Россия журналистарын Союһун Саха сиринээҕи салаатын 15 сыл ситиһиилээхтик салайбыт, республика журналистара ытыктыыр салайааччыбыт Галина Алексеевна Бочкарева 65 сааһа уонна журналистика эйгэтигэр айымньылаах үлэтэ 44 сыла бэлиэтэнэринэн ити унньуктаах айан суолун тэлэригэр бастакы олугун саҕалаабыт уонна журналист быһыытынан куорсун анньыммыт кэрэ кэмнэриттэн хайы-үйэ умнуллан-төмнүллэн эрэр одоҥ-додоҥ өйдөбүллэри санаан-ахтан ааһыахпын баҕарабын. Ол кэлин “улугуруунан” сүрэхтэммит ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларын саҕаланыытыгар Уус Алдан оройуонун “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыат редакторынан Хабаровскайга Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрбит идэтийбит журналист Милан Афанасьев үлэлээбитэ. Оччолорго Союз үрдүнэн экономикаҕа, политикаҕа, чуолаан дойду политическай салалататыгар кризис сибикитэ биллэрин иһин, республика, оройуон таһымнарыгар дьон-сэргэ улугуран, най баран олорботоҕо, хата төттөрүтүн үлэ-хамнас күөстүү оргуйара. Хаһыат онно Ленин эппит кынаттаах тылынан “коллективнай тэрийээччи, коллективнай пропагандист уонна коллективнай агитатор” буолар оруолун чиэстээхтик толорон, хас биирдии ыал ахсын кэтэһиилээх күндү ыалдьыт, арахсыспат аргыс, үтүө сүбэһит быһыытынан киэҥ билиниини ылара.
Дьэ ити сылларга, чопчулаан эттэххэ, 1981 сыл атырдьах ыйыгар университет нуучча тылыгар салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбит эдэркээн Галина Пахомова “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыат редакциятыгар литературнай сотруднигынан ананан үлэлии кэлбитэ. Оччолорго мин хаһыат эппиэттиир секретарынан үһүс сылбын үлэлии олорорум. Партия оройуоннааҕы комитетын пропагандаҕа отделын инструкторынан түөрт сыл үлэлээбит киһини редакцияҕа кадры бөҕөргөтүү бэрээдэгинэн райком бюротун уурааҕынан тута эппиэттиир секретарынан итиэннэ коммунистар отчуоттуур-быыбардыыр мунньахтарынан маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарынан анаммытым.
Онон комсомол чилиэнэ, эдэр, эрчимнээх үлэһит кэлиитэ миэхэ, партийнай тэрилтэ секретарыгар, ордук үөрүүлээх этэ. Редакция, типография төһө да тус-туспа тэрилтэлэр буоллаллар, биир сыалы-соругу толорор уруулуу үлэлээх-хамнастаах дэнэн, партийнай, профсоюзнай, комсомольскай тэрилтэлэрбит биир этилэр. Онон мунньан-тараан отуттан тахса буоларбыт. Оччолорго туох баар маассабай политическай, общественнай-тэрийэр, культурнай үлэлэр партийнай тэрилэтэлэринэн сүрүннэнэллэрэ. Олору тэрийиигэ партийнай тэрилтэ профсоюзнай, комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэригэр тирэҕирэрэ уонна улахан болҕомтотун уурара. Редакция уонна типография коллективтарыгар комсомоллаах ыччат аҕыйаҕа суоҕа. Ордук типография рабочай коллективыгар полиграфист, бэчээтник идэтин ылан үлэлиир оҕолор бары комсомол чилиэннэрэ этилэр. Онон үрдүк үөрэхтээх эдэр комсомол чилиэнэ редакцияҕа үлэлии кэлиитэ икки коллективка сэргэхсийиини үөскэппитэ. Галина Алексеевна өссө оскуолатааҕы сылларыттан журналист буолар баҕалаах эбит этэ. Оччолорго университет баара-суоҕа алта факультеттааҕа. Журналистика туһунан түһээн да көрбөт этибит. Арай история уонна тыл факультетыгар биһиги үөрэнэр алта уонус сылларбытыгар араас хайысхалаах факультативтар бааллара да, журналистикаҕа факультатив баарын өйдөөбөппүн.
