Уус Алдаҥҥа икки күн устата «Гражданские выходные» тэрээһин ыытылынна

Атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр улууспутугар «Гражданские выходные» диэн икки күннээх тэрээһин «Өркөн» киинигэр буолан ааста. Манна СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникация министиэристибэтин үлэһиттэрэ кэлэн семинар ыыттылар.

Ол курдук Ил Дархан гражданскай уопсастыба сайдыытыгар, олохтоох уопсастыбаннай түмсүүлэр бүддьүөттэрин сайыннаралларыгар туһуламмыт СӨ Ил Дархан граныгар итиэннэ федеральнай граннарга туһуламмыт тренинг-семинардар ыытылыннылар. Ону таһынан, бырайыагы социальнай ситимнэр нөҥүө хайдах сырдатарга, дьон-сэргэ иннигэр хайдах толлубакка саҥарар-иҥэрэргэ, анал байыаннай дьайыыга көмө буолар иискэ маастар кылаастар, эргинэр сыала суох тэрилтэни хайдах регистрациялыырга, бырайыгы хайдах оҥорору төрдүттэн төбөтүгэр диэри кэпсиир тренинг-семинардары ыыттылар.

Семинар иккис күнүгэр анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар киһи дьиэ кэргэнигэр хайдах көмөлөһөргө уонна уопсастыбаннай тэриллиилэр (НКО, ТОС) бырайыактарыгар биирдиилээн суруйтарбыт дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдилэр. Манна семинарга барыта 50-тан тахса киһи, тус кэпсэтиигэ 12 киһи суруйтаран үлэҕэ-хамнаска туһалаах сүбэлэри ыллылар.

Семинар көхтөөх кыттааччыта Улуустааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реаблитациялыыр киин психолога Александра Петрова бу курдук санаатын үллэһиннэ:

– Мин бу семинарга икки күн сырыттым. Бастакы күн СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Сосновскай ыыппыт республикаҕа Ил Дархан ыытар граннарын, РФ граннарын куонкурстарын туһунан кэпсээбитин ордук сэргээн иһиттим.

Уопсастыба, ыччат дьон көхтөөх хардыытын өйүүр Федаральнай да өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах грант үгүс эбит. Бу информация дэлэйигэр, интэриниэт үйэтигэр кыттарга бэрт судургу эбит дии санаатым. Бу туһунан презентация көрдөрө-көрдөрө олус үчүгэйдик быһаардылар.

Ону таһынан, анал дьайыыга кытта сылдьар буойуттар дьиэ кэргэннэрин кытта үлэлэһэ сылдьар, «Ыччакка уонна дьиэ кэргэҥҥэ психологическай көмөнү оҥорор өрөспүүбүлүкэтээҕи киин» психолога Нарыйа Татариноваҕа консультацияҕа сылдьан бу хайысхаҕа үгүс туһалаах методическай көмөнү ыллым.

 

Иккис күн тус кэпсэтиигэ сырыттым, бэйэм логопедическай кэбиниэти арыйарбар бырайыакпын кэпсээтим. Министиэристибэ сүрүннүүр исписэлииһэ Евгения Федорова, СӨ регионнар икки ардыларынааҕы Ресурснай Киинин исписэлиистэрэ Алена Иванова, Иннокентий Горохов бу бырайыакпын хайдах олоххо киллэрэргэ сүрдээх элбэх методическай информацияны, элбэх билиини биэрдилэр.

Биһиги улууспут уопсастыбаннаһа байыаннай дьайыы буойуттарыгар көмөнү күүскэ тэрийэн кэллэ. Ол курдук, сылаас таҥаһы, туттар малы тигэн ыытарга көхтөөхтүк үлэлээбит биэс киһи министиэристибэ махтал суругунан наҕараадаланнылар.

Олортон биирдэстэрэ «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога Парасковья Атласова маннык кэпсээтэ:

– Семинар чэрчитинэн, Анал байыаннай дьайыыга аналлаах көмөҕө туһуламмыт иис-уус маастар кылааска сырыттым. Плащ матырыйаалтан палатканы, көстүүмү тигэргэ үөрэттилэр. Ону кытта, Шляпа, кээнчэ, балаклава лекалаларын биэрдилэр. Ону таһынан ис таҥаһы тигэргэ кытта үөрэттилэр. Бу барыта биллэн турар олус туһалаах буолуоҕа.

Мария Аргунова