Бүгүн, эмискэ туох эрэ «тэһэ анньан» диэххэ сөп, Арыылаах бөһүөлэгэр олорор мас ууһа Николай Пестрякову саныы биэрэн, «кэнники тугу уһанныҥ, оҥордуҥ?» диэн ыйытыылаах төлөпүөннүү сырыттым. Онуоха киһим: «Сайыны быһа оҕолорбунаан көмөлөөн 12 сэргэни оҥордум, ытык сирбитин сөргүттүбүт», – диэтэ.
Сонуну «сойуппакка» иһитиннэрэр идэлээх дьон буоларбыт быһыытынан, «ону биһиги тоҕо истибэтэхпитий?» диэн чахчы соһуйдум. Онуоха кырдьаҕаһым күлэн кэбистэ уонна: «Барыта бириэмэтигэр буоллаҕа, дьыл кэмэ солбуһан, хаар түһэн сир-дойду оннун булан, дьэ бу ытык сирбит туһунан дьон истэрэ-билэрэ билигин тоҕоостоох», – диэтэ.
Өлтөх нэһилиэгэр Арыылаах бөһүөлэгэр саха ыйдарынан 12 сэргэни туруораннар, «Хоһуун түһүлгэ» диэн ытык сир баар буолбут. Сэргэлэри балаҕан ыйын 14 күнүгэр сиэри-туому тутуһан алгыс этэн туруорбуттар эбит. Маннык ытык сири сөргүтүү мээнэҕэ буолбатаҕа, иһэ истээх, кэпсээнтэн кэпсээннээх буолара саарбаҕа суох. Онон бу сир түҥ былыргы историятын сэгэтэн уонна хайдах курдук бу түһүлгэни сөргүтүүгэ көстүбэт күүс салайбытын туһунан Николай Гаврильевич маннык сэһэргээтэ:
– Бу Арыылаах Эбэтин ортотугар өрдөөҕүтэ баараҕай тиит мас баара үһү. Былыр бу дойдуга Өркөн Быраайы диэн улаханнык ытыктанар ойуун киһи үөскээн, бу дойдуга Арыылаах Эбэ, Орто Эбэ диэн сирдэринэн олоро сылдьыбыт.
Ол баараҕай тиит эргимтэтэ 4 м 95 см эбитэ үһү. Ол тиитэ хатан-кууран эрдэҕинэ Өркөн Быраайы ойуун хоһуун тиитин эргийэ сылдьан арчылаан, алгыстаан хомноон биэрэр. Онуоха соҕотох эрэ күөх мутуктаах Хоһуун тиит кууран турар бэйэтэ эмискэ көҕөрөн силигилээн кэлбит.
Ол көрдөһөн-ааттаһан алгыстаабытын кэннэ сэттэ уол оҕо төрөөн-ууһаан бүтүн нэһилиэк аҕа уустара буолан Өлтөх нэһилиэгин тэниппиттэр. Мин оҕо сылдьан ол маска араас малы-салы, харчыны бэлэх-туһах уурбуттарын көрөрбүн өйдүүбүн. Бу сиргэ урут үгүс киһи сылдьар буолара.
Кэлин 1970-с сылларга Арыылаахтан төрүттээх Георгий Васильевич Данилов диэн учуутал киһи 13 тимир сэргэни оҥотторон туруортарбыта. Ол эрээри ону оччотооҕу былаас өйөөбөтөҕө. Онон биир күн кэлэн ол сэргэлэри олоччу көтүрэн илдьэн атын оройуоҥҥа атыылаабыт сурахтара иһиллибитэ. Оннук быһыыланыы кэнниттэн Хоһуун тиит кыыһыран-уордайан силлиэ-буурҕа, тыал-куус түһэрэн, оту-маһы барчылаан, тиит мас бөҕөтүн суулларан, киһи сылдьыбат сирэ буолан хаалбыта. Кэлин сүөһү-сылгы тэпсилгэнэ буолан, букатын киһи дьиксинэ көрөр сиригэр кубулуйар.
Арай биирдэ (2022 сыл, таҥха кэмигэр) түһээтим. Онно түһээтэхпинэ Хоһуун тиит тула сэргэлэр оһуохайдыы сылдьалларын көрдүм. Ахсааннарын аахпатым эрээри, сэргэлэр моһуоннарын көрдөрдүлэр. Улаханнык муодарҕаан уһуктубутум даҕаны, аһардан кэбиспитим. Син араас дьикти-дьиибэ түүллэри түһээччибин…
Онтон аны ааспыт сылга (2023) кулун тутарга «Саха» НКИХ ханаалыгар уһулла бардым. Ол киирэ сылдьан биир дойдулаахпын «Шишкин дом» диэн тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин Иван Даниловы көрсө түһэн кэпсэппиппит. Онно киһим: «Эйигин кытта анаан көрсүөм этэ, тахса сылдьыам», – диэбитэ.
Онтон биир үтүө күн кэлэн: «Хоһуун тииккэ бара сылдьыах эрэ», – диэтэ. Тиийэн көрбүппүт – кырдьык, киһи кута-сүрэ тохтообот сирэ буолбут этэ. Онно: «Бу сири хайдах эрэ сэргэхситиэххэ», – дэспиппит. Онуоха били түүлбүн өйдөөн кэлэн кэпсээбитим, иккиэн даҕаны улуу убайбыт салайа сытарын биир тыла суох өйдөөбүппүт.
