Валентина Романовна Варламова “Мүрү чуораанчыктара”, “Көлүөнэ көрсүһэр түгэнэ”, “Икки сулустар”, “Күлүү – сүрэх эмчитэ”, Мария, Аким Бурцевтар ааттарынан кэргэннии дуэттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин, о.д.а. үгүс сүрүн бырайыактар ааптардара буолар. Маны сэргэ улуус улахан тэрээһиннэрин: Дьокуускайга Уус Алдан улууһун күннэрин, сыл бастыҥнарын, култуура лауреаттарын, улуус, Мүрү нэһилиэгин баһылыктарын инаугурацияларын солбуллубат сценариһынан бу сылларга эҥкилэ суох үлэлээн кэллэ. Курбуһах, Мүрү нэһилиэктэрин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын тэрийээччи исписэлииһэ Валентина Варламова бу эйгэҕэ үгүс саҥа сүүрээни киллэрбит, хорутуулаах, ситиһиилээх үлэлээх улуус култууратын ытык бэтэрээнэ, эрэллээх байыаһа буолар.
Валентина Романовна бэйэтэ Хаҥалас улууһун I Дьөппөн нэһилиэгиттэн төрүттээх, 5 кылааска Курбуһах интэринээт оскуолатыгар үөрэнэ кэлиэҕиттэн бу улууһу таптаан, манна силис тардан олохсуйбут. Олох кыра сааһыттан ыллаан, үҥкүүлээн дьон кутун тутар дьоҕурдаах буолан, өссө оскуоланы бүтэрээтин кытары комсомол райкомун путевкатынан Чараҥҥа кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ аныыллар. Бу сылларга Дьокуускайдааҕы култуура училищетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр, итиэннэ 1983 сылтан, оччотооҕуга оройуон култууратын отделын сэбиэдиссэйэ Атос Кулаковскай ыҥырыытынан, оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр үлэҕэ киирэр. Ол кэмтэн ыла 40 сыл ааспыт, оттон оройуон кулуубун сыанатыттан түспэккэ эрэ ырыаны толорбута быйыл 45 сыла буолбут, онон Валентина Романовна айар үлэтигэр “Тойон Мүрү” быйылгы саҥа сезона бэлиэ сезонунан буолар.
– Киһи үлэтигэр ис сүрэҕиттэн үлэлиэхтээх, санаатын, бары кыаҕын, сатабылын ууран туран, оччоҕуна эрэ киһи үлэтиттэн астынар, дуоһуйууну ылар, олоҕуҥ ситэри-толору буолар диэн эдэр кэллиэгэлэрбэр куруук этэбит, — диир уопуттаах үлэһит. – Аан бастаан култуура дьиэтигэр кэлэрбэр биһиги аксакаалларбыт айылҕаттан талааннаах дьоммут Мария, Аким Бурцевтар, Анна Лебедева, Светлана Гоголева, Мария Григорьева, Никита Алексеев, о.д.а. бааллара. Оо, чахчы даҕаны сүдү талааннар этилэр, бу чиэһинэйдэрэ, хас биирдии нүөмэрдэрин чочуйан, ис сүрэхтэриттэн оҥороллоро. Аны араас жанры барытын толороллоро, ырыаны, драманы, үҥкүүнү, көрдөөх монологтары уонна үгүстэрэ анал үөрэхтэрэ суоҕа. Кинилэртэн элбэххэ үөрэннэхпит, бэйэ бэйэҕэ истиҥ, харыстабыллаах сыһыаҥҥа, бары биир санааҕа, биир сыалга-сорукка түмсэргэ.
Билиҥҥи кэлэктиибим үксэ эдэрдэр, кинилэри кытары тэҥҥэ сылдьарбыттан олуһун астынабын. Олох оҕо сааспыттан, эдэрбиттэн күнүм куруук кулуупка ааһара, соннук билигин бу саҥа уораҕайбытыгар өрө көтөҕүллэн үлэлии, айа-тута сылдьарым – бу миэхэ дьолум.
