Быйылгы сыл Россияҕа – Дьиэ кэр­гэн, республикаҕа – Оҕо саас, улууспутугар – Аҕа сылынан биллэриллибитэ. Кыр­дьык, олохпут барыта дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах диэн мээ­нэҕэ этиллибэтэ буолуо. Бүгүн сырдатар дьонум Өнөр нэһилиэгэр олорор дэгиттэр талааннаах, Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх дьоҕурдаах эдэр ыал Долгууна Кардашевская уонна кэргэнэ Өнөр нэһилиэгин ыччата – Данил Лыткин.

Долгууна Кардашевскайдар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Сүрдээх элэккэй, кэпсэтинньэҥ буолан, оҕолору кытта түргэнник уопсай тылы булара. Оскуолаҕа «Сиибиктэ» диэн үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыта, ырыа куруһуогар сылдьара. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ дизайнер-архитектор идэтин баһылыам диэн ыра санаалааҕа. Ити курдук дэгиттэр талааннаах кыыс­чаан күнүн оскуолаҕа атаарара. Ол баҕа санаата биир үтүө күн олоҕун тосту уларыппыта. Долгууна 10 кылаа­һы бүтэрэр сылыгар буолбута. Дьоно саҥа мотоцикл ылбыттарын ыытыах санаата баһы­йан, төрөппүттэригэр эппэккэ дьүөгэтинээн мотоциклы тэлгэһэттэн таһааран трасса суолугар киирбиттэрин билбэккэ да хаал­быттара. Бииргэ үөрэммит табаарыс оҕолорун көрсүбүттэрэ. Онтон тугу да өйдөөбөт гына улаханнык оһоллонон, куорат балыыһатыгар өр кэмҥэ комаҕа сыппыта. Быраастар: ”Эдэр буо­лан тыыннаах хаалла”, – диэбит­тэрин истибитэ. Бу ыарахан кэмҥэ төрөппүттэрин көмөлөрүнэн атаҕар турбута. Онтон ос­куолаҕа 11 кылааска дьиэҕэ үөрэнэргэ көһөрбүттэрэ. Үксүн балыыһаларынан эмтэнэн, 2009 сыллаахха оскуолатын үөрэ­нэн бүтэрбитэ. Оһол кэнниттэн улахан охсуу ылан, ЕГЭ-тин кыайан туттарбатаҕа. Дьокуускайга реабилитационнай лицейгэ социальнай үлэһит үөрэҕэр үөрэммитэ, салгыы парикмахер идэтин баһылаабыта. Ыал буолан биир кыыс оҕоломмута. Эбэлэрэ ал­гыс­­таах буоллун диэн Алгыстаана диэн ааттаабыта. Хомойуох иһин, кэргэнинээн майгылара тапсыбакка арахсыбыттара.

Ол кэнниттэн быстах үлэлэргэ үлэлээбитэ. 2018 с. Данил уолу кытта билсэн эһиилигэр Өнөр нэһилиэгэр сүктэн кэлбитэ. 2021 с. уол оҕоломмуттара. Эһэтэ эр хоһуун буоллун диэн Эрхан диэн ааттаан диэбитэ. Данил Егорович сүрдээх сэмэй үлэһит уол Ксения, Егор Лыткиннар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Эдэр ыал холбоһоот, саҥа дьиэ туттан киир­биттэрэ. Данил уруһуйдуур, уһанар дьоҕурдаах буолан, дьиэ­тин бэйэтин илиитинэн аныгылыы тупсаҕай гына туппута, маһынан араас фигуралаах гына оһуордаабыт оҥоһуктара киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ көстүүлээх. Данил Лыткин кыра эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллэн улааппыт, туохтан да иҥнибэт үлэһит уол билигин киин котельнайга дьулуурдаахтык үлэлии сылдьар. Олоҕун аргыһа Долгууналыын бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн эйэ дэмнээхтик олороллор. Куруутун кэрэни, сырдыгы ыралаан биэрэр эдэркээн ыал.

Долгууна Кардашевская ки­йиит буолан кэлиэ­ҕиттэн, нэһи­лиэк общественнай олоҕор ак­тыыбынайдык кыттыбыта. «Кэрэни кэрэхсиир мааны кийиит» диэн улуустааҕы кийиит­тэр куонкурустарыгар “Арылы Хотун” анал ааты сүкпүтэ. «Дьүөгэ» ырыа ансаамбылын актыыбынай кыттааччыта буолан, Василий Федоровка ырыаҕа дьарыктанан араас хабааннаах куонкурустарга, ырыа күрэһэр миэстэлэһэн үөрэр-көтөр. Быйыл «Культура бастыҥ актыбыыһа”, “Ымыылаах ыллык­тар” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа конкуруһугар 2-с ст. лау­реат аатын ылбыта. 2023 с. «Иитиллибит алааһым» баянынан ырыа күрэһигэр «Көрөөччү биһирэбилин» анал аат сүктэриллиби­тэ. «Икки сулус» ырыа куонку­ру­һугар 1 ст. лауреат аатын ыл­быта. Нэһилиэгэр «Сайда тур, сахалыы ырыа» күрэскэ 2-с үр­дэлгэ тиксибитэ. «Ырыа – мин дьылҕам» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куон­куруһугар кыттыбыта. «Дьиэ кэргэн – олох төр­дө” диэн нэһи­лиэктэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельность көрүү-бэсти­бээлигэр лауреат буол­бута. «Кэрэ ситим – кыыс оҕо ийэтинээн» куон­куруска Долгууна кыыһынаан Алгыстаана­лыын «Мааны Куолар» диэн анал аакка тиксибиттэрэ. Кыыһа сэмэй, на­рын Алгыстаана уруһуйдуурун, ас астыырын сөбүлүүр. Долгууна бэртээхэй асчыт, кэрэни үксэтэ турар үтүөкэн хаһаайка. Иллэҥ кэмигэр оҕуруонан цепочка, браслет, ытарҕа тиһэн оҥорор, бэйэтигэр кыра суумка тиктибитэ, сахалыы сиэринэн хаһаайыстыба тутан, сүөһү-ас ииттэн үлэлии-­хамсыы сылдьаллар.

Маннык талааннаах эдэр ыал дойдубут аатын ааттата турдун диэн алгыс тылбытын аныыбыт.

Читайте дальше