Ыарыыттан харыстанар судургу быраабылалары тутуһуҥ!

Роспотребнадзор Управлениетын Уус Алданнааҕы территориальнай салаата ыарыыны сэрэтэр быраабылалары тутуһаргытыгар ыҥырар:

  1. Анал харыстанар мааската, бэрчээккитэ кэтиҥ. Маасканы 2-3 чаас буола-буола уларытан иһиэххитин наада. Илиигитин мыылалаах уунан аччаабыта 30 сөкуундэ суунуохтааххыт, кун устата илиигитин антисептигынан сотто, ыстара сылдьыҥ.
  2. Социальнай дистанцияны (1,5 миэтэрэ) тутуһуҥ.
  3. Уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьыыны аҕыйатыҥ.
  4. Дезинфекциялыыр режимы тутуһуҥ. Гаджеттартан саҕалаан дьиэҕитин, массыынаҕытыгар тиийэ дезинфекциялыыр сириэстибэлээх уунан сууйа, сото сылдьыҥ, салгылатыҥ.
  5. ОРВИ симптомнара билиннэхтэринэн бэйэҕит эмтикэлэнимэҥ, бырааска көрдөрүнүҥ.
  6. Ытырдар, сөтөллөр кэмҥитигэр биирдэ туттуллар салфетканан саптыҥ.
  7. Тымныйбытынан сибээстээн, сылаастык таҥнарга кыһаллыҥ.
  8. Хантан да кэллэххитинэ, дьиэҕитигэр киирээт муннугутун, күөмэйгитин сайҕаныҥ.

Коронавирус инфекцията төһө түргэнник тарҕанара хас биирдии киһиттэн, кини бу судургу быраабылалары тутуһарыттан тутулуктааҕын толору өйдөөҥ! Бэйэҕитин, дьиэ кэргэҥҥитин, чугас дьоҥҥутун, кэллиэгэлэргитин харыстааҥ!

Читайте дальше