Ыччаты сайыннарыыга анаммыт тириэньэр

Михаил Ильич Ушницкай оҕону, эдэр көлүөнэни, ыччаты иитиигэ бэйэтин сыратын биэрэн, өйүн-санаатын ууран, олоҕун аныы сылдьар биһиги кэммит биир уһулуччулаах энтузиаст уһуйааччыта, тириэньэрэ. Кини 1997 сылтан ыла саахымакка улуус оҕолорун уһуйан, бу 26 сыл иһигэр Уһук Илин үгүс чөмпүйүөнүн, Арассыыйа призердарын иитэн таһааран, улуус саахымакка көрдөрүүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарда. Сыллата 20-30-ча оҕону саахымат курдук уустук, математическай, логическай толкуйу сайыннарар, дьиссипилиинэҕэ үөрэтэр успуорт көрүҥэр утумнаахтык дьарыктыыр.

Михаил Ильич Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын кэнниттэн СГУ математика факультетын бүтэрэн, математика учууталынан Курбуһах интэринээт оскуолатыгар үлэтин саҕалаабыт. Онтон Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар математика, саахымат учууталынан уопсайа 20-чэ сыл үлэлээбит. Күн бүгүн Оҕо спортивнай оскуо­латын тириэньэринэн 26-с сылын таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик үлэлии сылдьар.

Кини тута тириэньэр буолбатаҕа. Саахымакка профессиональнай успуорт кээмэйинэн добуоччу хойутуу, 32 сааһыгар кэлбитэ. Маныаха математик идэтэ көмөлөһөн, дьоҕурдаах учуутал бэйэтэ дьаныһан туран кинигэттэн хасыһан үөрэтэн, билигин саахымат успуор­да маассабайдык сайдарыгар улахан кылаатын киллэрэ сылдьар үгүс үөрэнээччилээх улуус бастыҥ тириэньэрэ. Бүгүҥҥү “Үлэ киһитэ” рубрикаҕа Михаил Ильич Ушницкай саахымакка хайдах кэлбитин уонна тириэ­ньэр үлэтин уратытын туһунан бэйэтин санааларын үллэһиннэ.

– Бастаан биллэр учуутал, сала­йааччы Семен Трифоновтыын саа­хыматтаан иккитэ бэрт кэбэҕэс­тик хотторон, онтон кыһыйан, кыайарга сорук туруорунан, бибилэтиэкэҕэ баран, халыҥ баҕайы Арон Нимцович «Моя система» диэн кинигэтин ылан, бүтүннүү конспектаабытым, ыйы быһа үөрэппитим.

Конспегым билигин да халыҥ тэтэрээккэ баар. Бастакы утарылаһааччыларым Семен Трифонов, улууска успуорт кэмитиэтин өр сылларга салайбыт Андрей Протопопов этилэр, дьоммун сотору кыайталыыр буоллум.

Оччолорго, Бороҕоҥҥо саахымат ахсаабат энтузиаһа, тарҕатаач­чыта Алексей Николаевич Данилов дьон бөҕөнү саахымакка угуйара, субуота, баскыһыанньа аайы турнирдары тэрийэрэ. Бастакы турнирдарбар наар бүтэһик миэстэ буоларым да, санаабын түһэрбэккэ, күүскэ дьарыктанан, биир сылынан I спортивнай разряды толорбутум. Онтон ыла саахымакка энчирээбэккэ киирбитим.

1997 с. саахымакка ситиһиилээх учууталы оҕолор бэйэлэрэ көрдөһөн, куруһуок арыйан, эрчийэн саҕалыыр. Элбэх оҕо күргүөмүнэн кэлэн дьарыктанан, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ситиһиилэр кэлэллэр. Алена Жиркова, Марианна Барашкова өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ тахсаллар, Марианна Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр тиийэ күрэхтэһэр. Бу таһаа­рыылаах үлэ түмүгэр Михаил Ильич “саахымат тириэньэринэн улууспар ордук туһаны аҕалыыһыбын” диэн 2003 сыл­лаахха оскуолат­тан олоччу уурайан, улуустаа­ҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар көһөн, күн бүгүнүгэр диэри үүнэр көлүөнэни саахымат умсугутуулаах эйгэтигэр ситиһиилээхтик дьарыктыыр.

– Төгүрүк сылы эргиччи, бырааһынньыгы, өрөбүлү, уоппусканы аахсыбакка элбэх оҕону саахымакка дьарыктаатым, үгүс ситиһиилэр бааллар. Вася Васильев, Ньургуйаа­на Баишева, Дуня Избекова Уһук Илин чөмпүйүөннэрэ буоллулар. Саа­хымат көрүҥэр Дьокуускай кэнниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэҕэ таҕыстыбыт. Саамай чыпчаал ситиһиибитинэн былырыыҥҥы 8-с Спортивнай оонньуу­ларга бастаабыппыт буолар.

Оҕо­лору күрэхтэһиигэ бэлэмнииргэ куруутун үрдүк сыал туруоруллар, уонна ол сыалы ситиһэргэ оҕо, тириэньэр, төрөппүт өттүттэн күүстээх үлэ тэриллэр. Аны күрэхтэһиигэ киһи туруга, уйулҕата быһаарар суолталаах, ол иһин оҕолорбун куруутун кыайыылаах буолар өйгө-санааҕа үөрэтэбин, бэлэмниибин. Манна анал брошюра бэлэмнээбиппин оҕолорго Арассыыйа саахыматын президенэ Александр Костьев биһирээбитэ миэхэ улахан сыанабыл. Кыайыыга дьулуурбут сүрүн уратыта бу буолар. Маны тэҥэ разрядтаах оҕолору үөрэтэргэ методическай пособие оҥорон, кэнники үс сылга үлэлээн кэллим.

Саахыматы саҥа саҕалыыр оҕолору үөрэтэргэ Арассыыйаҕа бастыҥ методист Игорь Георгиевич Сухин бырагырааматыгар, матырыйаалларыгар олоҕуран систиэ­мэ бэлэмнии сылдьабын.

Бу курдук үлэбин ыытарбар өйөөбүт, усулуобуйа ­тэрийбит, тирэх буолбут, Мүрүтээҕи уолат­тар гимназияларын дириэктэринэн үлэлээбит Валентин Иванович Филипповка, Бороҕоннооҕу өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай оскуола­тын дириэктэринэн үлэлээбит Федот Федотович Мигалкиҥ­ҥа, билиҥҥи салайааччы Иван Семенович Ноговицыҥҥа, улууспут баһылыга Алексей Васильевич Федотовка махталым сүҥкэн.

Быйылгыттан ыла Бороҕон сэ­лиэн­ньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын иһинэн саахымат секцията кэҥээн, араас саастаах оҕолору дьарыктыырга икки уонна улуустааҕы спортивнай оскуолаҕа биир тириэньэр үһүө буолан тэҥҥэ үлэлииллэр. Маны тэҥэ үлэҕэ киирээри турар саҥа ус­пуорт дыбарыаһыгар анал хос бэриллэн, быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолор саҥа саалаҕа, аныгы ир­дэ­би­­линэн дьарыктаныахтара. Бу барыта саахымат успуорда өссө үрдүк кэрдиискэ тахсарыгар улахан төһүү буолуоҕа, – диэн улууспут биир бастыҥ тириэньэрэ Михаил Ильич Ушницкай эрэлэ улахан.

Екатерина Захарова

Читайте дальше