Найахы нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо Светлана, Федор Петровтар дьиэ кэргэннэрэ алаһа дьиэни тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн дьоллоохтук олорбуттара быйыл 50 сыла. Эдэр дьон сүрэхтэрин холбоон, дьоһун олоҕу олорон, оччоттон баччаҕа диэри төрөөбүт дойдулара сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсэллэр. Иһирэх ийэ — учуутал, амарах аҕа — тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһитэ.
Светлана 1972 с. Бүлүү педучилищетын, 1980 с. Магаданнааҕы пединституту бүтэрбитэ, кэнчээри ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ үөрэтэн, билиигэ-көрүүгэ такайар аналлаах дойдутугар төннүбүтэ. Комсомольскай лидер Федор Дмитриевичка кэргэн тахсан, райком дьаһалынан Лөгөй, Суотту оскуолаларыгар учууталынан, Пионердар дьиэлэригэр инструкторынан, методиһынан, кэлин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан, профком председателинэн үлэлээбитэ. Онон үөрэх эйгэтигэр олоҕун 40 сылын анаата. 2012 сылтан Найахыга А.М. Степанов аатынан кыраайы үөрэтэр кииҥҥэ үлэлиир. Нэһилиэк депутата, Найахы норуодунай хорун бэтэрээнэ, «Дьүөгэ» вокальнай, «Күбэйэ» үҥкүү коллективтарыгар дьарыктанар, 2006 сылтан бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, «Мүрү саһарҕата» хаһыат общественнай корреспондена.
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «СӨ норуот уус-уран айымньытыгар кылаатын иһин», «Уус Алдан улууһун үөрэҕириитигэр кылаатын иһин», «Уус Алдан улууһун култууратыгар кылаатыгар иһин», «Уус Алдан улууһун гражданскай активиһа», СӨ » Эйгэ» РОО » Норуот билиниитэ», «Найахы нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэрдээх СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Найахы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо үрдүк ааттарынан бэлиэтэммитэ.
Федор Дмитриевич тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр эмиэ эҥкилэ суох уһуннук үлэлээбит үтүө үлэһит. 1973 сылтан Уус Алдан Найахы нэһилиэгин «Коммунизм» колхоз кылаабынай зоотехнига, 1974-1977 сс. Уус Алдан оройуонун Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос комскома, райкомол 2-с сэкирэтээрэ. 1978-1983 сс. «Лена» совхоз кылаабынай зоотехнига. 1983-1992 сс. «Найахы» сопхуоска сылгы зоотехнига, «Найахы» КП биригэдьиирэ. 1992-1995 сс. «Тускул» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. 1995-1999 сс. – ДьТХА лаборана, 1999-2006 сс. Найахы нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын специалиһа. Маны сэргэ общественнай үлэ актыыбынай кыттыылааҕа. 1984-2020 сс. Найахытааҕы быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлинэн, чилиэнинэн үлэлээбитэ.
Федор Петров 1973 сылтан С.Г. Васильев аатынан Найахы народнай хорун солиһа, ырыаһыта. Автор-мелодист, улуус, республика ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, айар кэнсиэрдэр кыттыылааҕа. «Дьиэрэҥкэйэ кэрэтиэн», «Дьикти түүл», » Сэргэлээххэ сааскы күн», «Лена совхоз туһунан ырыа», «Балыктаах вальса» ырыалара уостан түспэккэ ылланаллар, икки ырыата саха араадьыйатын пуондатыгар киирбитэ, «Найахылар ыллыыллар» аудио-дискэҕэ уһуллубута, «Дьиэрэҥкэйэ кэрэтиэн» ырыата икки томнаах «Саха ырыатын антологиятыгар», ырыалар хомуруунньуктарыгар киирбитэ. Олохтоох библиотека иһинэн «Айар кут» түмсүү чилиэнэ, «Найахы айар куттаахтара» хомуурунньукка 11 ырыата тиһиллибитэ.
Аҕа баһылык иллэҥ кэмигэр куска сылдьар, Балыктаах эбэҕэ илимниир, нэһилиэк муҥхатын салайааччыта, туонаһыта.
Петровтар оройуоҥҥа 1987 с. дьиэ кэргэн көрүүтүн кыайыылаахтара, 1988 Саха телевидениетын көрүүтүгэр кыттыбыттара. 2013 с. дьиэ кэргэн ансаамбылын көрүүгэ Гран-при хаһаайыннара буолбуттара. Дьиэ кэргэнинэн бальнай үҥкүүгэ ветераннарга улуустааҕы, республикатааҕы күрэстэр хас да төгүллээх кыайыылаахтара, Гран-при хаһаайыннара. Ветераннар улуустааҕы спартакиадаларын кыттыылаахтара, призердара.
Уоллара Константин үрдүк үөрэхтээх инженер-механик, урбаанньыт. Тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата. Кыыстара Варвара ийэтин утумнаан омук тылын учуутала үөрэхтээх, «Золотник» АО үлэһитэ, кэрэчээн кыыс оҕолоох.
Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн үйэ аҥаара дьоһун олоҕу олороллор, дойдуларын сайыннарыыга үтүмэн үлэни үлэлээн, билигин да сайыннара, ааттата сылдьар үтүө-мааны ыал. Светлана уонна Федор сиэттиспитинэн нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын сайыннарыыга сүҥкэн кылааты киллэрсэллэр.
Үтүө-мааны саха ыалыгар истиҥ эҕэрдэ буоллун, этэҥҥэ, чэгиэнник сылдьыҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит.
Ольга Шепелева