«Якутия с тобой!» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап сопредседателэ биир дойдулаахпыт Анна Ефимова улууска кэлэн үлэлээтэ. Көрсүһүүлэр Майаҕаска уонна Бороҕоҥҥо тэрилиннилэр.
Анна Николаевна сүрүннээн ыстаап иистэнэр сыаҕын үлэтин билиһиннэрдэ, ол курдук байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан тугу тигэллэрин быыстапкалаан көрдөрдө, ону таһынан дьыл кэминэн сөп түбэһэр таҥаһы-сабы, тактическай уонна тепловизортан хаххалыыр наһыылкалары тигиигэ, блиндаж чүмэчитин хайдах оҥорорго маастар кылаастары ыытта, онно барытын сиһилии кэпсээн, оҥорон көрдөрдө. Бу көрсүһүүлэргэ барыта 20-чэ киһи кыттан элбэх сүбэни-аманы ыллылар.
Кинини кытта Дьокуускай куоракка Уус Алдан улууһун түмсүүтүн салайар Егор Неустроев ыалдьыттаата. Билэрбит курдук, Уус Алдан түмсүүтэ “Якутия с тобой!” өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаабы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир, түмсүү чилиэттэрэ – киин куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт ыстаапка өрүү сылдьаллар, көмө буолаллар. Егор Егорович этэринэн, кинилэр ортолоругар дьиҥнээх патриоттар бааллар, ыстаапка күн аайы сылдьар, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри иистэнэр, атын да көмөнү оҥорор дьоммут элбэх. Кинилэр бука бары бэйэлэрин баҕаларынан буор-босхо үлэлииллэр.