Бүгүн эһиэхэ, Уус Алдан улууһугар, Аҕа сыла биллэриллибитинэн, Уус Алдан улууһун, Өнөр нэһи­лиэ­гин бочуот­таах олохтооҕо, «Дүпсүн» соп­хуос­ка хара үлэҕэ дьулуурдаах үлэтинэн чөмпүйүөн тыраахтарыыс аатын сүкпүт, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ­лээх СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна нэһилиэк дьонун-сэр­гэтин ытыктабылын ылбыт Аркадий Лукачевскай туһунан сырдатыам.

Кини аҕата Дмитрий Лу­ка­чев­скай холкуос-сопхуос саҕана тутуу үлэтигэр дьоҕурдааҕынан сураҕырбыт киһи этэ. Бөһүөлэккэ кини илиитин күүһүнэн элбэх саҥа дьиэ тутуллубута, оһохчут үтүө аатын сүкпүтэ, олохтоохтор ытыктабылларын ылыан ылбыта. Ийэтэ Мария Колодезникова интэринээккэ поварынан үлэлээбитэ. Кини элэккэй, сымнаҕас майгылаа­ҕа, түргэн туттунуулаах үлэһит бэрдэ, куруутун минньигэс астаах буолара, онно олорбут оҕолор билигин да күндүтүк ахталлар.

Лукачевскайдар биэс кыыс, биир уол оҕону төрөппүттэрэ. Аркадий 1963 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр күн сирин көрбүтэ, оҕо сааһа Өнөр нэһилиэ­гэр ааспыта. Соҕотох уол оҕо буолан, эдьиийдэрэ мааны­лаан-таптаан көрбүттэрэ, ордук улахан эдьии­йэ Нюта көрөн-истэн улаатыннарбыта. Аркадий уол 1978 сыллаахха Өнөр аҕыс кылаастаах оскуо­латын бүтэрэн, Дүпсүн орто оскуолатын 1980 сыллаахха бүтэрээт, «Дүпсүн» сопхуоска үлэлии хаал­быта. Эдэр сааһыттан тимир көлө ыарахан үлэтигэр мискиллибитинэн барбыта. Оччотооҕу сэбиэскэй кэмҥэ сарсыарда 4-5 чаастан, эрдэттэн сопхуос үлэтэ күөстүү оргуйара. Тыраахтарыыс саамай тутаах киһинэн буолара, бэйэ­тин курдук үлэҕэ дьаныар­даах үлэһит уолаттары кытта табаарыстаспыта. Ол курдук Дмитрий, Данил, Аркадий Ушницкайдары кытта бииргэ үлэ­лээбиттэрэ. Кыһыҥҥы күн аам-даам тымныытыгар фермаҕа кэбиһиилээх оту таһалла­ра, балбаах тиэйэллэрэ. Ол сылдьан тимир көлө алдьанара кэм­нээх буолуо дуо? Аркадий уол хара үлэттэн толлон турбат сытыы-хотуу, түргэн-тарҕан туттунуулаах буолан, тыраахтарын өрөмүөннээн механик курдук туга алдьаммытын билэ охсон оҥорон, үлэлии барбыта эрэ баар буолара. Арааһа аҕатын удьуордаан, былааннаах үлэтин толоро охсоро, ол эрэ буолуо дуо, аны нэһилиэккэ оттук мас, тутуу маһын кэрдэн таһыыта кинитэ суох буолбата, мууһу кытта таһара. Сайын алаастан алааска көһө сылдьан от оттоон, итиигэ буһан-хатан эдэр сааһа биллибэккэ ааспыта.

Аркадий Дмитриевич олоҕун аргыһа Найахыттан төрүттээх Мариялыын 1986 сыллаахха ыал буолбуттара. Эдэр ыал дьиэ туттан, сүөһү ииттэн ил-эйэ дэмнээхтик олорбуттара номнуо 38 сыла буолбут. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ саҕаламмытыгар Аркадий толлон турбатаҕа. Нэһилиэгин дьону­гар мас кэрдэн, оттук, тутуу ма­һын таһара. Бу уустук кэмҥэ олохторугар даҕаны барыта үчүгэй буолбатаҕа. Эмискэ этиҥ эппитинии, уоллара ууга былдьанан суорума суол­ланан, ыар сүтүктэммиттэ­рэ. Аркадий Дмит­риевич аҕа баһылык быһыытынан кытаанах санаатын олох ыһыктыбатаҕа, дьиэ кэргэнин оҕолорун атахтарыгар туруораары күүһэ кыайа­рынан үлэлээбитэ. Онтон бэ­­йэни салайыныы кэмэ кэлбитигэр Мариялыын хотоннорун кэҥэтэн, сүөһүлэрин элбэтэн 2004 сыллаахха тыа хаһаайыс­тыбатыгар чааһынай ИП тэринэн, сайынын үүт туттаран дохуоттанан үлэлээбитинэн барбыттара. Мария Пантелеймоновна ыарахан үлэҕэ көхтөөх үлэһит буолан, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр айылҕалаахтар. Иллээх дьиэ кэргэн түөрт оҕо, аҕыс сиэн үөрүүтүн билэллэр. Оҕолор бары үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр. Улаханнара Эльвира, Иван Лыткиннар биэс оҕолоох­тор, иккиэн үрдүк үөрэхтээх юристар. Анна экономист, Егор тутуу инженера, Афанасьевтар икки оҕолоох­тор. Дмитрий Лукачевскай юрист идэлээх, Мария Лукачевская медик, биир оҕолоох. Били­гин тыа хаһаайыс­тыбатыгар чаа­һынай тэрилтэлэрэ кыаҕын ылан, дьиэ кэргэн оҕолоро да кэ­лэн күүс-көмө буолаллар. Сыл аайы улуустааҕы тыа хаһаа­йыстыбатын дьаарбаҥкатыгар ситиһии өрөгөйүн билэллэр. Нэһилиэккэ 2021 сылга «Сыл бастыҥ урбаанньыта » уонна 2022 сылга «Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ» үрдүк ааттара Мария Лукачевская­ҕа туттарыллыбыта. Былырыын «Идэһэ» дьаарбаҥкаҕа 1-кы степеннээх диплом, «Тыа хаһаайыс­тыбатыгар үчүгэй көр­дөрүүтүн иһин” грамота туттарыллыбыта.

Аркадий Лукачевскай нэһилиэк олоҕор куруук күүс-көмө буолар, суол оҥоһуутугар бэйэ­тин күүһүнэн күһүн, саас айан суолун астаран кэҥэтэн оҥорор. Суол алдьаннаҕына: «Аркадийбыт хаһан суолу астарар», – дэһэбит. Айан суола оҥоһуллубут буоллаҕына, «Аркадий астарбыт», – диэн үөрэбит, махтанабыт. «Үлэһит киһиттэн үлэ арахсыбат» диэн өбүгэлэрбит мээ­нэҕэ эппэтэхтэрэ, маннык үлэһит дьон баар буолан нэһилиэкпит сайдар буоллаҕа.

Варвара Парникова–Үүйэ, уопсас. кэрэсп.