Үйэ аҥаарын кэриҥэ, чопчу эттэххэ, 44 сыл Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлээбит, билигин 101 саастаах Матрена Гоголева Радиотумул түөлбэтигэр олорор дьиэтигэр күн бэҕэһээ ититии ситимэ холбонно.
Матрена Семеновна кыыһын дьиэ кэргэнин кытта олорор. Кыыһа Мүрү 2-с №+дээх орто оскуолатыгар эмиэ алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлиир Людмила Алексеевна, кини кэргэнэ оҕону эбии үөрэхтээһин «Өркөн» киинин педагога Афанасий Афанасьевич Карамзиннар буолаллар.
Ытык саастаах Матрена Семеновна бэрт дьэҥкэ өйдөөх, киһи сөҕүөх, хоп курдук кэпсиир-ипсиир. «Бүгүн дьиэбэр сайыҥҥылыы чараастык таҥнан олоробун», – диэн оҕолуу үөрэ көрүстэ, салгыы маннык кэпсиир:
– Бу дьиэҕэ 1995 сылтан олоробун, 80 сааспар диэри оһох оттон кэлбитим. Мас, чох, күл таһыыта, оһох манабыла диэни үчүгэйдик билэбин. Оттуу күүһүнэн сылаастык олордорбут да, түүнүн сөрүүн буолара. Кырдьаҕас киһи кыра да сөрүүнү билинэр буоллаҕым.
Бэҕэһээ ититии киллэрэннэр, түүн сып-сылаастык хоннубут. Сарсыарда эмиэ сып-сылааска уһугуннубут, улахан тымныыларга эмиэ маннык сылаас буоллар диэн баҕалаахпын. Ититии киирэр сонунун истэн быйыл дьиэбит иһин өрөмүөннээн, тупсаран сып-сырдык, сылаас дьиэҕэ олоробут. Өссө эһиил толору хааччыллыытын оҥоруохпут.
Биһиги түөлбэҕэ ититии киирэригэр үлэлэспит улуус баһылыга Василий Аммосовка уонна Мүрү нэһилиэгин быһылыгын эбээһинэһин толорооччу Прокопий Румянцевка махталым муҥура суох. Ититии эрэ буолбакка, улуус да нэһилиэк, үөрэх салалтатын өттүттэн бэлиэ күннэргэ да буоллун куруук болҕомтолорун ууралларыттан мин наһаа үөрэбин. Бу билигин да ититиини урут бастаан миэхэ холбоотулар. Дьэ, билигин дьонум да үлэлэригэр холкутук сылдьыахтара буоллаҕа.
Ытык кырдьаҕас хаһыатын кыбыммытынан олорор эбит: «Уһун күнү быһа тугу гыныахпыный? Хаһыат ааҕабын. Улууһум хаһыатын эргитэ сылдьан барытын ааҕабын, чуолаан улуус сонуннарын, үөрэх эйгэтигэр сонуннары, үлэһит дьон туһунан суруйуулары сэҥээрэбин», – диэн үөртэ.
«Бэтэрээни сурут» аахсыйабытыгар кыттыһан улуустааҕы үөрэх салалтатын исписэлииһэ Алена Шубина «Мүрү саһарҕата» хаһыакка кэлэр сыллааҕы сурутууну бэлэхтээбитин Матрена Семеновна үөрэ, махтана аҕынна.
Кэнчээри ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрбит сүҥкэн үтүөлээх уһун үйэлээх ытык кырдьаҕаспыт үөрүүтэ, махтала, этэҥҥэ нус-хас олороро истэргэ-көрөргө үчүгэйиэн!
Мария Аргунова