Ити кэпсэтиибит кэннэ кыһын ааспыта, күннээҕи үлэ түбүгэр умнулла быһыытыйбыта. Онтон арай быйыл саас биир ньирэйим хааччаҕыттан тахсан хоту тыа диэки түһэ турда. Эккирэтэн көрбүтүм да, сиппэтэҕим. Нэдиэлэни быһа көрдөөбүтүм – булбатаҕым. Онтон биир күн кэргэним түннүгүнэн көрбүтэ – сүппүт ньирэйбит кэлэн турар үһү. Мин сүүрэн тахсан чугас эргиннээҕини көрө сатаабытым да, ньирэй баара көстүбэтэҕэ.
Сарсыныгар үрүйэнэн трассаҕа баран көрөргө сананным. Сарсыарда туран былааннаммытым курдук үрүйэнэн трассаҕа тиийдим. Биир билбэт киһим көрсө түһэн: «Хайа, кырдьаҕас, тугу гына сылдьаҕын?» – диэтэ. Ньирэйбин көрдүүрбүн истэн баран, били ытык сирбитин ыйда уонна: «Онно биир ньирэй Хоһуун тиит аттыттан арахпакка сылдьыбыта уонча хонно», – диэтэ. Иһиттим ини истибэтим ини, дьиэбэр төннөн ас-үөл ылан баран, тиийэн көрбүппүт – чахчы ньирэйим бу хаама сылдьар эбит. Онно Эбэҕэ андыга сытар сааһыттар эмиэ: «Ньирэй манна сылдьыбыта уонча хонук буолла, олох тиит таһыттан арахпат», – дэстилэр.
Ытык сирбитин күндүлээн-маанылаан, үөрэн-көтөн ньирэйбитин тиэнэн кэлбиппит. Олорор сирбититтэн Ытык тииппит 3 км тэйиччи илин диэки баар. Ньирэйбит онно хайдах тиийбитэ дьиибэ. Ити кэннэ тута Иваммар төлөпүөннээн: «12 тиит маһы ыыта оҕус, ыксатар эбит», – диэтим. Мастарым ыһыахпыт күн тиэллэн кэллилэр. Ону таҥастаан, суоран, быйыл сайын от үлэтин быыһыгар уолаттарбынаан тохтоло суох үлэлээн сэргэлэрбитин оҥордубут.
Тоҕо эрэ 12 сэргэ диэн өйбүттэн тахсыбатаҕа, ол иһин 12 сэргэни оҥорорго быһаарыммытым. Төгүрүк сылга 12 ый баар. Ол быһыытынан хас биирдии сэргэҕэ сахалыы ыйдар бэлиэлэрин оҥордубут. Арчы, алгыс, үс кут, харысхал бэлиэлэрин түһэрдибит.
Кэпсээнтэн кэпсээн: сэргэлэрбин оҥорон бүтэрэн баран, олохтоох айдарыылаах киһи Иннокентий Афанасьевич Артамоновтыын ытык сирбитигэр сэргэлэрбитин туруортуур миэстэлэрбитигэр бэлиэ анньа сырыттахпытына, биир суор үстэ төхтүрүйэн кэлэ сылдьыбыта. Бэрэбиэркэлиир курдук. Саҥа-иҥэ бөҕө. Ол күн тыал бөҕө этэ, суорбут кэлэн барбытын кэннэ тылбыт астан, чуумпуран хаалбыта. Ытык кырдьаҕаспыт ити хайысханан сытар буолан, суор туттарыттан-хаптарыттан, саҥатыттан-иҥэтиттэн кырдьаҕаспыт астыммытын тута сэрэйбиппит.
Аны сэргэбитин туруорар күммүтүгэр чуумпу, чаҕылхай күннээх ыраас күн турбута. Ытык сибитигэр алгысчыт уот оттон, сиэр-туом түһэрэн, тохсуо буолан сэргэлэрбитин туруора сырыттахпытына, 12 туруйа кэлэн биһиги үрдүбүтүнэн эргийэн саҥаран-иҥэрэн ааспыттара. Онно Эбэҕэ 16 туруйа баарыттан 12-тэ кэлэн барбыта эмиэ дьиибэ.
Бу дьалхааннаах кэмҥэ дьон өйө-санаата ыһылынна, сиэр-майгы сатарыйда, доруобуйата аһааҕырда, дьон олоҕо огдолуйда, ону сааһылаары, Үрдүк Айыылары кытта ситимнээри, дьон олоҕун чэпчэтээри бу ытык сир сөргүтүлүннэ дии саныыбын, онно чопчу итэҕэйэбин. Манна хас биирдии киһи кэлэн бэйэтин төрөөбүт ыйынан бэлиэлээх сэргэҕэ баҕа санаатын этэн, алгыстанан, арчыланан, Үрдүк Айыылартан, Улуу Убайбытыттан харысхалланан, өйө-санаата бөҕөргөөн, чэпчээн, астынан барыаҕа.
Бу түһүлгэ оҥоһуллуута өссө да ситэ илик. Кэпсээбит баараҕай тиитим кута-сүрэ аттыгар үүммүт баараҕай харыйаҕа көһөн үүнэ-силигилии, чэчирии-чэлгийэ турар.
Бу курдук балаҕан ыйын 1 күнүгэр 80 сааһын томточчу туолбут мас ууһа, норуот маастара Николай Пестряков үтүмэн үлэни көрсөн ытык сири сөргүппүтүн киһи сөҕө-махтайар.
Мария АРГУНОВА