Быйылгы сайыммыт бэс ыйыгар ардаабакка, кураан, итии күннэр тураннар туораахтаах культура үүнүүтүгэр мэһэйдэри үөскэттэ. Туораах­таах культура 1311 82 гектар ыһыллыбыта. Мантан 277 59 га сэ­лиэ­һинэй, 1034 23 га эбиэс. Хаһаайыстыбалар “Туймаада”, “Приленская 19” сэлиэ­һинэй, “Виленская” эбиэс көрүҥнэрин ыһыынан дьарыктаналлар. Бу көрүҥнэри республикабыт учуонайдара айан таһаарбыт буоланнар, олохтоох усулуобуйаҕа төһө да кураан күн-дьыл турдар, сааскы өттүгэр сииги куоттарбакка, минеральнай уоҕурдууну киллэрэн технологияны тутуһан ыстахха орто үүнүүнү биэрэллэр.

Улууска “Биэттэ-агро” ХЭТ, “ИП Илларионов” КФХ респуб­ликаҕа анал сиэмэ хаһаайыс­тыба быһыытынан үлэлииллэр. Суперэлита, элита, репродук­ционнай сиэмэни ыһаннар, сааскы ыһыыга улуус, республика хаһаайыстыбаларыгар, зерновой хаһаайыстыбаларга элитнай сиэмэни, сүөһү аһын культуратын ыһааччыларга репродук­ционнай сиэмэни атыылаан хаач­чыйаллар.

Быйылгы сылга “Саһылы­каан” кооператив салайааччыты­нан Владимир Бурнашев үлэ­тин сүрдээх тэтимнээхтик, хаа­чыстыба­лаахтык оҥорон, төһө да болдьоххо кыратык хо­йутаатар, орто үүнүүнү ылар ту­руктаах. Бу кооператив комбикормовай со­буокка уонна сылгы аһылыгар зернофураж атыылыаҕа.

Барыллааһын быһыытынан, улуус үрдүнэн 1400 тн сиэмэ хомуллара сабаҕаланар. Быйылгы сылга хомуур үлэтин “Биэттэ-агро” ХЭТ атырдьах ыйын 10 күнүттэн “Туймаада” сэлиэ­һинэйтэн саҕалаата. Хомуур икки күнүн түмүгүнэн, атырдьах ыйын 12 күнүгэр 51 гектар хомуллан, 70 тн сиэмэ ыскылаакка киирбитэ. Арыый эрдэ хомуйуу – туруйалартан былдьаһан, сиэмэ ситтэ эрэ кэтии сылдьан сыыйа хомууру ыытыахтара. Кэмигэр хомуйбакка хойутаатаххына туруйалар сиэн, тэпсэн үүнүүтэ суох хаалыаххын сөп.

Маны таһынан “Биэттэ-агро” ХЭТ элбэх сыллаах от сиэмэтин ыһан, ол сиэмэтин хаһааныыга үлэлэһиэҕэ. Быйыл 50 га сиргэ элбэх сыллаах оту от ыйын 15 күнүгэр ыспыта. Аны бу күннэргэ “Озимай” оруос сиэмэтин ыһыаҕа.

Бу барыта улууспутугар сааскы ыһыыга эбиэс, элбэх сыл­лаах оттор сиэмэлэринэн 100% бэ­йэбит хааччынарбытыгар туһуланар. Күһүҥҥү хомууру ха­һаайыстыбаларбыт сиэмэ ситиитин кэтии сылдьан, сүтүгэ суох хомуйуохтара диэн эрэнэбит.

Прокопий Белолюбскай, Уус Алдан улууһун кылаабынай агронома