Николай Тарскай аатынан cпорт дыбарыһыгар сарсыарда аайы 6 чаастан сүүрэн дьарыктанааччылартан биирдэстэрэ Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо 57 саастаах Виктор Атласов буолар. Кини «Московскай марафоҥҥа» ситиһиилээхтик сүүрбүтүн туһунан былырыын күһүн сырдатан турабыт. Оттон быйыл кини түөрт стартка кытынна.
Ол курдук бэс ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга буолбут «Забег.РФ» полумарафоҥҥа кыттан бэйэтин саастыылаахтарыгар 3-с миэстэни ситиспитэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу дойдубут саамай элбэх кыттааччылаах полумарафона буолар. Онтон ити ый 23 күнүгэр «Россия без наркотиков» Бүтүн Россиятааҕы сүүрүүгэ 10 км сүүрбүтэ. Онтон Үрдэлгэ ыытыллыбыт трейлгэ эмиэ 10 км сүүрбүтэ. Барыта сыыры тахсыы, түһүү, тыанан, ойуурунан сүүрүү этэ. Ол кэннэ атырдьах ыйыгар Дьокуускайга түүҥҥү полумарафоҥҥа 21,1 км сүүрэн көхтөөх кыттыыны ылбыта. Салгыы балаҕан ыйын 30 күнүгэр Владивосток куоракка буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы марафоҥҥа 42 км сүүрэн бөлөҕөр 12-с кэлбитэ. Манна Кытайтан, Японияттан, Кореяттан, Англияттан тиийэ кыттааччылар кэлбиттэрэ.
Онон Виктор Егорович быйылгы сезонун түмүктээн, саҥа сезоҥҥа дьаныардаахтык эрчиллэр. «Марафоннарга кыттан ылбыт наҕараадам син элбээтэ. Урукку өттүгэр кыһын дьиэбэр дорожкаҕа сүүрэр эбит буоллахпына, аны саҥа спорт дыбарыаһыгар үөрэ-көтө эрчиллэ кэлэбин», – диэн этэр биир дойдулаахпыт, марафонец сүүрүүк.
Мария Аргунова