Галина Алексеевна Рожина аҕата Алексей Михайлович Рожин Дүпсүҥҥэ “Кыһыл муннук” холкуоска Ампаардаах сайылыкка 1917 сыллаахха төрөөбүтэ. Алексей Михайлович “Коммунизм” холкуоска Найахыга бухгалтерынан ананан үлэлии кэлбитэ. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа 1941 сыллаахха сэриигэ кыттан баран 1947 сыллаахха кэлэр, үлэ фронугар сылдьар. Ийэтэ Мария Федотовна 1930 сыллаахха Уус Алдан Бээдитигэр күн сирин көрбүтэ. Алексей Мариялыын ыал буолан тоҕус оҕолоноллор. Элбэх оҕолоох ыал Найахыны сөбүлээн, оҕолор оскуоланы бүтэрэн, дьиэ-уот туттан билигин дьоһун-мааны ыал.
1973 сыллаахха Галина Алексеевна Найахы оскуолатыгар биэс сыл учууталлыыр, онтон ыал буолан Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр көһөр. 1987 сыллаахха Магадаҥҥа кэтэхтэн үрдүк үөрэҕи бүтэрэр. Начаалынай кылаас учууталынан, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан, социальнай педагогунан өр сылларга үлэлээн, 2011 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ “Год заместителя директора” Куубагынан бириэмийэлэммитэ. 2005 сыллаахха иккис үрдүк үөрэҕин Москватааҕы институтка “Социально-педагогические проблемы сельской школы ФАО” социальная психология үөрэҕи бүтэрэр.
Нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэр олохтоох мусуойу тэрийэн, нэһилиэк олоҕор актыыбынай үлэтин иһин Үөһээ Бүлүү Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолар. Отут сыл Дүллүкүгэ олорон баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан Найахыга көһөн кэлэн дьиэ-уот туттан олорор. Галина Алексеевна дэриэбинэ уопсастыбаннай олоҕор актыыбынайдык кыттан, нэһилиэк дьокутаатынан иккис ыҥырыыга талыллан, дьон-сэргэ ытыктабылын ылла. Билигин Галина Алексеевна учуутал, психолог быһыытынан оскуоланы кытта сибээһи ыкса тутуһар. Ыччаттарга, үөрэнээччилэргэ сахалыы сиэри-туому тутуһууга өбүгэ үгэһигэр көмүлүөк оһохтон саҕалаан айылҕаны харыстааһыҥҥа сахалыы тыыҥҥа, иискэ, сиэрдээх буолууга дьыссаат оҕолоругар кытта былааннаах үлэни ыытар.
Уһук Илиннээҕи «Дууһабынан эдэрбин», түмсүү, Үрүҥ көмүс волонтердар, «Утум» уопсастыбаннай түмсүү салайааччытынан Найахы нэһилиэнньэтин бары араҥатын хабан үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эйгэ» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Валентина Васильева салалтатынан үлэ былааннаахтык барар. Анал байыаннай дьайыыга маскировкаланар сетка, ичигэс таҥас тигэн, «Илии сылааһа» диэн иистэнэр сыахха түөрт киһи баран үөрэнэн кууркалары, ыстааннары, үрүксээктэри тигэргэ үөрэннилэр. Эти-хааны эрчийиигэ, доруобуйаны тупсарыыга, матырыйаалынай көмөнү оҥорууга, араас тэрээһиннэргэ актыыбынай көмөнү оҥороллор. Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга, көмө-сүбэ тэрилтэ иһинэн барар. Ону тэҥинэн эбэлэр сахалыы тылынан оҕону саҥарда, кинигэҕэ интэриэстээх буоларга үөрэтэллэр.
