Балаҕан ыйын 8-9-10 күннэригэр Саха сиригэр улахан бэлитиичэскэй суолталаах быыбардар буолан аастылар. Быыбар түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан Айсен Николаев иккис болдьоҕор эҥкилэ суох кыайда. Оттон биһиги улууспутугар Мүрү нэһилиэгин баһылыгынан үлэлии олорбут Василий Аммосов Уус Алдан улууһун баһылыгынан талылынна.
Суруналыыстар, буоларын курдук, аан бастакынан улуус саҥа салайааччытын кытта көрсөн кэпсэттибит. Бары билэрбит курдук, Василий Аммосов быыбардааччылар элбэх куоластарын ылан, улахан арыттаах кыайан баһылыгынан талылынна. Кини бар дьонугар бастакы этиитин тиэрдэр:
– Дьонум-сэргэм этиилэрин учуоттаан, быыбарга оҥостубут бырагыраамаларбын олоххо киллэрэргэ бэлэммин. Миэхэ улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ. Төһө да салайар уопуттааҕым иһин, долгуйабын. Биир сүрүн соругум – улууһум дьонун сомоҕолооһун.
Бастакынан, федеральнай бырагыраамаларга киирсэргэ бырайыактары оҥорууттан үлэбин саҕалыам. Үлэлээн ааспыт улуус дьаһалтатын хамаандата улахан түмүктэрдээх үлэни ыытта. Ону билинэбин уонна махтанабын.
Улууһум күндү олохтоохторо! Миэхэ эрэнэн, быыбарга кандидатурабын өйөөбүккүт, талбыккыт иһин махтанабын! Төрөөбүт улууспут сайдарын туһугар бары биир санаанан, сомоҕолоһон, ситиһиилээх, кыайыылаах үлэ тула түмсүөҕүҥ диэн ыҥырабын. Бука барыбытын күүстээх үлэ-хамнас күүтэр.