Дьокуускайга СӨ үөрэхтээһинин үлэһиттэригэр үгэс буолбут атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахха Уус Алдантан 40-ча үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ баран кыттыыны ылан кэллилэр.
Улуустааҕы үөрэх салалтатын уопсай үөрэхтээһин уонна методикаҕа салаатын начаалынньыга Саргылаана Громова үөрэх чааһыгар туох уларыйыы киирбитин бу курдук кэпсээтэ:
– Саҥа үөрэх бырагырааматыгар көһүү, үөрэхтээһин сайдыытын тула элбэх сэминээр, куурус ыытылыннылар. Саҥардыллыбыт Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэхтээһин халыыбын (ФГОС) бырагырааматынан былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар 1-кы уонна 5-с кылаастар үөрэммиттэрэ, быйыл 1-7, 10-с кылаастар, эһиил, 1-11 кылаастар бары үөрэниэхтэрэ.
Саҥардыллыбыт ФГОС куурстарыгар алын сүһүөх уопсай үөрэхтээһин 154 учууталыттан 91 учуутал үөрэннэ, 5-7 кылаас 506 учууталыттан 337-тэ кууруска үөрэннэ, 10-с кылаас 334 учууталыттан 158 учуутал кууруһунан хабылынна.
Быйыл сүрүн үөрэхтээһин федеральнай бырагырааматыгар 1-11 кылаас барыта көһөр, оҕолору үөрэтии алын сүһүөххэ нуучча тылын, литературнай ааҕыы, тулалыыр эйгэ биридимэттэрин, орто уонна үрдүкү сүһүөххэ нуучча тылын, литературатын, история, обществознание, география, ОБЖ биридимиэттэригэр федеральнай быргыраамаларынан барыаҕа, федеральнай халандаарынан, графигынан үөрэниэхпит. Үөрэх дьыла ыам ыйын 26 күнүгэр түмүктэниэҕэ, үөрэх нэдиэлэтэ 33 уонна 34 нэдиэлэнэн бигэргэннэ.
Саҥа уларытыылары киллэрэргэ педагогтарга ЕСОО сайта (ол эбэтэр уопсай үөрэхтээһин биир ис хоһоонноох сайта) сүрүн көмө буолуоҕа, маны таһынан учуутал бигэргэтиллибит электроннай үөрэхтээһин ресурсун туһаныан сөп.
Биэс сыл устата саҥардыллыбыт ФГОС-ка эппиэттиир учебниктарга көһүү буолуоҕа. Саха тылын уонна литературатын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин түмүгүнэн ылыллыбыт төрөөбүт тылы үөрэтии саҥа кэнсиэпсийэтин үс кэрчигинэн 2030 сылга диэри олоххо киллэриэхпит.
Дойду үрдүнэн оскуолаларга идэҕэ туһаайар эйгэни тэрийэр сыалтан 6-11 кылаас үөрэнээччилэрин хабан «Профминимум» киириэҕэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 578 оскуолаттан 357-гэр базовай, 217 сүрүн, 4 продвинутай таһымнаах «Профминимум» киириэҕэ.
Биһиэхэ үөрэх уонна наука министиэристибэтин бирикээһинэн улууспут 30 сүрүн уонна орто оскуолаларыгар базовай таһымынан быйыл киириэҕэ. «Профминимум» базовай таһыма уруок, ВУД, иитии үлэтэ, эбии үөрэхтээһин, төрөппүттэри кытта үлэ нөҥүө ситиһиллэрэ былааннанар.
Быйыл “Сетевой куорат” информационнай систиэмэҕэ кылаас уонна ВУД сурнаалларын оскуолалар 100% киллэрэргэ, «Моя школа» информационнай систиэмэҕэ уонна «Сферумҥа» педагогтар, үөрэнээччилэр регистрацияланалларын уонна туһаналларын, бары үөрэх тэрилтэлэрин сайтарын уонна госпабликтарын информациянан толороллорун хааччыйар соруктар турдулар.
Мария Аргунова