Сэбиэскэй кэмҥэ «Дүпсүн» сопхуос Өнөрдөөҕү отделениетыгар өр сыл ыанньыксытынан дьулуурдаахтык үлэлээбит дэгиттэр дьоҕурдаах Петр Протопопов туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
Кини ийэтэ Анна Черноградская «Октябрь» холкуоска ыанньыксыттаан, аҕата Николай Протопопов тутуу үлэтигэр талааннаах киһинэн биллэрэ. Протопоповтар уон оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Бүөккэ 1957 сыллаахха төрөөн, ойор күннээх оҕо сааһа Өнөргө ааспыта. Сүрдээх сытыы-хотуу, эйэҕэс уолчаан убайын Коляны батыһан хара үлэҕэ эриллэн улааппыта.
Петр Николаевич 1974 сыллаахха Дүпсүн орто оскуолатын бүтэрээт, «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн хамсааһынынан комсомольскай путевканан бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта Өнөр отделениетыгар субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлии тахсыбыттара. Агаша Куличкина, Аня Сергеева, Маша Атласова, Аня Копырина уонна бииргэ төрөөбүт убайа Коля буолан ыччат ферматыгар хара үлэҕэ буһан-хатан, олох укулаатыгар үөрэнэн фермаҕа эбии аһылык оҥорон сүөһүлэрин аһаппытынан бараллара. Саах күрдьүүтүн, от түҥэтиитин эдэр буолан ыллыы-туойа үлэлээн күннэрин бүтэрэллэрэ. 1980 сыллаахха «Чубучааны» ыччат-комсомольскай ферматыгар ыанньыксыттыырыгар 17 ынаҕы туттаран эдэркээн уол үлэ үөһүгэр түспүтэ. Үлэһит уолу бэлиэтии көрөн, дьаһалта бу фермаҕа старшайынан аныыр. Манна 12 сыл старшайынан үлэлиир.
Петр Протопопов дьону бэйэтигэр түмэ тардар дьоҕурдааҕа. Бары биир киһи курдук коллективнай бэдэрээтинэн үлэлээн, үүтү ыаһыҥҥа үрдүк көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар сылдьыбыттара. 1990 сыллаахха биир фуражнай ынахтан 2 331 кг үүтү ыыры ситиспиттэрэ, бу сыл Петр Николаевич Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан соц.куоталаһыыларыгар кыайан, улуус делегациятын састаабыгар киирэн кыттыбыта. Ыанньыксыттыы сылдьан партияҕа чилиэнинэн киирэр, олохтоох сэбиэт, райсовет депутатынан, райкомол, райком пленумун чилиэнинэн талыллан үлэлии сылдьыбыта. Бүөккэни хомсомуол бастакы сэкирэтээринэн талбыттара, Еля кыыс оччолорго иккис сэкирэтээринэн үлэлиирэ. Дэлэҕэ, “биһигини хомсомуол холбообута” диэхтэрэ дуо? Турбут-олорбут сытыы Бүөккэ уол мунньахха саҥарбыт-иҥэрбит Елена кыыстан олох хараҕа арахсыбат этэ. Бука дьылҕалара таайан, 1980 сыллаахха холбоһон эдэркээн ыал дьиэ туттан, оҕо төрөтөн, эйэ-дэмнээхтик бииргэ өр сылларга дьоллоохтук олордохторо.
Олоҕун аргыһын кытта фермаҕа бииргэ үлэлээбиттэрэ. Елена Афанасьевна ыанньыксытынан, онтон техник-осеменаторынан үлэлээн, хара үлэттэн толлон турбат дьаныардаах үлэһиттэр буолан, олох ыарахаттарын билбэккэ аһарыммыттара. Фермаҕа күнүстэри-түүннэри ынах төрөөһүнүгэр тэҥҥэ сылдьан кэлэн баран, аны бэйэлэрин сүөһүлэрин көрөллөрө, онон оҕолор бэйэлэрин көрүнэ улааппыттара. Улахан уол быраатын, балыстарын көрсөрө. Протопоповтар биэс оҕону төрөппүттэриттэн Нарыйалара кыра сааһыгар ыалдьан күн сириттэн күрэммитигэр олох салҕанар күүстээх диэн санааны ылынан үлэттэн дьоллонон, оҕолорун иитэн атахтарыгар туруорбуттара.
Петр Николаевич оҕуруоччут бэрдэ, байанайдаах булчут. “Кэргэним Елена дьолбор түбэспит киһим эбит”, – диир. Түөрт оҕо үөрүүтүн, уон сиэн минньигэһин билэллэр. Улахан уол Олег кэргэнэ Сардана Степановна оҕо саадыгар иитээччи, үс оҕолоохтор. Игорь, бастакы кэргэниттэн икки оҕолоох, иккис кэргэнэ Сардана Аркадьевна почта үлэһитэ, үс уол оҕолоохтор. Күннэй рекламнай тэрилтэҕэ үлэлиир, кэргэнэ Виктор Иванович ЫБМ-ҥа үлэлиир, икки оҕолоохтор, кыра уол Максим аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар. Уолаттар арааһа эһэлэрин удьуордаан тутуу үлэтигэр сыстаҕастар. Ол курдук Петр Протопопов 1989-90 сс. кэлэктиибинэй бэдэрээччитинэн бэриниилээхтик үлэлээн, салайан ситиһии өрөгөйүн билбиттэрэ. 1987 с. Москваҕа Петр Черноградскай, Афанасий Афанасьев буолан путевканан сынньанан кэлбиттэрэ. Эһиилигэр «Чубучааны» ферматын кэлэктиибэ Москваҕа 1989 сылы көрсүбүттэрэ. Бүөккэ кэргэнинээн, Прасковья Атласова, Аркадий Бурнашев, Александр Рожин, Дмитрий Куличкин, Василий Стручков, салайааччы Андрей Сергеев барбыттара. Петр 1989 с. ынаҕы дуойканан ыаһыҥҥа бастыҥ кылаастаах маастар аатын сүкпүт 12-с пятилетка ударнига, нэһилиэгиттэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын киллэрсибитин иһин бэлиэнэн, улууһуттан бочуотунай грамоталардаах, СӨ Ил Түмэниттэн наҕараадаламмыта.
Ити курдук Протопоповтар дьиэ кэргэттэрэ үлэттэн дуоһуйууну, олохтон дьолу уһансан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Варвара Парникова–Үүйэ, уопсас. кэрэсп.