Ветеран спортсменнар – холобур буолар дьон

Баатаҕай нэһилиэгэр ахсынньы 5 күнүгэр ветеран спортсменнар сэттэ көрүҥнээх күөн көрсүүгэ түмүстүлэр. Нэһилиэк уопсайа 7 уокуруктаах, уокурук депутаттара спортсменнары бу күрэххэ көхтөөхтүк кытыннардылар. Күрэхтэһии сүрүннээн, улууска ыытыллыахтаах ветераннар спартакиадаларын чэрчитинэн уонна эти-хааны чэбдигирдиигэ, уһугуннарыыга туһуланан тэрилиннэ. Спортсменнар барыта 7 көрүҥҥэ: остуол тенниһигэр, дуобакка, саахымакка, хабылыкка, хаамыскаҕа, ытыыга, дартска уонна эстафетаҕа күрэхтэстилэр.

Күрэхтэһии аһыллыытыгар спортсменнар уокуруктарынан парадтаан киирдилэр, кинилэри нэһилиэк баһылыга М.М. Белолюбскай, ветеран спортсмен, нэһилиэккэ спорду көҕүлээччи, энтузиаст учуутал Н.А. Николаев эҕэрдэлээтилэр.

 

Күн бастакы аҥаарыгар ветераннар остуол тенниһигэр, дуобакка уонна саахымакка  күрэхтэстилэр. Күн иккис аҥаарыгар дартска, ытыыга, хабалыкка, хаамыскаҕа уонна эстафетаҕа кииристилэр. Биир күннээх сүүмэрдиир күрэххэ сорох ветераннар үстүү-түөртүү көрүҥҥэ кытталларын көрөн, олус тыҥааһыннаахтык киирсибиттэрэ көрөөччүлэри соһутта, үөртэ.

Үгүс сыра-сылба кэннэ дуобакка – Борисова Раиса, Сивцев Иннокентий, саахымакка – Алексеева Мария, Бурнашев Николай, остуол тенниһигэр – Алексеева Александра, Ядрихинскай Алексей, дартска – Сивцева Елена, Ядрихинскай Алексей, ытыыга – Алексеева Александра, Сивцев Анатолий, хабылыкка, хаамыскаҕа – Степанова Вера, Николаев Николай, эстафетаҕа – Готовцева Октябрина, Степанова Вера, Ядрихинскай Алексей, Степанов Гаврил иннилэрин биэрбэтилэр.

Кыайыылаахтар мэтээллэринэн, грамоталарынан уонна спонсордарбыт туруорбут бириистэринэн наҕараадаланнылар. Түгэнинэн туһанан, ветеран спортсменнарга бириис туруоран өйөөбүт нэһилиэк тэрилтэлэригэр улахан махталбытын биллэрэбит.

Күндү ветераннарбыт, күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, бэйэ-бэйэҕитин кытта күөн көрсөн, улууска ыытыллар спартакиадаҕа көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэккит чиэһин үрдүк таһымнаахтык көмүскүөххүт диэн бигэ эрэллээхпит.

Августина Пермякова, М.К. Федорова аатынан Баатаҕай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.