Бүгүҥҥү сүбэ-мунньах бүтүн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһуланна.
Айсен Николаев: “Уус Алдан улууһа кэнники сылларга социальнай-экэнэмиичэскэй көрдөрүүтэ лаппа тубуста. Элбэх, улахан тутуулар баар буоллулар. Онон, түгэнинэн туһанан, улуус баһылыгар Алексей Федотовка уонна улуус бары олохтоохторугар махталбыт биллэрэбин”, – диэн этиитинэн мунньаҕы саҕалаата.
Тэрээһиҥҥэ турбут соругунан – олохтоох бородууксуйанан нэһилиэнньэни хааччыйыы, улуус олохтоохторо оҥорон таһаарыынан дьарыктанан дохуоттаналларын ситиһии. Мунньахха кыттыбыттар санааларын, бу дьаһал олоххо хайдах киириэн сөбүн истэн баран, Айсен Николаев: “Бу дьаһалы бэлэмнээн олоххо киллэриэхпит. Оччотугар олохтоох нэһилиэнньэ төрөөбүт улууһугар олорон дохуоттаах буолуо, детсад, оскуола оҕолоро, бүтүн нэһилиэнньэ бэйэ оҥорбут хаачыстыбалаах аһылыгынан хааччыллыа. Манна Уус Алдан олохтоохторо бастыҥ көрдөрүүнү ситиһиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин”, – диэтэ.
Айсен Николаев СӨ физическэй культуратыгар ураты ситиһиитин, кылаатын иһин “СӨ үтүөлээх тириэньэрэ” бочуоттаах наҕарааданы Максим Аммосовка туттарда. Оттон Иван Пестрякову уонна Евгений Павловы “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадалаата.
Наталья Попова
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