Сайынын Өлүөнэ өрүс уута түстэҕинэ уус алданнар Суоттуга паромнарбыт биэрэккэ тиксэллэрэ уустугурар уонна өрүһү 2-2,5 чаас туоруурга күһэллэбит. Биллэн турар, маннык айан өҥөнү оҥорооччуларга даҕаны, айанньыттарга даҕаны табыгаһа суох усулуобуйаны үөскэтэр. Сорох ардыгар, үксүн атырдьах ыйын бүтүүтэ, балаҕан ыйыгар паромнар сырыылара Кыһыл Маягынан тэриллэр. Бу хайысханан уунан сырыы быдан түргэн, 30-45 мүнүүтэ буолан, дьон ордорор эрээри, суола мөлтөх уонна Дойдуунускай нэһилиэгин Хапчаҕай бөһүөлэгин таарыйан ааһар буоламмыт, итинэн сылдьары ходуһалаах дьон сайынын бопсоллоро.
Быйыл бу кыһалҕаны туоратар инниттэн улууспут дьаһалтата Дойдуунускай нэһилиэгин дьаһалтатын, бу нэһилиэк ходуһалаах дьонун, паром үлэһиттэрин кытта миэстэтигэр көрсөн кэпсэтиилэрин түмүгэр хапчаҕайдар ходуһаҕа сүөһүнү киллэрбэт арыттаах муосталары оҥорорго уонна суолу көннөрөргө усулуобуйаларыгар сөбүлэһэн Кыһыл Маякка Дойдуунускай суолунан ааһарга көҥүл ылбыта.
“Онон суол улуустааҕы фондатын салайааччыта Руслан Герасимов үлэлэһэн, бу күннэргэ “СУ-77” тэрилтэ спонсор быһыытынан сөбүлэнэн уу турар мөлтөх сирдэригэр кумах, щебенка кута сылдьар. Салгыы урбаанньыт Василий Киренскай дуогабардаһан, Суотту – Маяк суола оҥоһуллуоҕа. Оттон сүөһүнү киллэрбэт арыттаах муостаны паром үлэһиттэрэ бэйэлэрэ субуотунньуктаан оҥордулар.Манна даҕатан эттэхпинэ, Мэҥэ Хаҥалас уонна уус Алдан улууһун дьаһалталара Маттаттан Хапчаҕайга диэри уонна Хапчаҕайтан Суоттуга диэри суоллары холбоон республика бас билиитигэр биэрэргэ үлэни ыытарга сүбэлэстибит, оччоҕо өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол эмиэ Кангаласстан Кыһыл Маякка тахсар хайысханан уларыйыаҕа”, – диэн улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Илья Артамонов иһитиннэрдэ.