Бу 40 сыллаах үлэ суолугар үтүмэн үгүс тэрээһиннэр, улуус, нэһилиэк бэлиэ күннэрэ буолан аастахтара. Кэрэ куолар бастакы күрэхтэрэ “Мисс Уус Алдан”, “Мини-мисс”, “Мүрү кэрэ кийииттэрэ”, улуус бэтэрээннэрин баала, кыһыл көмүс, бриллиант уруулар түһүлгэлэрэ, “Мүрү” ырыа күрэҕэ, “Дьээбэрэҥ” көр-күлүү күрэҕэ, о.д.а. үгүс тэрээһиннэр Валентина Романовна уостубат идеяларынан, энтузиаст сүрэҕинэн, үлэҕэ кынаттанар ураты дууһатынан ситэриллэн, үрдүк таһымҥа ыытыллан кэллилэр. Кини суруйбут сыаҥкаларынан, монологтарынан бэйэтэ тэрийэн үйэ чиэппэриттэн ордук үлэлэтэр “Бэрт Бэтиэхэлэр” көр-күлүү бөлөҕө хас да төгүллээн улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥынан, гран-при хаһаайынынан ааттанан турар. Бу суруйбут үлэлэрин түмэн, “Көр-күлүү көтөллөөх” диэн брошюра-хомуурунньук таһааттарбыта билигин култуура үлэһиттэрэ туһанар бэртээхэй хомуурунньуктара буолар. Маны сэргэ Валентина Варламова култуура үлэтин үгүс сыл тухары “Мүрү саһарҕатаа” хаһыакка уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан сырдатан кэллэ. Бу барыта кини айымньылаах үлэтин туоһута, бэйэтэ этэрин курдук үлэтигэр бэриниилээх таптала.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Арассыыйаҕа Педагог-настаабынньык сылларыгар “Үлэ киһитэ” диэн анал рубриканы арыйан, биир идэҕэ уһуннук, бэриниилээхтик айа-тута сылдьар ытык дьоммутун сырдаттыбыт. Олор истэригэр Валентина Романовна Варламова дьон-сэргэ, биир идэлээхтэрин билиниилэрин, ытыктабылларын ылбыт, идэтин баһылаабыт айымньылаах үлэһит буоларынан дьоһун миэстэни ылар.
Екатерина ЗАХАРОВА.
Үлэҕэ үөрэтэр үтүө настаабынньыгым
Валентина Романовна үлэһит, Далбар Хотун
быһыытынан мин холобур оҥостор киһим буолар. Баай уопуттаах, киэҥ билиилээх култуура эрэллээх байыаһа – биһиэхэ, эдэр дьоҥҥо үтүө сүбэһиппит, настаабынньыкпыт. Ардыгар кини сатабылыттан, хайдахтаах да мүччүргэннээх түгэҥҥэ сөптөөх быһаарыныыны ыларыттан сөҕөбүн эрэ.
Ырааҕы ырыҥалаан көрөр киэҥ көҕүстээх, муударай санаалаах саха Далбар Хотуна оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас дьонугар ураты истиҥ, харыстабыллаах сыһыаннаах. Киниттэн элбэххэ үөрэнэбит, ардыгар хайҕанан да, сэмэлэнэн да ылабыт. Эппиэтинэс, ирдэбил, нууччалыы этэххэ, “пунктуальность” диэн барыта – киниэхэ баар. Биир бэйэм Валентина Романовнаны кытта биир кэмҥэ, бииргэ сүбэлэһэн үлэлии сылдьарбытыттан киэн туттабын. Кини миэхэ култуура эйгэтигэр иитэн-үөрэтэн таһаарбыт тарбахха баттанар, убаастыыр биир идэлээхтэрбиттэн, эдьиий кэриэтэ күндүтүк, истиҥник саныыр дьоммуттан биирдэстэрэ буолар.
Сайыына СТРУЧКОВА, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын уус-уран салайааччыта.