Кэлэр сылга улуус дьаһалтата, нэһилиэктэр Саха сиригэр общественнай инфраструктураны сайыннарыыга Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) киирсээри бэлэмнэнэллэр.
Онуоха ханнык бырайыактарынан кытталларын Уус Алдан улууһун дьаһалтатын инфраструктураҕа уонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар салалтатын кылаабынай исписэлииһэ Аксиния Бурнашева маннык иһитиннэрдэ:
– Бу бырагыраама нэһилиэк сайдарыгар, тупсарыгар туһуламмыт баҕа санаа олоххо киирэригэр олус көдьүүстээх буоларын дьон-сэргэ өйдөөн, нэһилиэктэрбит кыттар уонна олус сэҥээрэр буоллулар. Бырагыраамаҕа киирсии, биллэн турар, дьыала-куолу өттүнэн олус элбэх ирдэбиллээх, ымпыктаах-чымпыктаах, сорох нэһилиэктэр ону ыарырҕатар буолуохтарын сөп. Ол иһин биһиги нэһилиэктэр дьаһалталарын кытта кэпсэтэн, сүбэлээн-амалаан, бырагыраамаҕа кыттыыларын арыаллаан көмөлөһүөхпүт. Оччоҕуна, хас биирдии нэһилиэкпит бу бырагырааманы күүс-уох оҥостон өссө күүскэ үлэлэстэхтэринэ, улууспут биллэ сайдыаҕа диэн соруктаахпыт.
Улуус дьаһалтата билигин икки бырайыагы талан, докумуонун бэлэмнээн сайаапка биэрэргэ бэлэммит. Бу бырайыактар куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт ыйытыгынан уонна нэһилиэнньэ мунньаҕын кэнниттэн түөрт бырайыактан талыллан бигэргэммиттэрэ. Ол курдук улууспут киинигэр үгүстүк кыһалҕаны үөскэтэн кэлбит сыбаалкабыт киирии суолун оҥоруу, ону кытта Дүпсүн нэһилиэгин «Сардаҥа» оҕо уһуйаанын территориятын толору хааччыллыытын оҥоруу уонна көҕөрдүү үлэтэ буолаллар. Манна олус үчүгэй бырайыак оҥоһуллан турар. Улууспут сайдыытыгар сүрүн оруоллаах бырагыраамаҕа киирсэр үлэбит нэһилиэнньэ өйөбүлүнэн табыллыаҕа диэн олус эрэнэбит.
Мария Аргунова