Ытыктабыллаах аҕам саастаах көлүөнэбит дьоно-сэргэтэ!

Эһигини Уус Алдан улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан аан дойдутааҕы сааһырбыттар күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Эһиги көлүөнэ эдэр сааскыт дойдубут сайдыылаах кэмигэр түбэспитэ. Күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыккыт. Улууспут, өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан кылааккытын киллэрсибиккит. Билиҥҥи кэмҥэ, төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордоргут, эдэр ыччакка сүбэ-ама, наставник быһыытынан күүс-көмө буолаҕыт. Улууска буолар араас дьаһалларга актыыбынай кыттыыны ыларгытын астына бэлиэтиибин.

Тус бэйэҕитигэр уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр уһун дьоллоох олоҕу, кытаанах доруобуйаны, элбэх ситиһиилэри баҕарабын.

Василий Аммосов,

Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыга