Василий Аммосов салайааччылаах оробуочай бөлөх нэһилиэктэринэн үлэни-хамнаһы билистэ

Кыстыкка бэлэмнэнэн оҥоһуллубут үлэ-хамнас үмүрүйэн, хайдах үлэлии турарый? Сыл түмүктэрэ чугаһаата, дьон-сэргэ олоҕо хайдаҕый? Бу ыйытыыларга хоруй ылаары улуус баһылыга Василий Аммосов салалта­лаах үлэ бөлөҕө Лөгөй, Дүпсүн, Найахы, Бороҕон, Суотту нэһилиэктэригэр сырытта. Үөрэх тэрилтэлэригэр, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар тэрилтэлэригэр, хаһаайыстыбаларыгар, анал прог­раммаларга хапсан дьиэ-уот туттубут, грант ылан хаһаа­йыстыбаны тупсарыммыт олохтоохторго сылдьан, үлэ хаамыытын билистилэр.

Хомустаах. Бааһынай хаһаайыстыба салайаач­чыта Иван Бурнашев эти астыыр саҥа тутуллубут толору механизациялаах сыаҕын көрдүлэр. Бы­йылгыттан сыах үлэтин саҕалыахтаах. Салгыы ос­куола коллектива оскуоланы киин ититэр ситимҥэ холбууру түргэтэтэргэ туруоруста. Автономнай хочуолунайынан оттуллан олорор оскуола кыһалҕатын баһылык Василий Иванович түргэтэтэргэ тус хонтуруолугар ылла. Маны тэҥэ “Тыа сирин кэлим сайыннарыы” государственнай программа чэрчитинэн быйыл көмө ылбыт Геннадий Дягилевка сылдьан, икки этээстээх дьиэ тутулла турарын көрдүлэр. Хаһаайын бу дьиэтин эһиил киллэрэрдии былааннаах тута сылдьар. Дьиэ сүрүнэ тутуллан бүппүт, өрүс суола аһылыннаҕына хаалбыт матырыйаалын тиэйэн аҕаларын күүтэр.

Кэптэни. Хаарбах дьиэттэн көһүү программанан тутулла турар элбэх квартиралаах дьиэ тутуутун көрдүлэр. Бэдэрээччит этэринэн, дьиэ үлэҕэ ахсынньыга киирэрэ былааннанар. Бааһынай хаһаайыс­тыбалаах Анатолий Бурнашев производственнай баазатын, кыстык хотонун көрдүлэр. Хаһаайыстыба барыта 90 ынахтаах, күҥҥэ 250 лиитэрэ үүтү туттара олорор. Кыстыыр отторо баар, быйыл дьиэ кэргэн гранын ылан техникатын саҥардыбыт.

 Дүпсүн. Элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуута бара турар. Дьиэ үлэҕэ эмиэ ахсынньыга киириэҕэ. Ону тэҥэ Дүпсүннээҕи ТХПК (сал. Алгыс Нестеров) үүтү уонна эти астыыр сыахтарын көрдүлэр. Үүт быйылгы былаанын 550 т толорор соруктаахтар. Эти астыыр сыах уотун ситимэ холбоммокко турарын көрөн-истэн баран, уот станциятын туруоран үлэни саҕалыан сөп диэн быһаардылар.

Балыктаах. Оскуола өрөмүөнэ ситэтэ суоҕун көрөн, бу күннэргэ үлэлээбит тэрилтэни кытта баар кыһалҕаны быһаарарга сорук туруордулар. «Найахы» ТХПК (сал. Давид Винокуров) тутуллуохтаах хотон сирин-уотун көрдүлэр. Хотон тутуллар сирэ, докумуона, бырайыага оҥоһуллан бэлэм. Онон хотону тутууга тыа хаһаайыстыбатын министиэрис­тибэтэ ыытар куонкуруһугар кыттар соруктаахтар. Быйыл 25 га бааһына сирин оҥорбуттар, эһиил эбиэс ыһыахтаахтар. Маны тэҥэ 70-ча ыччат сүөһү кыстыыр хотонун көрдүлэр, кыстыыр отунан толору хааччыммыттар. Үүтү астыыр сыах эргэрбитин, “Роспотребнадзор” ирдэбилигэр эппиэттээбэт буолбутун бэлиэтээтилэр. Онон аныгылыы толору оборудованиенан хааччыллыбыт сыаҕы эһиил тутар кэм ирдэбилэ буолбута көһүннэ.