Галина оскуоланы бүтэрэригэр төрөппүттэрэ ханна эрэ ыраах киин куораттарга баар журналистикаҕа үөрэтэр институттарга ыытыахтарын баҕарбатахтар. Онон университет история-филология факультетын нуучча тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэххэ киирбит. Дьэ манна били “бүргэһи хааһахха хаалаабаккын” диэн бэргэн этии курдук, Галина оҕо сааһын ыратынан университет журналистикаҕа факультативыгар суруттаран, “Молодежь Якутии” хаһыат иһинэн “Репортер” оскуолаҕа дьарыктаммыт. Университеты бүтэрэллэригэр онно дьарыктаммыт биэс оҕону партия уобаластааҕы комитетын бэчээккэ секторын дьаһалыгар ыыппыттар. Галина төһө да үчүгэйдик билбэтэр, ийэтэ төрөөбүт-үөскээбит уонна элбэх уруулаах-аймахтаах Уус Алдан “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыатын редакциятыгар журналист миэстэтэ баарыгар үөрүүнэн сөбүлэспит. Онуоха хаһыакка өр сылларга сурук отделын салайбыт чугас аймаҕа, кырдьаҕас коммунист Агафья Охлопкова баара эдэр, хаһыат эйгэтигэр саҥа сыстар киһиэхэ биһиги хаһыаппытын талан ыларыгар кырата суох төрүөт буолбут буолуохтаах. Редактор Милан Матвеевич саҥа үлэһити билиһиннэрэригэр оройуоннааҕы комсомольскай тэрилтэ, ыччат-комсомольскай коллективтар, юнкордары кытта үлэни сырдатыы боппуруостарын сыһыарбыта уонна ити үлэлэри сүрүннүүргэ хаһыат редакторын солбуйааччы – кырдьаҕас журналист Федор Васильевы наставнигынан аныырын иһитиннэрбитэ.
Редакциябыт сэттэ уонус сыллар ортолорун эргин оччотооҕу райсовет председателинэн олорбут С.Г.Охлопков икки этээстээх типовой уопсай дьиэни хонтуораҕа анаан туттарбытын оройуоннааҕы балыыһа поликлиникатыгар биэрэннэр эргэ амбулатория дьиэтэ босхоломмутугар биэс тэрилтэни кытта бииргэ үс хоско симсэн олороро. Дьиэ улахан өттүгэр военкомат уонна оҕо библиотеката тус-туспа ааннаахтара. Оттон хотугу балтыһахха Мүрү нэһилиэгин Совета, биһиги уонна булт обществота баарбыт. Үһүөн да дьон-сэргэ быһа ааспат тэрилтэлэрэ да буолларбыт, үлэбитигэр-хамнаспытыгар мэһэйдэппэт, үтүрүйтэрбэт этибит. Ортоку кыра хоско редактор, хоту муннукка икки остуол бастаһа турбутун кэннэ олоппос нэһиилэ батар хоско редакторы солбуйааччы Федор Игнатьевич Васильев уонна мин эппиэттиир секретарь олорорбут. Редакцияҕа түөрт уонча сыл үлэлээтим да Милан Матвеевич курдук наһаа маассабай, хара үлэ диэн көрөн турбат, үлэҕэ эрэ буолбакка, оройуоҥҥа ыытыллар бары общественнай үлэлэргэ, көргө-нарга ураты көхтөөх, мэлдьи наар коллективын инники күөнүгэр тэрийэ-дьаһайа, кыттыһа сылдьар редакторы көрбөтөҕүм. Сценаҕа таҕыстаҕына ылбаҕай ырыаһыт, сценкаҕа көрөөччү күлэн уҥа сытар көрдөөх уобарастары булан арыйар артыыс, субуотунньуктарга үс-түөрт киһиэхэ бэриллибэт бухатыыр үлэһит, оттон оһуохай түһүлгэтэ тардылыннаҕына – Сунтаар буоллаҕа дии – кэрэ-чуор эҥсиилээх куоластаах үҥкүү тылын этээччи – эмиэ кини. Кырдьаҕастарбыт Агафья Ивановна, Федор Игнатьевич комсомол, партия райкомнарыгар буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт, үлэни-хамнаһы курдат билэр дьон буолан, киһи кутун-сүрүн баттаабат, эдэрдэри кытта тэҥҥэ сылдьар үтүөкэннээх дьон этилэр. Итинник коллективка түбэһэн, Галина аҕа табаарыстарын истиҥ сыһыаннарынан наставнига, “убай Сүөдэр обургу, көнө уонна судургу” диэн поэт В.Саввин бэргэн этиитинэн уос номоҕор киирбит үтүөкэннээх киһи сүбэтинэн-аматынан үлэ ымпыгар-чымпыгар тута сыстан бэйэ киһитэ буола түспүтэ. Онуоха журналистика төрүттэрин, жанрдарын, суруйуу ньымаларын факультативка үөрэппитэ, “Молодежь Якутии” хаһыат иһинэн “Репортер” оскуолатыгар республика эдэр, күүстээх,уопуттаах журналистарын көмөлөрүнэн практиканы барбыта, дьиҥэр, журналист идэтин баһылааһын оскуолатын ааспыта үлэни саҕалыырыгар улахан төһүүнэн буолбут буолуохтаах.
