Курбуһахтааҕы «Чуораанчык» оҕо саада 1975 сылтан нэһилиэк историятыгар бигэргэн үлэтин саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри элбэх көлүөнэ ыччаты ааҕарга суоттуурга үөрэтэн, оскуолаҕа атаардаҕа.
– Оҕолорбут барахсаттар бастакы билиини ылбыт оҕо саадтарыгар, иккис ийэ- аҕа туттубут уһуйааччыларыгар өрүү махталлаахтар. Оттон иитээччигэ, үлэһиккэ төрөппүт, оҕо махтала туохтан да күндү!
Бу уһун сылларга олохпутугар элбэх уларыйыы тэлэрийии, сайдыы буола турарын бары билэбит. Ол тэҥэ биһиги тэрилтэбит эмиэ олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаһан саҥа таас уһуйааннанныбыт, бу – олохтоох нэһилиэнньэ, салалта, төрөппүттэр депутаттар улахан туруорсууларынан ситиһилиннэ, барыларыгар улахан махтал!
Учуутал уонна настаабынньык сылын түмүктүүр тэрээһиммитин урукку оҕо саадын бэтэрээннэрин, тэрилтэлэр салайааччыларын ыҥыраммыт чиэстээтибит уонна эҕэрдэлээтибит. Ол курдук оҕо саадын бастакы сэбиэдиссэйэ Роза Аммосоваҕа, 2023 сылга саҥа таас оҕо саадын дьулуурдаахтык, тулуурдаахтык туруорсан олоххо киллэрбит Елена Ивановнаҕа, үтүө суобастаахтык бары сыратын биэрэн үлэлии сылдьар оҕо саадын кэлэктиибин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Светлана Гуляеваҕа кэлэктиип аатыттан улаханнык махтанан бэлиэ сурук уонна оҕо саадпыт сувенирынын туттардыбыт. Ону сэргэ «Саҥа дьыллааҕы харыйа» аахсыйаны өйөөбүт бары тэрилтэлэргэ, депутаппытыгар Наум Ермолаевка, биэчэри олус сонуннук сэргэхтик тэрийэн ыыппыт “Сандал” сынньалаҥ киинин үлэһиттэригэр махтанныбыт, элбэх саҥа сүүрээни киллэрэн дьон махталын ылан, өрүү элбэх көрөөччүлээх буолуохтарын баҕарабыт.
Бу курдук өргө диэри ыллаан-туойан, оонньоон, уруккуну дуоһуйа ахтан, көрсүбэтэх дьоммутун кытта дуоһуйа кэпсэтэн сылбытын этэҥҥэ түмүктээн, саҥа сылга үктэнэн, ситиһиини, доруобуйаны баҕарсан тарҕастыбыт, – диэн оҕо саадыгар үлэлии сылдьар бастыҥ педагог Саргылаана Протопопова үөрүүлэрин үллэһиннэ.
Анна Винокурова, уопсас. кэрэсп.