутала Власий Дегтярев сырдык кэриэстэрин санаан-ахтан туран, сүдү бэйиэт сонеттарыттан сахалыы саҥардарга холоннум диир. Ити убайдар бары Гамзатовка сүгүрүйэр буоланнар, хоһоонноругар Гамзатов сабыдыала улахан этэ. Ордук Моото, Саввин суруйар истииллэрэ, соһуччу түмүктээһиннэрэ Гамзатовы санаталлар.