Мин 1960 сыллаахха Лөгөй орто оскуолатыгар 7 кылааска киирбит күһүммэр, арай биир күн Бороҕонтон хамыыһыйа кэлэн оҕолору музыкальнай оскуолаҕа тала сылдьар диэн буолла. Кылааһым салайааччыта Мария Николаевна Петухова ыҥыран ылан: “Дьэ, эн, Ваня Бурнашев, туттарсан көр», – диэтэ. Хамыыһыйа дириэктэр хоһугар үлэлиир эбит. Онно тиийдим. Бастаан муусуканы төһө истэрбин бэрэбиэркэлээтилэр. Бэрэссэдээтэлинэн музыкальнай оскуола преподавателэ Нелля Николаевна диэн нуучча дьахтара этэ. Истэрим соччото суоҕа биллэр этэ, онон «үскэ» туттардым. Ол да буоллар мунньахтаан, сүбэлэһэн баран ылыллар буолбуппун биллэрдилэр.
Кэптэнигэ да гармошкаҕа, баяҥҥа оонньуур дьон бааллара. Кинилэри сүрдээҕин сэргээн, сөбүлээн истэрим. Ол курдук гармошкаҕа учуутал Вячеслав Федорович Афанасьев уонна Семен Константинович Бурцев оонньууллара. Оттон баяҥҥа Иван Бурцев (киномеханик) оонньуура, ону тэҥэ Иннокентий Готовцев (ырыаһыт Анастасия Готовцева аҕата) музыкальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан тахсан оскуола оҕолоругар оонньоон көрдөрөрө, ыллыыра. Кэлин хормейстер идэтин баһылаан, баяҥҥа оонньоон, ыллаан Уус Алдаҥҥа биллэр-көстөр култуура үлэһитэ буолбута. Кэргэнинээн Февроньялыын Кэптэни кулуубун сыанатыгар дуэттыыллара харахпар бу баар курдук көстөр. Онон муусуканы оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн истэр этим уонна биир дойдулаахтарым курдук баяҥҥа оонньообут киһи диэн баҕа санаа баара.
Музыкальнай оскуолаҕа ылыллыбыт киһи быһыытынан Бороҕоҥҥо киирдим. Онно нота грамотатыгар, сольфеджиоҕа үөрэтэн барбыттара. Ону таһынан музыкальнай литератураны, чуолаан улуу композитордар айымньыларын, олохторун-дьаһахтарын туһунан билиһиннэрэр этилэр. Онно биир түгэни өйдөөн хаалбыппын. Улуу композитор Бетховен кырдьар сааһыгар таас дьүлэй буолан баран музыкальнай айымньылары суруйбута диэн кэпсиир этилэр. Хайдах оннук эбитэ буолла диэн сөҕө-махтайа саныырым. Биһигини, музыкальнай оскуолаҕа ылыллыбыт оҕолору атын үөрэнээччилэри кытта илин икки куорпус интэринээт дьиэтигэр олордубуттара. Олорор куорпуспут көрүдүөрүгэр араадьыйа ыйанан турара. Онно сааһыары, муус устар 12 күнүгэр космоска Юрий Гагарин көппүтүн туһунан үөрүүлээх сонуну истэн турардаахпын. Үөрэхпититтэн барыы элбээбитэ. Нэһилиэктэртэн киирбит оҕолор үгүстэрэ үөрэх дьылын ситэ бүтэрбэккэ төннүтэлээбиттэрэ. Бүтэр уһугар Сидор Сивцевтиин (Дүпсүн) иккиэйэҕин хаалбыппыт.
Музыкальнай оскуолабыт социальнай көмүскэл управлениета үлэлии олорор дьиэтигэр этэ, оттон интэринээппит урукку гимназия турар сиригэр баара. Онно икки куорпуһунан олорорбут. Онон сарсыарда остолобуойга, билиҥҥи поликлиника оннугар турар дьиэҕэ кэлэн аһаан баран, Дьоруой Дьөгүөрэп туттарбыт икки этээстээх оскуолатыгар үөрэнэ барарбыт. Музыкаҕа дьарыкпытыгар эбиэт кэнниттэн сылдьарбыт. Ардыгар киинэ көрөөрү 4-тээх эбэтэр 6-лаах сеанска сылдьан остолобуойга киэһээҥҥибитин аһаан баран интэринээппитигэр тиийэрбит. Оннук сылдьан дэлби сылайан утуйар эрэ аатыгар барарым. Ол быыһыгар физкультура куруһуогар сылдьан күрэхтэһиилэргэ: саас хайыһарга, сайын, күһүн кросска кыттарым. Онон дьоммор Кэптэнигэ субуотаҕа эбэтэр баскыһыанньаҕа хайдах табылларынан ардыгар сатыы, сороҕор бэлэсипиэтинэн тиийэрим.