Редакция үлэһиттэрин, ол иһигэр кырдьаҕастар да суруйууларын тылын-өһүн көннөрүү, быһыы, кылгатыы, бэл төттөрү биэрэн көннөттөрүү, хаттаан оҥоруу да ханна барыай. Сороҕор сыыһа-халты барара, этии тахсыбат гына иирбэ-таарба сурук-бичик эппиэттиир секретарь элбэхтик эллэхтэспит, күнүн-дьылын, сыратын-сылбатын ылбахтаспыт аҕай дьыалалара буоллаҕа. Оттон Галина Алексеевна суруйбут матырыйаалларыгар оннук биир эмэ да түбэлтэтэ баарын букатын өйдөөбөппүн. Хаһыат сүрүн жанрдарыгар да элбэхтик суруйара, онто барыта уурбут-туппут курдук орун-оннугар буолан иһэрэ.
Кэллэҕин сыл күһүнүгэр редакция уонна типография маҥнайгы сүһүөх космомольскай тэрилтэтин секретарынан талыллыбыта. Галина Алексеевна элбэхтик командировкаҕа сылдьан үүнүүлээх ходуһалартан, быйаҥнаах бааһыналартан, үүттүгэннээх сайылыктартан буруолуу сылдьар сибиэһэй матырыйааллары, репортажтары суруйара. Оччолорго хаһыат ыйга биирдэ тахсар “Ыччат кыһата” диэн балаһалаах этибит. Ол балаһаны Галина Алексеевна бэйэтэ тутан-хабан үлэлэтэрэ. Хас биирдии нүөмэргэ миэстэҕэ комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын, ыччат-комсомольскай фермалар, звенолар бастыҥ үлэһиттэрин, коллективтар ситиһиилэрин сырдатыыга ананар буолан, ыччат сөбүлээн ааҕара, биир эмэ ыйга нүөмэр көттөҕүнэ суохтуура. Оттон бэйэбит коллективпыт общественнай олоҕун, сынньалаҥын, хас сыл ахсын ыытыллар культура уонна спорт фестивалларыгар, үбүлүөйдэргэ аналлаах көрүүлэргэ аата-ахса биллибэт араас культурнай дьаһалларга кыттыы көҕүлээччитэ, тэрийээччитэ этэ. Мүрү нэһилиэгин советын, оҕо тэрилтэлэрин кытта холбоһуктаах концертарга солбуллубат конферансье буолара.
Оччолорго типографияттан Василий Борисов, Александр Бочкарев, Варя Поликарпова, Наташа Алексеева, Варя, Люба Петуховалар, бэйэбитигэр Петя Павлов о.д.а. общественнай үлэҕэ-хамнаска олус көхтөөх ыччаттар бааллара. Мэлдьи общественнай олох үөһүгэр сылдьар активнай позициялаах кыыс аҥардас редакция үлэтинэн муҥурдамматаҕа, нэһилиэк, оройуон ыччаттарын ортолоругар улахан авторитетынан туһанара. Ол да иһин, 1983 сыллаахха ЫБСЛКС райкомун тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн ылан барбыттара.
Галина Алексеевна биһиги хаһыаппытыгар иккиһин 1987 сыллахха Москваҕа Үрдүкү Комсомольскай оскуола журналистикаҕа отделын бүтэрэн редакторы солбуйааччынан ананан кэлбитэ. Оруобуна ити сыл күһүөрү сайын мин партия оройуоннааҕы комитетыгар учуот секторын сэбиэдиссэйинэн ананан барбыт кэмим этэ. Биллэрин курдук, 1985 сыллаахха былааска М.С. Горбачев кэлэн, “Уларыта тутуу” диэн киэҥ хамсааһынынан “партийнай тэрилтэлэр бойобуой дьоҕурдарын көрүү” тэриллэн, үлэ-хамнас күүһүрэ түспүтэ. Ити көрүүгэ редакция уонна типография партийнай тэрилтэтэ партийнан үлэ бары хайысхаларыгар, көрдөрөн агитацияҕа, маассабай-политическай үлэҕэ оройуон киинин тэрилтэлэригэр холобурга сылдьар, уопуту тарҕатыы базовай тэрилтэтинэн буолбута. Урукку сылларга комсомолтан партияҕа үүннэрии суоҕун тэҥэ этэ. Ити үлэ күүскэ туруоруллан, типография бастыҥ ыччата – Василий Борисов, Александр Бочкарев, редакцияттан Аркадий Алексеев, Галина Пахомова партия чилиэннэригэр үүнэннэр, партийнай тэрилтэ бөҕөргөөбүтэ, типографияҕа партийнай бөлөх тэриллэн, үлэни-хамнаһы сүрүннээһиҥҥэ сүрүн тирэх буолбута.
