Саха сиригэр ыһыах ытык күнүгэр 1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа уратылаах көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук нэһилиэк бэтэрээннэрин сүбэтэ (сал. С.И. Бочкарева) уонна Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругун «Көмүлүөк» бэтэрээннэр кулууптара (сал. А.А. Михайлова) сахалыы тыыннаах тэрээһиҥҥэ түмүстүлэр.
Дьоһун ыалдьыттар кимнээхтэрий? Анна Аморосьевна Михайлова, Диана Нестеровна Томская, Лидия Дмитриевна Иннокентьева уонна Аркадий Николаевич Семенов. Кинилэр бары саастарын тухары иитээччинэн, учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ эбиттэр.
Көрсүһүү сүрүн сыала тыа сиригэр уонна куоракка олохтоох саастаах дьон интэриэстэрин холбуур ситими олохтооһун. Айылҕа саамай ситэн силигилээн турар кэмэ – бу саха дьонун саамай күүтүүлээх кэмэ. Дьэ маннык кэрэ күҥҥэ тэрээһин Светлана Ивановна уонна Степан Прокопьевич Бочкаревтар саҥардыы тутуллубут балаҕаннарыгар буолла. Биир бэйэм бу балаҕаҥҥа саҥа үктэнним.
Көмүлүөк оһохтоох, сырдык, киэҥ-куоҥ уораҕайга үктэнээт да, дьиктилээх эйгэҕэ киирдибит. Өбүгэ саҕаттан олохсуйбут үгэһинэн сиэр-туом тутуһуллан нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, 90 саастаах Анна Петровна Матвеева тигинэччи умайа турар көмүлүөк оһоххо маанылаах ас кээһэн алҕаата, олохтоохтор күндү ыалдьыттарын чороонноох кымыһынан айах туттулар. Тэрээһини Светлана Ивановна бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Кини ыалдьыттарга нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын туһунан сырдатта, бүгүҥҥү көрсүһүү суолтатын сиһилии быһаарда, салайар сүбэтин үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Салайааччынан саҥардыы анаммыт киһи диэтэххэ, элбэх тэрээһини тэрийбитин хайгыы санаатым.
Салгыы Анна Аморосьевна салайар «Көмүлүөк»кулуубун үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Тэриллибитэ 30-ча сыл буолбут кулууп сүҥкэн үлэтин сөҕө иһиттим. Кини саастаах дьон олохторо дьолунан туоларыгар, үйэлэрэ уһууругар маннык көрсүһүүлэр наһаа наадалар, ол иһин улуустары кытары бииргэ үлэлииргэ анал бырайыагынан үлэ саҕалааммыт Уус Алдан иккис улууспут буолар диэтэ. Кинилэри эҕэрдэлээн олохтоох мелодист Надежда Свинобоева байаанынан доҕуһуоллаан бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэхтээбитин ыалдьыттар олус сөбүлээтилэр. Ол кэнниттэн толору астаах сандалы тула олорон хас биирдии киһи бэйэтин билиһиннэрдэ, туох үлэлээҕин, дьарыктааҕын кэпсээтэ.Балаҕаннааҕы истиҥ сэлэһииттэн таһырдьа баар аныгы тутууга-беседкаҕа көһөн тахсыы буолла.
Манна Чараҥнааҕы Үһүс саас оскуолата (сал. З.Ф. Аргунова) уонна ыалдьыттарбыт туруорбут быыстапкалара биһиги бу баарбыт диэбиттии эҕэрдэлии көрүстүлэр. Манна туох суоҕуй? Оҕуруо оһуоруттан саҕалаан кыл киэргэлгэ тиийэ баарын көрөн тылбыттан маттым. Дьон дьоҕурун, тарбаҕын талаанын, өйүн мындырын туоһулара буоланнар эгэлгэ кэрэчээн оҥоһуктар хараҕы манньыта остуолга тэлгэммиттэр, эркини кыйа ыйаммыттар. Көмүс тарбахтаах Альбина Бурцева, Зоя Федорова, Светлана Бочкарева уонна Лидия Иннокентьева бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрө-көрдөрө кэпсээбиттэрин бары наһаа сэҥээрэн көрдүбүт-иһиттибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт.
Аны төгүрүк остуолга олорон чэй иһиитин сиэрэ-туома ыытылынна. Зоя Федорова араас оттортон чэйи хайдах бэлэмниири көрдөрдө уонна үс араас чэйи оҥорон күндүлээн бары да үөрдүбүт-көттүбүт. Күннэтэ иһэр чэйбит минньигэс, эмтээх буолуон сөбүн, ол бэйэбититтэн тутулуктааҕын өссө төгүл итэҕэйдибит. Антонина Бурцева бу атах тэпсэн олорон кэпсэтии силигин ситэрэн эмтээх оттору билиһиннэрдэ, ханнык от ханнык ыарыыга туһалыырын быһаарда, бэйэтин өр кэмнээх уопутуттан үллэһиннэ, истэ илик сүбэлэрбитин биэрдэ. Ол аайы биһиги билиибит хаҥаата, үөрүүбүт үрдээтэ. Онон бүгүн чэй да иһилиннэ, ырыа да ылланна, хоһоон да ааҕылынна, оонньуу да оонньонно.
Чахчы даҕаны, бары өттүнэн олус туһалаах, кэскиллээх тэрээһини тэрийээччилэргэ истиҥник махтанныбыт уонна бу олохтоммут ситими быспакка салгыыр баҕалаах тарҕастыбыт.
Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.