Маҥнай утаа баяҥҥа Губанов диэн преподаватель үөрэппитэ. Кини онно “Молдавский танец” диэн түргэн тэтимнээх уустук айымньыны биэрэн ыарырҕатаммын, сатаабаккабын мөҕүллүбүт да түгэннэрдээҕим. Оттон “Токкатиноны” уонна этюдтары, сиюталары син оонньуур этим. Музыкальнай оскуолаҕа үөрэммитим иккис сылыгар, 1962 с. балаҕан ыйыттан Софронов диэн уһун уҥуохтаах, хонтоҕор муруннаах преподаватель үөрэппитэ. Кини сүрдээх холку, култууралаах, интеллигентнэй киһи этэ. Бэйэтэ баяҥҥа оонньооботор да, сүрдээх грамотнайа биллэрэ. Ол курдук “Ивушка” диэн вальс нотатын илиитинэн суруйан биэрбитэ билигин да миэхэ баар уонна ол кини туһунан үчүгэй өйдөбүл буолар. Кини билигин ханна баара буолла диэн саныыбын. Софронов кларнетка оонньуур этэ уонна Бороҕоҥҥо оройуон кулуубугар духовой оркестр тэрийбитэ. Ол оркестр улахан бырааһынньыктарга оонньоон дьон сүргэтин көтөҕөрө.
Үһүс сылбытыгар биһигини оскуолаҕа буолар бэстибээллэргэ доҕуһуоллааччы быһыытынан кыттарбытыгар сорудахтаабыттара. Онон ыллыыр, үҥкүүлүүр оҕолорго муусукаларын оонньоон биэрэрбит. Аны субуота киэһэ оскуола иккис корпуһугар баянынан үҥкүү буолара. Онно Сидордыын солбуһа сылдьан оонньуурбут. Оччолорго вальс, танго муусукаларын, фокстрот “Черный кот” диэн ырыаны таһаарарбыт. Дьэ, манна биһиги көҥүллүк оонньуурбут. Музыкальнай оскуолаҕа мээнэ муусуканы уонна сахалыы ырыалары оонньуурбутун учууталларбыт нуучча буоланнар сөбүлээбэт этилэр. Онтон 1964 сыллаахха музыкальнай оскуола дириэктэринэн Ульяна Ефимовна Кычкина ананан кэлбитэ. Оччотооҕуга биһиги көрөрбүтүгэр саастаах, интеллигентнай, холку, намыын киһи этэ. Биирдэ миигин ыҥыран ылан: “Дьэ, кытаат, үчүгэйдик үөрэн. Эһиил үөрэххин түмүктүөхтээххин, онон “Ньургуһун” уонна “Сардаана” оҕо саадтарыгар доҕуһуоллааччы буолуоҥ, биһиги музыкальнай оскуола аатыттан мэктиэлиэхпит”, – диэбитэ. Онон сибээстээн мин сэтинньиттэн 11 кылааска үөрэнэр оскуолабыттан киэһээҥҥи “Үлэһит ыччат оскуолатыгар” көспүтүм. Онон икки оҕо саадыгар музыкальнай салайааччы быһыытынан ананан үлэлээбитим. Онно үөрэх дьыла бүтүөр диэри сылдьыбытым.
Мүрү киэһээҥҥи оскуолатын 1965 с. бүтэрэн баран, СГУ медицинскэй факультетыгар туттарсан киирбитим. Устудьуоннуур сылларбар баяммын кыбына сылдьарым. Икки сыл устата устудьуоннар үҥкүү ансаамбылларыгар муусуканан доҕуһуоллааччы буолбутум. Онно элбэх оҕо сылдьара. Кинилэр толорбут кубинскай үҥкүүлэрэ улахан биһирэбили ылан, оннооҕор Саха тыйаатырын сыанатыгар үҥкүүлэммитэ. Мин онно доҕуһуоллааччы быһыытынан кыттыбыт дьоллоохпун.
Дьэ, онон музыкальнай оскуолаҕа үөрэниим миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Ол кэмтэн ыла, төһө да 60-ча сыл аастар муусука мин олохпор мэлдьи баар, баяным билигин да арахсыспат аргыһым.
Иван Бурнашев
Сүрүн хаартыскаҕа СӨ норуодунай артыыһа Владимир Заболоцкай ыллыы турар. Ааптар дьиэтээҕи архыыбыттан