Галина Алексеевна редакторы солбуйааччынан үлэҕэ кэлээт миигин солбуйан маҥнагы сүһүөх партийнай тэрилтэ үлэтин илиитигэр ылан олохтоммут үгэстэри чиэстээхтик салҕаабыта. Киэҥ ыырданан, билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, сүрдээх таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Партия райкомун партийнай комиссиятын, оройуоннааҕы быыбар комиссиятын чилиэнин курдук эппиэттээх общественнай үлэлэри толорбута. Оройуон иһигэр олорор Герой Ийэлэри сырдатыыга хаһыат инники балаһатыгар рубрика аһан, 77 ийэни хаартыскалаан таһаарбыта.
Айылҕа сокуонунан, хаһыат кырдьаҕас көлүөнэ активнай селькордара олохтон туораан иһиилэриттэн, селькоровскай хамсааһын мөлтөөн-ахсаан барбытынан уонна оройуон сорох ыччаттара, ордук оскуола оҕолоро журналистикаҕа тардыһыыларын таба көрөн, “Эдэр корреспондент оскуолатын” тэрийэн үлэлэппитэ. Ити оскуолаҕа үөрэммиттэртэн Афанасий Копырин хайыы үйэ билигин хаһыаппыт уопуттаах журналиһынан буолла. Оччолорго оскуолаҕа үөрэммит Яна Байгожаева, Оля Лыткина, Люба Готовцева билигин республикаҕа биллэр журналистар. Ити утум кэнники сылларга салгыы салҕанан Николай Кривошапкин, Жанна Леонтьева биһиги хаһыаппыт кыһатыттан үүнэн таҕыстылар. Онон Уус Алдантан эдэр көлүөнэ журналистар үүнэн-үрдээн тахсалларыгар олук уурбут, үгэһи олохтообут улахан үтүөлээх. Аны 2000 сыллар саҥаларыгар “Республика бүттүүнэ”, “Вся республика” икки тылынан тахсар хаһыаты тэрийэр-салайар кэмигэр “Мүрү саһарҕатыгар” үлэлии олорор түөрт бастыҥ журналиспытын – Данил Макеевы, Людмила Ноговицынаны, Петр Павловы, Лира Яковлеваны үлэҕэ ыҥыран, кинилэр республика бастыҥ журналистарынан буоллулар.
Галина Алексеевна Уус Алдаҥҥа үлэлээбит сылларыгар аҥардас хаһыакка эрэ буолбакка, улуус культурнай эйгэтигэр, общественнай олоҕор-дьаһаҕар активнай позициялаах, элбэх идеялаах, олору олоххо киллэриигэ бэйэтин тула дьону, ыччаты сатаан түмэр, көҕүлүүр, батыһыннарар дэгиттэр талааннаах, дьоҕурдаах салайааччы быһыытынан суола-ииһэ умнуллубат. Оттон биһиги кинини кытта икки үйэ тиллиһэр кирбиитигэр олох тосхолун тутула уларыйар былдьаһыктаах быыһык дьылларыгар биир бурҕалдьыны тэҥҥэ сосуһан, улуус хаһыатыттан куорсун анньыммыт коллегабыт Галина Алексеевна дьалхааннаах кэм дохсун долгунугар түөрэ оҕустарбакка, республика журналистикатын үрдүк чыпчаалыгар ыттан үлэлии-хамсыы сылдьарынан киэн туттабыт, айар тыл абылаҥар аартык арыйбыт “кыһыл көмүс бөрүөтэ” үрдүктэн-үрдүккэ, өндөл халлааҥҥа өрө көтүттүн диэн алгыы, арчылыы аман өспүтүн аныыбыт.
Иннокентий СЫРОВАТСКАЙ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, В.В. Никифоров аатынан СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.