Бэлиэ күн. 2001 сыллаахха Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан бэс ыйын 8 күнэ социальнай үлэһит идэлээх күнүнэн биллэриллибитэ. Улууспутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэрис­тибэтин үс тэрилтэтэ бэйэ­лэрин хайысхаларынан үлэ­лии-хамсыы сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ – Елена Кривошапкина салайааччылаах социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ улуус­тааҕы управление. Кини салайар тэрилтэтин туһунан бу курдук билиһиннэрдэ: 

Социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ улуус­тааҕы управление үлэтин сүрүн хайысхата – ый аайы чэпчэтиинэн туһанар үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ыйдааҕы төлөбүрдэрин анааһын, ону кытта тэҥҥэ дьиэ кэргэттэргэ дохуоттаах буолалларыгар государство өйөбүлүн олоххо киллэрии.

Управление үлэтигэр сыл ахсын саҥаттан-саҥа сүүрээннэр, төлөбүрдэр, уларытыылар кии­рэллэр. Күн бүгүн Уус Алдан улууһугар 14 215 киһи федеральнай, өрөс­пүүбүлүкэтээҕи сокуоннарынан көрүллэр чэпчэтиинэн туһанар.

Хайысхаларынан аахтахха, быйыл:

  • социальнай хантараа­гынан бэйэ дьыалатын арыныыга барыта 16 киһи 6 270 000 солк. суумалаах көмөнү ылла; кэтэх хаһаайыстыбаны кэҥэтиигэ – 4 киһиэ­хэ холбоон 1 631 000 солк. көрүлүннэ, олоҕор ыара­хан балаһыанньаҕа түбэс­пит 10 киһи 772 675 солк. көмөнөн туһанна;
  • уон оҕону ииппит дьиэ кэргэн массыына ыларыгар государствоттан социальнай өйөбүл ылла;
  • 5-тэн элбэх оҕолоохторго дьиэ ылалларыгар улууспутуттан 98 дьиэ кэргэн өрөспүүбүлүкэтээҕи реестргэ турар буол­лаҕына, быйылгы торумнуур (предварительнай) испии­һэккэ 3 ыал уонна 50% харчынан ыларга 2 ыал киирдилэр;
  • 10 тыыл бэтэрээнигэр дьиэлэрин өрөмүөннүүллэригэр 30 тыһ. солк. суумалаах төлөбүр оҥоһулунна;
  • кырдьаҕастары дьиэҕэ ылан көрүүгэ (приемная семья) барыта алта дуогабар оҥоһуллан, кыр­дьаҕастар көрүллэ сылдьаллар;
  • чааһынай дьиэҕэ киинтэн ититии­гэ холбонууга 31 ыалга 3 592 387,15 солк. төлөннө.

Управление ыытар төлөбүрдэригэр кэккэ уларыйыылар киир­дилэр

  1. Байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар буойун дьиэ кэргэнэ дьиэтин киинтэн ититиигэ холботоругар дохуота ааҕыллыбат буолла.
  2. Сытар ыарыһахтарга, инбэлииттэргэ техническэй средстволары уларсарга (пункт проката) аһылынна.
  3. Биэстэн элбэх оҕолоох ыал дьиэ ыларыгар уочаратын кэтэспэт буоллаҕына, 50 % харчынан сертификаты ылыан сөп.
  4. Саҥа аһыллыбыт Намнааҕы кыр­дьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэлэрин баазатыгар «Передышка» диэн сытар, кыаммат ыарыһахтары, дьиэ кэргэттэрин сынньатан биир ыйга көрөр стационарга ыытабыт.

Управление иһинэн дьиэҕэ көмө отделениетыгар (сэбиэдиссэй Валентина Федорова) 31 социальнай үлэһит ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр көрүүлэригэр учуокка 220 кырдьаҕас уонна инбэлиит тураллар.

Ханнык баҕарар тэрилтэ киэн тутта ааттыыр үлэһиттэрдээх. Оннук дьонунан социальнай эйгэҕэ 30-тан тахса сыл үлэлии сылдьар Дария Пухова, Анна Бурнашева, 20-тэн тахса сыл ыстаас­таах Күннэй Давыдова, Сардаана Афанасьева, Анна Парников, Марфа Атласова, Тамара Исакова, Валентина Федорова, Наталья Винокурова, Варвара Бочкарева, Христина Васильева, Зоя Митрофанова курдук уопуттаах үлэһиттэр эдэрдэргэ холобур, наставник буолаллар .

Кыһамньылаах, эппиэтинэс­тээх эдэр үлэһиттэринэн буолаллар: Зинаида Григорьева, Марина Турантаева, Динара Прядезникова, Маайа Прибылых, Ирина Беркина, Айна Бурнашева.

Түгэнинэн туһанан, улуус бары социальнай эйгэҕэ үлэлиир үлэһиттэрин, управление кэлэктиибин бүтүн Россия үрдүнэн бэлиэтэнэр идэлээх бырааһынньыккытынан истиҥ-иһирэх тылынан этиллэр эҕэрдэбин тиэрдэбин. Куруутун бу курдук кырдьаҕастары, кыамматтары, дьиэ кэргэттэри кытта ситимнээхтик үлэлээн, дьон-сэргэ алгыһа эһиги олоххутун араҥаччылыы, арчылыы сырыттын!