В.Д. Лонгинов аатынан Бээрийэ орто оскуолатыгар Уус Алдан улууһун сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин үлэһиттэрэ «Барыта дьиэ кэргэн туһугар» социальнай десанынан ыалдьыттаатылар, төрөппүттэри, оҕолору, учууталлары кытта көрүстүлэр.
Бэрээдэк диэн өйдөбүл сахаларга сиэр-туом үөрэҕиттэн сайдан, тупсан, оҕо кыра эрдэҕиттэн аныгы олоххо сөп түбэһэр өйү-санааны тутуһуута, чөл туруктаах буолуута дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Быйылгы десант Российскай Федерацияҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн ыытылынна.
Социальнай десант сүрүн сыала – сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бэрээдэги кэһиилэрин, буруйу оҥорууларын сэрэтэр-өйдөтөр үлэни социальнай, педагогическай, методическай өҥөлөр нөҥүө тэрийии буолар. Десант кыттыылаахтара араас хайысхалаах дьарыктары, бэсиэдэлэри, семинары, трениннары, психологическай консультациялары ыыттылар.
Оҕолорго, төрөппүттэргэ, педколлективка реабилитационнай киин стационарнай отделениетын сэбиэдиссэйэ Светлана Бурцева, ПДН инспектора Владлен Алексеев сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бэрээдэги кэһиилэрин сэрэтэр үлэни тэрийии уонна ситимнээх үлэни ыытыы туһунан семинар, Уус Алданнааҕы баһаарынай сулууспа инспектора Саргылаана-Авилина Атласова баһаартан сэрэхтээх буолууга туһуламмыт иһитиннэриилэри, инструктаж ыыттылар.
Алын сүһүөх кылаастарга реабилитационнай киин социальнай педагога Виктория Кондратьева «Финансовая грамотность», «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога М. Леонтьева «Ментальнай арифметика» оонньуу-дьарыктарынан оҕолор болҕомтолорун тартылар. Орто уонна улахан сүһүөх үөрэнээччилэригэр куһаҕан дьаллыктартан сэрэхтээх буолуу туһунан социальнай педагог Юлия Бурцева сырдатта, идэни сөпкө талыы тиэмэтигэр реабилитационнай киин тас отделение сэбиэдиссэйэ М. Готовцева толкуйдатан сэргэх кэпсэтиини тэрийдэ. Реабилитационнай киин педагог-психолога А. Петрова оҕолорго уонна төрөппүттэргэ тус консультациялары, практическай хабааннаах дьарыктары ыытта.
Төрөппүттэргэ анаммыт түһүмэххэ десант кыттыылаахтара аныгы кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии уратыларын сырдаттылар, сөптөөх сыһыаны олохтуурга сүбэ-ама биэрдилэр. Бу тэрээһин түмүгүнэн салгыы бииргэ ситимнээхтик үлэлииргэ Бээрийэ нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, оскуола, реабилитационнай киин үс өрүттээх сөбүлэҥи түһэристилэр.
Эппиэтинэстээх, оҕо туһа диэн күнүһү-түүнү аахсыбакка үлэлиир-хамсыыр десант кыттыылаахтарыгар сыралаах үлэҕит үрдүктүк сыаналаннын, барыта этэҥҥэ буоллун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Октябрина Охлопкова, Бээрийэ оскуолатын саха литературатын уонна культуратын учуутала, педагог-библиотекарь