«Саха» НКИХ биллэрбит «Сандал саас» оҕолорго аналлаах хоһоон куонкуруһугар дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр 190-ча хоһоон киирбититтэн II бочуоттаах миэстэни Бороҕонтон педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Ивановна Аммосова ылбытын бу сарсыарда «Саҥа күн» биэриигэ истэн үөрдүбүт.
Эйэҕэс эбэ хоһооннорун ааҕыҥ, сайын устата сиэннэргитигэр үөрэтиҥ.
КҮӨРЭГЭЙ
Күөрэгэй чыычаахпыт
Ырыата дьурулуур,
Эриэккэс тойуга
Сайыны уруйдуур.
Күөрэгэй барахсан
Дьырылыы ыллыырын
Кэрэхсээн истэбин,
Дууһалыын үөрэбин.
Ырыаһыт күөрэгэй,
Ыллыырыҥ кэрэтиэн,
Мин эмиэ ыллаһыам,
Үрдүккэ көтүһүөм.
Ыллыахха, күөрэгэй,
Сайыны уруйдуу!
Ыллыахха, ыллыахха,
Дьурулуу туойуохха!
КЭҔЭ
Кэрии тыаҕа кэҕэбит
Хаппыт маска олорон,
Сайын кэлтин туоһулаан,
Тохтообокко кукууктуур.
Кэҕэ биир омсолоох:
Оҕотун оҕолообот,
Атын көтөр уйатыгар
Уган кээһэр идэлээх.
Ырыатынан саататар
Кэҕэ кыылбыт барахсан
Хайдах оннук ийэний,
Муус сүрэхтээх баҕайыный?
КУМААР
Сытыыкай тумустаах,
Синньигэс атахтаах,
Дыыгынас ырыалаах,
Хараҥаҕа харахтаах.
Ытыран ыксатар,
Оҕолору ытатар.
Ытырбыта ыарыылаах,
Кытаран, иһэн тахсар.
Тугуй, кини ол тоҕо
Биһигини ытырар?
Тутан ылан кинини
Тос мааһын биэриэххэ.
КҮЛҮМЭН
Күүгүнэс күлүмэн
Куйаас күн көрүлүүр,
Киһини – сүөһүнү
Тэһитэ ытырар.
Кыраны, оҕону
Ыксатар, ытатар,
Ынаҕы, оҕуһу
Сыа муннун кэһэтэр.
Күөх сайын көстүүтэ
Күлүмэн элбэҕиэн,
Ытырар “тиистэрэ”
Сытыытын эбитиэн!
АРДАХ
Хара былыт бүрүйэн,
Тула бары боруорда.
Ардах түһэрин күүтэн,
Бары барыта иһийдэ.
Этиҥ этэн ньиргийдэ,
Чаҕылҕан чаҕылыйда.
Ыаҕастаах уунан кутан,
Күүстээх ардах түстэ.
Сыыйа ардах уоскуйан,
Былыт ыраах кыйданна.
Сэттэ өҥнөөх кустукпут
Арылыйан таҕыста.
ЭЛИЭ
Эриэн кынат элиэбит
Эргичийэ тэлээрэн,
Тиэргэммитин эргийэр,
Сиэртибэтин кэтэһэр.
Ийэтиттэн арахпыт
Кыра түү чоппуусканы
Туора уобан ытыран,
Илдьэ барар үөрүүнэн.
Ийэ куурусса иэдэйэр,
Иэйэ – туойа айманар,
Элиэ онно кыһаммат,
Эппиэттииргэ ыксаабат.
АҺЫҤА
Тиэргэн иһэ сырдырҕас,
Атах анна ойуолас,
Ыстаҥалас аһыҥка
Күөҕү, оту мэлитэр.
От сүмэтин оборон,
Эрдэ хагдарытар,
Алаас иһин барытын
Кубарыччы куурдар.
Торолуйбут тооппоор
Туохха да топпот,
Хонуу отун бүтэрэн
Аны ойуурга көһөр.
Ойуоккалас аһыҥка
Куһаҕаны оҥорор.
Кинини сууһарыахха,
Күөхтүүр оту быыһыахха.
ООҔУЙ
Култайбыт истээх,
Төгүрүк быһыылаах
Оҕус курдук үлэһит
Ооҕуй диэн ааттаах.
Күнү быһа илимин
Тохтообокко бэрийэр,
Хаптарбыты барытын
Тутан ылан сиэн кээһэр.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.