«ЯкутияТрипп» компанияны олохтообут Федор Винокуров

Түүлээх нэһилиэгиттэн төрүттээх ыччат Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэрин көрдөрөр турфирма арыйан үлэлии-хамсыы сылдьарын туһунан сырдатыахпын баҕардым. Федор Винокуров улууспут биир саамай кэрэ, тыытыллыбатах айылҕалаах нэһилиэгэр олорор, иккиэн учуутал идэлээх Люция Егоровна уонна Федор Афанасьевич соҕотох оҕолоро буолар. «Ийэ-аҕа сылаас тапталыгар бигэнэн, ол эрээри, махтаныам иһин, ийэлээх аҕам сөптөөх иитиилэринэн тыа сирин үлэтигэр барытыгар сыстан, бултаан-алтаан, Алдан өрүскэ балыктаан улааппыт дьоллоохпун. Билигин да дойдубар оттуу, сир астыы, бултуу, балыктыы барарбын туохтааҕар да ордоробун», – диэн Федор дойдутунан киэн тутта кэпсэтиибитин саҕалыыр.

Федор 2006 сыллаахха Түүлээх орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн Дьокуускайдааҕы Сибээс колледжыгар үөрэнэр. Ол кэннэ Новосибирскай куоракка Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай телекоммуникация уонна информатика университетыгар үөрэммитэ.
Салгыы кини маннык кэпсиир: «Бэйэбин көрдөнөр кэммэр сибээс, интэриниэт эйгэтигэр үлэлээбитим. Онтон 2017 сылтан туризымынан дьарыктанан саҕалаабытым. Ол барыта биир айантан, биир массыынаттан саҕаламмыта. Айылҕата суох табыллыбат киһи быһыытынан, бэйэм Сахабыт сирин кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрөн-билэн кэлбитим. Биир күн барыан баҕалаах дьону түмэн дойдубут биир кэрэ сирдэринэн илдьибитим. Бэйэм экскурсия тэрийэн, кэпсээн-ипсээн, шашлык буһаран олус үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Онно, дьоҥҥо дойдубут кэрэ сирдэрин көрдөрөрбүттэн дуоһуйууну ылбытым, дьолломмутум. Онтон ыла сыыйа-баайы туристар биллэн, элбээн испиттэрэ, ол иһин дьыалабын кэҥэтэргэ быһаарыммытым».

Билигин кини өрөспүүбүлүкэ иһигэр тур тэрийэр «ЯкутияТрипп» компанията Россия туроператордарын биир кэлим реестрыгар киирэр. «ЯкутияТрипп» компания араас хайысхаларынан 15 сааскы, 20 сайыҥҥы тур маршруттаах. Сааскы өттүгэр Нерюнгри термальнай источнигар, Хаандыга хайаларыгар, Өлүөнэ очуостарыгар, сайынын Сахабыт сирин өрүстэринэн устууну (сплав) тэрийэн биир эбэтэр элбэх күннээх похуодтары оҥорор. Компания 16 үлэһиттээх, кинилэр өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар дьаныһаллар. Билигин атын дойдуттан кэлбит ыалдьыттарга турдарын сайыннарарга үлэлэһэллэр. Россия үрдүнэн араас элбэх быыстапкаҕа кыттан Саха сиригэр хайдахтаах кэрэ сирдэр баалларын көрдөрөллөр, иһитиннэрэллэр.
Федор Федорович иллэҥ кэмин дьиэ кэргэнигэр аныыр. Кэргэнэ Лия эмиэ бу туристическай тэрилтэҕэ үлэлиир, турдары тэрийэр, тэрээһин докумуоннарыгар эппиэтинэстээх киһи.  Эдэр ыал үс оҕолоохтор. Дьиэ кэргэнинэн араас дойдуларынан сылдьан сири-дойдуну көрөллөрүн, көхтөөх сынньалаҥы олус сөбүлүүллэр. Федор оҕолорун иитиигэ бары өттүнэн кыһамньылаах аҕа буолар. Эдэр киһи бу ситиһиилэригэр, бастакы саҕалааһыннарыгар куруук өйдүүр-өйүүр төрөппүттэригэр, кэргэнигэр, чугас дьонугар махтала муҥура суох.
Ити курдук биһиги улууспутуттан ситиһиилээх үлэлээх-хамнастаах чаҕылхай ыччат үүнэн-сайдан тахсалларын биир дойдулаахтара үөрэ истэбит, киэн туттабыт, холобур оҥостон кэпсиибит.

Мария Аргунова