Үтүө киһи Лаврентий Новогодин туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

Бүгүн 90-с сыллар саҕаланыыларыгар улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хаалар, үтүөнэн ахтыллар гына таһаарыылаахтык үлэлээбит Лаврентий Новогодин туһунан кинигэ сүрэхтэннэ.

Кинигэни кэргэнэ РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, айылҕа харыстабылын туйгуна, спорт ветерана, Мүрү нэһилиэгин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Варвара Новогодина, кыргыттара көмөлөөн хомуйан, аҕаларын, эһэлэрин аатын үйэтиттилэр, бүгүн оруобуна төрөөбүтэ 80 сылыгар сөп түбэһиннэрэн аймахтарыгар, үөлээннээхтэригэр, үөрэппит оҕолоругар, бииргэ үлэлээбит, чугастык алтыспыт дьонугар билиһиннэрдилэр.

Кинигэни сүрэхтиир ахтыы тэрээһин бэрт истиҥник, элбэх киһи кыттыылаах ааста, онуоха кыттыбыт, тыл эппит дьон бары Лаврентий Иванович киһи быһыытынан олус холку, сэмэй, толкуйдаах, үлэтигэр ирдэбиллээх, үлэни кыайыгас-хотугас, тэрээһиннээх салайааччы, дьиэ кэргэнигэр амарах аҕа, тапталлаах кэргэн, истиҥ доҕор эбитин, онон бары өттүнэн холобур буолар киһи олорон ааспыта диэн аҕыннылар. Кини туһунан киэҥ эйгэҕэ, чуолаан билиҥҥи салайааччыларга, баһылыктарга, ыччакка сырдатыы, аатын үйэтитии хайаан да наада этэ диэн бэлиэтээтилэр.

Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Василий Аммосов, Лаврентий Новогодин бииргэ төрөөбүттэрэ үлэ ветерана, сэрии сылын оҕото Петр Иванович Новогодин, педагогическай үлэ ветерана Анна Ивановна Новогодина, о.д.а. аймахтара, 80–90-с сылларга оройуон, улуус салалтатыгар үлэлээбит ытыктанар салайааччылар күндү ыалдьыт буоллулар.

Бу кинигэ улууспутугар биллэриллибит Аҕа сылыгар, ону сэргэ Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар Новогодиннар дьиэ кэргэҥҥэ эрэ буолбакка, улуус дьонугар-сэргэтигэр, улуус историятыгар үйэлээх бэлэх буолла.

Диана Седалищева