Уус Алдаҥҥа ытыы спорда сайдарын туһугар энтузиастар үлэлииллэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ Геннадий Оллонов буолар. Кини улууска ытыы федерациятын салайбыта хаһыс да сыла буолла.
– Ханнык баҕарар спорт көрүҥүн сайдыыта усулуобуйаттан улахан тутулуктаах. Урукку өттүгэр биһиэхэ анал тиир суох буолан спортинг көрүҥэр болҕомто ууруллан, ити көрүҥҥэ Николай Протопопов, Мичил Черкашин Россия спордун маастардара буоллулар. Билигин спорт дыбарыаһыгар тиир баар буолбута олус үчүгэй. Тренердэринэн Ольга Куличкина, Уйгулаана Бурнашева үлэлии сылдьаллар. Бу 10 м. уһуннаах олимпийскай көрүҥҥэ толору эппиэттиир тиир буолар. Онон бэстилиэтинэн да, саанан да ытарга толору кыах баар. Дьарыктанааччы да элбэх. Холобур, улахан дьоҥҥо күн аайы 10-тан тахса киһи кэлэр. Оҕолор эмиэ сэҥээрэр буолан эрэллэр.
Ытыы көрүҥэ наһаа элбэх. Итинтэн буулдьалаах ытыы олимпийскай көрүҥ буолар. Онон итиннэ улахан болҕомто ууруллара наада. Дьарыктанарга толору усулуобуйа баар буолла. Онон ытыы сайдар кэскиллэнэригэр эрэлбит улаатта.
Төрүт оҕунан ытыыга аҕыс оҕо уһуйуллар
Төрүт оҕунан ытыыга оҕолорго дьарык 2023-2024 үөрэх дьылыттан саҥа саҕаламмыта. Тириэньэринэн оҕунан ытыыга успуорт маастара Надежда Георгиевна Прокопьева буолар. Секцияҕа 7-11 кылаас үөрэнээччилэрэ – барыта аҕыс оҕо сылдьар. Биэс кыыс, үс уол. Быйыл Мүрүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Саяна Ушницкая оҕунан ытыыга маастарга кандидат нуорматын толордо. Атыттар «юношескай нормативы» толордулар.
Дьарык нэдиэлэҕэ үстэ, сүрүннээн үс чаас ыытыллар. Дьарыкка «Байанай бэлэҕэ» эрчиллиилэрин толороллор, 3D сыалы ыталлар. Оҕолор сайыҥҥы спартакиадаҕа бэлэмнэнэллэр, онно алта оҕо барыахтаах. Итиэннэ, 2025 сылга Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары оонньууларыгар икки оҕо кыттара ирдэниллэр.
Онон маннык улахан сыаллаах-соруктаах оҕолор дьаныһан туран дьарыктаналлар. Секцияҕа сылдьар оҕо саатын уонна оноҕоһун төрөппүт бэйэтэ атыылаһар. Спорт саалатыгар блок, классика саалар бааллар эрээри, ирдэбил быһыытынан анал үөрэхтээх эрэ киһи үөрэтиэхтээх. Оттон улахан дьоҥҥо баҕалаахтар бэйэлэрэ кэлэн дьарыктаналлар, Надежда Георгиевнаттан сүбэ-ама ылан көмөлөһүннэриэхтэрин сөп.
Мария Аргунова, Афанасий Копырин