Бээрийэ нэһилиэгэр бөрө үөрэ дэриэбинэ чугаһынан киирбиттэрин, түүнүн дэриэбинэ таһыгар улуйалларын истэн олохтоохтор дьаарханалларын туһунан уонна Бээрийэ олохтооҕо Семен Васильев биэс бөрөнү бултаата диэн телеграм ханаалбытыгар таһааран турабыт. Ол эрээри, кэлин биллибитинэн, булчуттарбыт иккиэлэр эбит. Бу киһи эрэ ылсыбат, хорсун быһыыны оҥоро сылдьар дьоммутуттан биирдэстэрэ ис санаатыттан Таатта улууһуттан кэлэн көмөлөһө сылдьарын туһунан кэпсиим.
Биир дойдулаахпыт Петр Охлопков 1984 сыллаахха Суотту нэһилиэгэр төрөөбүт, онно улааппыт. Билигин күтүөт буолбут сиригэр Таатта улууһун Уолбатыгар олорор. Чааһынай бэкээринэлээх, маҕаһыыннаах урбаанньыт. Кини Бээрийэҕэ туох баар бултуур тэрилин, тиэхиньикэтин илдьэ кэлэн бөрөлөрү бултаһа сылдьар. Үлэлээх киһи Тааттаҕа бара-кэлэ сылдьар, өрөбүллэригэр бултуу Бээрийэлиир.
Саҥа саҕалааччы бөрөһүт булчут Петр Охлопков улууспутугар үөскээбит кыһалҕаны туоратыыга хайдах ылсыьбытын туһунан бу курдук кэпсээтэ:
– Бөрөнү бултуурга уһуйуллубутум үс-түөрт сыл буолла. Таатта улууһугар олорор биллэр бөрөһүт Иван Каприн уһуйбута. Уһуйааччыбыттан билигин да сүбэ-ама көрдүү олоробун, сырыы аайы балаһыанньа биир буолбат диэн бэлиэтиибин. Мин былырыыҥҥыттан бултаһан эрэбин. Былырыын Суоттуга бөрөлөр мэнээктээбиттэригэр дойдум туһугар тиийэн көмөлөспүтүм. Онно икки бөрөнү бултаабытым. Бөрөнү бултуур уратыта диэн «уһунньут» буолуоххун наада. Биирдэ-иккитэ сылдьан баран тохтоотоххуна – туһата суох. Эккирэтэ сылдьан, элбэхтик кэрийэн, тулуйан-тэһийэн кэтээн-манаан бултуоххун наада.
Сыырдаах киһитэ Баһылай Копырин «Улуус бөрөһүттэрэ» диэн бөлөх тэрийбитэ. Онно билсэн-көрсөн кэпсэтэбит. Былырыын Суоттуга бултуурбар элбэх хапкааны, «Буран», сыарҕа атыылаһан тэрээһин бөҕөнү тэриннэҕим дии.
Быйыл кыһын эмиэ Саҥа дьылга диэри Суоттуга кэтии сатаабытым – биир да бөрө кэлбэтэҕэ. Бултуур киһи, биллэн турар, хомойбутум. Онтон «Улуус бөрөһүттэрин» бөлөҕөр Семен Иванович Бээрийэҕэ бөрөлөр дэриэбинэҕэ киирээри ыксаппыттарын, бөрөҕө саҥа саҕалаан эрэрин туһунан уонна көмө көрдөһөн суруйбута. Онно тута: «Наадыйар буоллаххына, тэринэн техникабын илдьэ тиийиэм», –диэн эппитим.
Хара маҥнайгыттан иккиэн бултаан саҕалаабыппыт. Мин 45 хапкааннаахпын уонна Семен Иванович киэнинээн бэҕэһээ 37 хапкаан иитиллэ сытар диэн аахпыппыт, сороҕун саппааска туттабыт. Ону таһынан 20 туһах атыыласпыппыт. Онтуларбыт кэллэхтэринэ, барыта 60-ча тоһуурданыахпыт.
Билигин Бээрийэҕэ алта бөрөлөөх үөртэн биир бөрө хаалла. Ону таһынан өссө биир киирэр-тахсар үөр баар. Онон өссө да үлэбит салҕанар.
Бөрөнү бултаһар диэн наһаа үлэлээх, сыралаах буолар. Бүтүн нэһилиэк, өрөспүүбүлүкэ кыһалҕата буоллаҕа. Булка көҥүл ылыыга кумааҕы чааһыгар тустаах тэрилтэ үлэһиттэригэр эмиэ биир оччо үлэлээх буолар. Онон Уус Алдан улууһун экологияҕа кэтэбилин инспекциятын салайааччыта Семен Васильевка уонна кини үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин.
Мария Аргунова