Элэһин. Сүөһү, сылгы иитиитинэн, хортуоппуй үүннэриинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалаах Михаил Алексеевка сылдьан, быйыл туттубут 7, 5*9 иэннээх оҕуруот аһын харайар дьиэтин көрдүлэр. Михаил сөптөөх температураны куоттарбакка, бэйэтэ оттор эбит, эһиил хортуоппуй элбээтэҕинэ, уурар миэстэлэрин тупсаран тутар былааннаах. Хаһаайын маннык дьиэлэнэн эһиилгиттэн хор­туоп­пуйу үүннэриини үксэтэр соругу туруоруммут. Итиэн­нэ сүөһү, сылгы иитэр Руслан, Варвара Попов­тар хаһаа­йыстыбаларын кэҥэтэн саҥа хотонноммуттарын сэргии көрдүлэр.

Суотту. «Комплексное развитие сельских территорий» государственнай программа чэрчитинэн көмө ылан толору хааччыллыылаах дьиэни туттубут түөрт оҕолоох Марфа, Егор Черосовтарга ыалдьыттаатылар. Уус Алданнааҕы техникумҥа быйылгы капитальнай өрөмүөн түмүгүн көрдүлэр-иһиттилэр. Аныгылыы тупсаҕай сварочнай сыахха устудьуоннар СВО кыттыылаахтарыгар анаан “Ракета” диэн чэй оргутар, ас сылытар, буһарынар илдьэ сылдьар оһохтору оҥорбуттарын көрөн сэргээтилэр. Ма­тырыйааллара суох буолан, аҕыйаҕы оҥорбуттар. Хаар­бах туруктаах, үлэлээбэккэ турар эргэ спортсааланы көрдүлэр. Ыччат дьон үөрэхтэригэр, спордунан утумнаахтык дьарыктаналларыгар төһүү буолар сирдэрэ суох эбит. Суоттутааҕы агро оскуола эргэ тутуулаах хотонугар, “Точка роста” үөрэхтээһин киинигэр оҕу­руот аһын хатаран борщ оҥорууну, дьэдьэни үүннэриини, иистэнэр сыаҕы, оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын тэрийиини сэргээтилэр. СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар хатарыллыбыт борщу илдьэ барарга сакаас биэрдилэр. Маны тэҥэ оскуола интернатыгар сылдьан, усулуобуйата быстар мөлтөҕүн көрдүлэр. Ос­куолаттан тэйиччи турар 1970 сыллардааҕы остолобуой дьиэҕэ оҥоһуллубут интернакка ититэр ситимин оҥорорго быйыл үп көрүллэн, өрөмүөннэммит. Интернат оскуолаттан тэйиччитэ, кыараҕаһа, о.д.а. эргэ дьиэ кыһалҕата үгүһэ бэлиэ­тэннэ. Салгыы олохтоох көҕүлээһини өйүүр прог­рамма чэрчитинэн өрүһүнэн сырыы Кыһыл Мая­гынан кэлэр суолун өрөмүөннүүргэ анаммыт улуус программатын өйүүбүт диэн мунньахтаатылар, мус­тубут дьон 100% өйөөтүлэр. Эмиэ бу программанан “Батыйа” мемориальнай комплекс арыллар уонна республикаҕа бастакы пилотнай бырайыак быһыытынан газгольдерга холбоммут 20 ыал түмсэн, махталларын биллэрэр үөрүүлээх түгэннэрэ буолла.

Ольга Шепелева