Галина Алексеевна актыыбынай үлэтин иһин «Волонтер сайдыытыгар кылаатын иһин» ыччат министиэристибэтин, «Народное признание», «Эйгэ» уопсастыбаннай түмсүүтүн, Арассыыйаттан Юлия Мальцева илии баттааһыннаах, «Молоды душой» тэрилтэ махтал суруктарын ылла. Найахыга «Үһүс саас оскуола» филиала, ону тэҥэ «Симэхтэр» түмсүү 2012 сыллаахха тэриллибитэ (сал. Харитина Гоголева), бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт Найахы Далбар хотуттара мустаннар, иискэ дьарыктанан барбыттара. Түмсүү иһинэн араас хайысхалаах куруһуоктар үлэлииллэр. Ол курдук «Кыл-сиэл абылаҥа» — Харитина Гоголева, «Кырадаһын кустуга» — Мария Федорова, «Туос тойуга» — Маргарита Пестерева, «Сахалыы остуол оонньуулара» — Мария Ушницкая, «Эбээ үөрэҕэ» — Галина Рожина, «Дьүөгэ» ырыа ансаамбыла — Сардана Харитонова, «Күбэйэ» — Мария Лебедкина (үҥкүү ансаамбыла), Александра Парникова (валяние), Альбина Колесова (дэйбиир), Любовь Готовцева (хомуска) ыыталлар.
«Учууталлар Учууталлара», психолог Галина Алексеевна куруһуоктар былааннарын, сыалларын-соруктарын көмпүүтэргэ киллэрэн, дьону кытта уопсай тылы булан быыстапкаларга, бэстибээллэргэ араас таһымнаах күрэстэргэ кытыннарар. Ол түмүгүнэн «Симэхтэр» бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэргэ биэс иистэнньэҥ үлэтинэн кытыннылар. Суздаль куоракка кыбытыгынан тигиигэ кыттан Маргарита Пестерева уонна Харитина Гоголева үлэлэрэ Италияҕа быыстапкаҕа талыллан кыттыбыттара. 2017 сылтан саҕалаан Саха сирин уус-уран оҥоһуктарыгар «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа сыл аайы кытталлар. Иистэнньэҥнэр биэс сыллаах үбүлүөйдэригэр СӨ норуодунай худуоһунньуга Анна Зверева маастар кылаас көрдөрбүтэ. Декоративнай-прикладной ускуустубаҕа норуот маастара Людмила Жиркова иистэнньэҥнэри кытта сибээһин быспат сүбэ-ама биэрэр.
Галина Алексеевна иистэнньэҥнэри кытта тэҥҥэ дьарыктанан кылынан, сиэлинэн сэлээппэлэри, дьахтар кэтэр киэргэллэрин, эр киһи курун, дэйбиирдэри, олбоҕу, харысхаллары, туоһунан саламаны оҥорор. Кини «Симэхтэргэ» көмөтүн таһынан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар далааһыннаах үлэни ыытар. «Үһүс саас оскуола», «Утум» түмсүү салайааччыта уонна «Эйгэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү бырабылыанньатин чилиэнэ. Найахы нэһилиэнньэтигэр уопсастыбаннай үлэҕэ актыыбынай үлэтин сыаналаан, Ил Түмэн грамотатынан наҕараадаламмыта, дьахталлар 15 сьезтэригэр дэлэгээтинэн талыллыбыта.
Ыал аҕа баһылыга Михаил Тарасов каадырабай булчут, сылгыһыт холкуос, сопхуос үлэһитэ, дуобатчыт. Кыыстара Мария терапевт быраас, Дьокуускайдааҕы нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыытын сэрэтэр киин отделын сэбиэдиссэйэ. Мария кэргэнэ Иван Дьячковскай тутааччы инженер. Оҕолордоохтор, сиэннээхтэр. Уоллара Михаил энергетик, “Якутэнерго” учаастакка маастарынан үлэлиир, кэргэнэ Мария Анатольевна инженер-теплофизик. Үлэни өрө тутар, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү эрэ баҕарар, үрдүк култууралаах Галина Алексеевнаҕа доруобуйаны баҕаран туран, чугас дьоҥҥун дьол, үөрүү арыаллаатын диэн алгыс тылбын аныыбын.
Галина Борисова – Толбооно, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы