Бүтэһик сылларга гражданнар банк карталарыттан харчыларын көҥүлэ суох устууну кытта сибээстээх буруй улаатан иһэр. Ол курдук, биһиги да улууспутугар түөкүннэр эрийтэлээн, чэпчэки харчыны эккирэтэн, ымсыы-обот санааттан дьону араастаан албыннаан, итэҕэтэн, куттаан харчыларын ылбыттара элбэх.
Барыллааһын силиэстийэнэн бу сылга 3 ый түмүгүнэн 4 холуобунай дьыала тэрилиннэ, уопсайа 499 632 солкуобай уу харчыны уордулар, өйдөрүн-санааларын баайан, бэйэлэрин счеттарыгар сыппыт бас билэр харчыларын түөкүттэр счеттарыгар ыытыыларын түмүгэр тэриллибит холуобунай дьыалалар күн бүгүн кыайан арыллыбакка тураллар, онон силиэстийэ үлэтэ салҕанан бара турар. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ түөкүттэр дьону албынныырга араас ньымалары тутталлар, ол курдук кинилэр базаҕа көрөннөр ким ханна олорорун, тугу үлэлиирин билиэхтэрин сөп. Банк картатынан буруй сүрүн көрүҥнэринэн буолаллар:
– буруйдаах сымыйанан баантан куттала суох буолуутун сулууспатыттан, эбэтэр ол кэпсэтэ олорон полиция үлэһитигэр холбоон дьону итэҕэтэн, банк операцията буолан эрэр диэн этиилэрэ;
– интернекка сымыйа ону-маны чэпчэки сыанаҕа атыылыыбыт диэн биллэрии таһаараллара;
– хас биирдии киһи аккаунун алдьатан, ол киһи аатыттан сымыйа биллэрии ыыталлара;
– интернет өҥөтүнэн, араас конкурстарга ким эрэ кыттарыгар киллэрэн, куоластыырга сыылкалары ыыталлар.
– түөкүттэр, сымыйа смс иһитиннэрии ыытан, харчыны сыыһа ыыппыппын диэн албыннаан төттөрү харчыны ылыылара;
– сотовай араас оператордарыттан эрийэн номергытын уһаттарар буоллаххытына код кэлбитин этэллэригэр эрийэллэр.
Бастакы түбэлтэҕэ эмсэҕэлэнээччилэр маннык сыыһалары оҥороллор, ол курдук банк үлэһитэ килийиэннэргэ хаһан да эрийбэттэр, пин-коду карталарын таһыгар харайа сылдьаллар эбэтэр картаҕа бэйэтигэр суруйаллар, туора дьоҥҥо пин-коду бэйэлэрэ этэн биэрэллэр эбэтэр карталарын кинилэргэ туһаныыга биэрэллэр, ону тэҥэ чэпчэки сыанаҕа ону-маны атыылаһаары киирэн биэрэбит, ардыгар нууччалыы тылы үчүгэйдик өйдөөбөккө, эппиттэрин толорон иһэбит.
Төлөпүөн түөкүннэриттэн хайдах харыстанабыт: картаны атын дьоҥҥо биэримэҥ. Картанан операциялар барыта бас билээччи баарыгар оҥоһуллуохтаахтар (көрөн турдахтарына). Карта сүттэҕинэ (уордахтарына) тутатына картаны биэрбит бааҥҥа блокировкалат. Бары боппуруостары, картаҕа ыйыллыбыт нүөмэргэ телефонунан эрийэн, бааны кытта сүбэлэс. Чугас дьоҥҥор тутатына кэпсээ, ким туох диэн эрийбитин. Эргэ абонентскай нүөмэри уларытан баран, онно “Мобильнай банк” холбоно сылдьыбыт буоллаҕына, бааҥҥа тиийэн бу өҥөнү араарар туһунан сайабылыанньа суруй. Билбэт атын регионтан эрийдэхтэринэ телефону ылымаҥ. Интернеттэн сакаастыырга, үчүгэйдик үөрэтэн, сыанабылларын ааҕан сакаастааҥ. Туох баар ыйытыкка туох да кодун кимиэхэ да этимэҥ!
Үөһээ этиллибиттэргэ олоҕуран, барыллааһын силиэстийэ олохтоох нэһилиэнньэни төлөпүөн түөкүннэриттэн сэрэтэр, сэрэхтээх буолуҥ, араас албыҥҥа киирэн биэримэҥ, чугас дьоҥҥутун харыстыы, хаххалыы сылдьыҥ.
Холуобунай ирдэбил бөлөҕүн оперуполномоченнайдара