Атырдьах ыйын 29 күнүгэр С.С. Васильев-Борогонскай аатынан Киин библиотека ааҕар саалатыгар СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинэ» СӨ государственнай тэрилтэтин Уус Алданнааҕы филиалын тэрийиитинэн «Концепция центра компетенций по общей координации работы и методическому сопровождению психологических служб на территории РС(Я)» төгүрүк остуол буолан ааста.
Манна Дьокуускай куораттан филиал үрдүкү салалтатыттан директоры психологическай үлэҕэ солбуйааччы Октябрина Туприна уонна методическай-диагностическай отдел сэбиэдиссэйэ Анатолий Кузьмин кыттыыны ыллылар. Биһиги улууспутуттан бу киин маннааҕы филиалын кытары араас хайысханан бииргэ үлэлэһэр социальнай партнердар кытыннылар.
Ол курдук улууска общественнай үлэни киинниир улуус культураҕа управлениетын начальнигын солбуйааччы Лена Павлова, «Матери России» хамсааһын улуустааҕы салаатын салайааччыта Марианна Федотова, улуустааҕы дьахталлар сүбэлэрин салайааччыта Люция Аммосова, ыччат политикатын лидерэ Григорий Аргунов, үөрэхтээһин социальнай-психологическай сулууспатын салайааччыта Мираида Стрекаловская, опека уонна попечительство отделын сүрүннүүр специалиһа Варвара Тимофеева, дьарыктаах буолуу киинин специалиһа Екатерина Тарская уонна оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин стационарнай отделениетын сэбиэдиссэйэ Светлана Бурцева бэйэлэрин алтыһар өрүттэрин, бииргэ куолаан ыытар үлэлэрин сырдаттылар.
Кинилэр бары даҕаны оҕо, дьиэ кэргэн туһугар ис сүрэхтэриттэн быһаччы үлэлэһэ сылдьар дьон буолан, кэпсэтии аһаҕас уонна истиҥ тыыннаах буолла. Сүрүн иһитиннэриини оҥорбут Октябрина Туприна биһиги улууспут филиала биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэрин, филиал салайааччытын Саргылана Никитина үлэтин чорботон бэлиэтээбититтэн биһиги үөрдүбүт, астынныбыт. Октябрина Туприна бу республиканскай таһымнаах киин үлэтин саҕаласпыт улахан уопуттаах психолог буоларын саҥарар саҥата, үлэ ымпыгын-чымпыгын билэрэ, олоҕу кытары ситимниирэ, иһигэр киирэн дириҥник ырытара арылыччы көрдөрдө. Кини өссө бу хайысха сайдар тускулларын наһаа үчүгэйдик быһаарда уонна барыта сааһыланан ырылыччы сурулла сылдьарын көрдөрдө.
Биһиги кини олохпутун аймаабыт пандемия, ойуурбутун бараабыт улахан уот, билигин буола турар анал байыаннай дьайыы дьон уйулҕатыгар охсуутун кэпсээбитин болҕойон иһиттибит, бэйэбит санаабытын хардарыта атастастыбыт, баар кыһалҕалары ырытыстыбыт уонна олох төһөнөн сайдар да, бириэмэ ол аайы киһи уйулҕатын кытары үлэлэһэргэ саҥа ирдэбиллэри туруоран иһэр эбитин өйдөөтүбүт. Уопуттаах салайааччы «психологическай үлэ дирбиэнэ-дарбаана суох ыытыллыахтаах» уонна «социальнай эйгэ үлэтэ эрэли үөскэтиэхтээх» диэн дириҥ өйдөбүллээх этиилэри уратытык тоһоҕолоон бэлиэтээбитин дьолоҕойбутугар хатаатыбыт.
Түмүккэ ыалдьыттарбыт бүгүҥҥү төгүрүк остуолга билиһиннэрбит концепцияларын үөрэтэн көрөргө, бииргэ үлэлииргэ этии киллэрбиттэрин үөрэ-көтө ылынныбыт. Бэйэбит өттүбүтүттэн саха оҕотун, саха киһитин уйулҕатыгар сөп түбэһэр адаптированнай методикалар баар буолалларыгар уонна психологическай үлэни аныгы таһымҥа тэрийиигэ көмө оҥороллоругар көрдөстүбүт. Онон икки өттүттэн олус туһалаах, көдьүүстээх үлэ ыытыллыбытыгар тэрийээччилэргэ махтанабыт уонна үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт.
Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.