Бэйэтин кыанар, үлэһит бэрдэ киһи этэ

Бэрт Ууһуттан төрүттээх Василий Петрович уонна Ленскэй улууһун, Толоон бөһүөлэгитэн төрүттээх Татья­на Ионовна Черкашиннар ыал буолан Өлтөх нэһилиэгин Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр олохсуйбуттара. Кинилэр түөрт уол, үс кыыс оҕону төрөтөн олус эйэлээхтик олорбуттара. Бэйдиҥэ бөһүөлэгэ спорду өрө туппут дойду буолан, уолаттар спордунан, чуо­лаан тустуунан сөбүлээн дьарык­таналлара. Кинилэр аҕалара нэһи­лиэккэ Күүстээх Баһылай диэн убаас­танар, үлэһит киһи этэ. Күүстээҕин көрдөрбөтөҕө буолан баран, кини илиитигэр ураты күүстээҕин биир дойдулаахтара билэллэрэ.

Вася 1977 муус устар 5-с күнүгэр бастакы, күүтүүлээх оҕонон күн сирин көрбүтэ. Олус элэккэй буолан оҕо саа­һыттан олус элбэх доҕордоох улаап­пыта, кини тэлгэһэтигэр куруук оҕо-аймах мустар эргийэр киинэ буо­лара. Вася 1985 сыллаахха Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Өр сыллартан учууталлыыр, кинини алын, орто сүһүөххэ уруһуйга үөрэппит Лариса Васильева Вася уонна кини дьиэ кэргэнин туһунан олус иһирэхтик ахтыбытыттан кэпсээтэххэ, Вася бииргэ төрөөбүттэригэр уонна кылаа­һын оҕолоругар олус үчүгэй сыһыаннааҕа, куруук үөрэ-мичилийэ сылдьар буолара. Оччолорго оскуолаҕа тыраах­тары ыытарга курска үөрэтэллэрэ. Аҕата тырахтарыыс буолан, Вася тиэ­хиньикэҕэ олус сыһыаннаа­ҕа, ол да иһин олус у­мсугу­йан үөрэммитэ, праваны кылаа­һын оҕолоруттан ким хайа иннинэ ылбыта. Биэнсийэҕэ тахсан баран аҕата оскуо­лаҕа дворнигынан үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ оскуо­ла таһа ып-ыраас турбутун учуутала сөҕө-махтайа кэпсиир. Уолаттар аҕаларыгар көмөлөһөн киэһэ аайы хому­йан кэби­һэллэр эбит. Оннук, үлэҕэ бэри­ниилээх, эппиэтинэстээх ыал этилэр этэ диэн бэлиэтиир.

1994 сыллаахха Василий оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн Өлтөх нэһилиэгэр дьиэ-уот коммунальнай хаһаа­йыстыбатыгар тырахтарыыһынан биир сыл үлэлээн баран, ытык иэһин төлүү аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Танковай ротаҕа сылдьан күүс-­уох өттүнэн лаппа кыанар уонна бэрээдэги тутуһар буолан биһирэнэрэ. Оттон 1997 с. Бэйдиҥэҕэ кэлэн үлэтин салгыыр.

Тиэхиньикэттэн иҥнэн турбат уол ыһыыга, хомуурга үлэлии сылдьан, Өлтөх нэһилиэгэр баһаары­най чаас тэриллэн онно суоппарынан үлэлии киирэр, онно алта сыл үлэлээн баран, ыал буолан улуус киинигэр көһөн кии­рэллэр. Баһаарынай чааска бииргэ үлэлэспит кэллиэгэтэ Петр Тар­скай Василий спортсмен бэрдэ буолан, баһаа­рынайдар ортолоругар үгэс быһыытынан сыл аайы ыытыллар спортивнай күрэхтэ­һиигэ хамаандатын кытта үгүстүк өрөгөйдөөбүтүн туһунан кэп­сиир. Кини хапсаҕайдьыт, тустуук, гиревик, хары баттаһыыга эмиэ барытыгар дэгиттэр кыахтааҕа, дьоҕурдааҕа. Ону таһынан «булт диэн баран муннукка ытаабыт» байанай­даах булчут этэ.

Василий тапталлаах кэргэнэ – иитээччи идэлээх Елизавета Нико­лаевна буолар. Курбуһахтан төрүттээх Елизавета сахалыы остуол оонньууларынан дьарыктанар, үгүс күрэхтэһиигэ кыттан спорт маастарыгар хандьыдаат буолбута, ыллыыр дьоҕурдаах, уопсас­тыбаннай үлэҕэ өрүү көхтөөх киһи. Василий, Елизавета Черкашиннар икки кыыс оҕолоохтор. Лиза маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ уонна Валерия икки саастаах.

Василий Мүрү нэһилиэгэр 2016 с. “Якутскэнерго” тэрилтэҕэ тырахтарыыһынан, оттон 2018 с. “Якутдор­строй” тэрилтэҕэ грейдергэ үлэлээ­битэ. Ыал улахан оҕото буолан, бы­рааттарын, балтыларын куруук көрө-истэ сылдьара, бэйэтин дьиэ кэргэнигэр кыһамньылаах аҕа, эрэллээх дурда-хахха этэ.

2022 сыл алтынньы 4 күнүгэр бэ­биэскэ кэлбит күнүн кэргэнэ Елизавета маннык кэпсиир: “Киэһэ үлэлээн дьиэтигэр кэлбитин кэннэ бэбиэскэ аҕалан биэрбиттэрэ. Олох куотуммаппын, барабын диэн тута эппитэ. Сарсыарда бараары сылдьан утуйа сытар кыргыттарын уһугуннаран хаартыс­каҕа түспүтэ, “аны эргиллибэтим буолуо” диэбитэ. Анал байыаннай дьайыыга тиийэн тиэхиньикэттэн илиитин ­араарбакка, өрөмүөннүүр батальоҥҥа сылдьыбыта, онтон кэлин уот сэриигэ киллэрбиттэр этэ. Кэпсии сылдьыбат этэ гынан баран, биирдэ тулуйбакка “20-лээх эрэ уолаттар өлөллөр” диэн наһаа ха­раас­тан туран ытамньыйан ылбыттаах. Олох сэдэхтик, сибээскэ таҕыстаҕына эрэ эрийэрэ. Тиһэх күнүгэр күнүс икки чааска эрийэ сылдьыбыта, саҥата мөлтөөбүт этэ, сонуммутун сураспыта, антах балаһыанньа ыараа­бытын туһунан эппитэ уонна: «Биһигини ханна эрэ ырааһыйаҕа аҕаллылар, билигин аһаан, утуйан ылан баран барабыт”, – диэбитэ уонна бүтэһиктээх кэпсэтиитин курдук таптыыр, быра­һаайдаһар тылларын эппитэ. Кэлин билбитим – ол кэннэ биир чаас буолан баран сырдык тыына быс­тыбыт. Снаряд кыырпаҕа кэлэн түспүт этэ».

Василий Черкашин өлбүтүн кэннэ «Эр санаа” уордьанынан наҕараадаламмыта. Василий Васильевич Черкашин мэхээнньик-суоппар быһыытынан, тааҥканан кыргыһыы хонуутугар иккитэ киирэн, онно соҕотох ордон хаалыа да буоллар, байыаннай сорудаҕы толорбут хорсун быһыыта умнуллубат. Кини 2023 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр Донецкай куораты көмүскүүр кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыта.