Уус Алдан улууһун бастыҥ үөрэннээччилэрэ улуус баһылыгын харыйатыгар түмүстүлэр

Бүгүн «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар улуус бары оскуолаларыттан бастыҥтан бастыҥ, чулууттан чулуу үөрэнээччилэр улуус баһылыгын харыйатыгар тоҕуоруһа муһуннулар. Ол курдук 23-с төгүлүн ыытыллар тэрээһиҥҥэ туйгун үөрэнээччилэр, предметнэй олимпиада, научнай-практическай конференция кыайыылаахтара, призердара, оскуола, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ общественнай олоҕор актыыбынай кыттыыны ылар оҕолор, сыл бастыҥ спортсменнар, барыта 80-тан тахса оҕо кытынна.

Эҕэрдэ тылы Василий Аммосов, үөрэх салалтатын начаалынньыга Степан Литвинцев, Ил Түмэн депутата, Баһылай Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинин салайааччыта Геннадий Васильев эттилэр. Василий Иванович эһиилги сылтан үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан, судаарыстыбаннай эксээмэни туттарыыга 100, 90 баалы ылбыт үөрэнээччилэри, учууталлары уу харчынан бэлиэтииллэрин туһунан эппитин оҕолор дохсун ытыс тыаһынан сэҥээрдилэр.

Улуус баһылыга Лөгөй орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Антон Тищенкоҕа “Москва куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы “Профессионалы-2023” күрэскэ үрдүк ситиһиитин иһин” уонна нуучча тылыгар Биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы ылбыт Мүрү 2-с №-дээх орто оскуола выпускницата, “Азия оҕолоро” оонньуулар талисманын ааптарыгар Туйаара Тордуяноваҕа махтал суругун туттарда.

Дьоро күн биир долгутуулаах түгэнинэн лауреаттар ааттара ааттанна. Үрдүк сыанаҕа сыл бастыҥ актыбыыстара, үөрэнээччилэрэ, спортсменнара наҕараадаланнылар.

Бырааһынньыгы «Ыллаа-туой, уол оҕо–2023» ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин Гран-при хаһаайына, Лөгөй орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Арсен Сокорутов, «Туой Хайа» ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин кыайыылааҕа, «Эр Санаа» патриотическай ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин лауреата, Дүпсүн орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Иван Старостин, «Кэнчээри» оҕо үтүөлээх народнай, образцовай коллектива, “Бастыҥнар хамсааһыннара” оҕо уонна ыччат улуустааҕы түмсүүтэ ырыаларынан-тойуктарынан киэргэттилэр. Саҥа дьыллааҕы “Сырдыкка сирдиир өбүгэм аптаах харысхала” остуоруйаны оонньоон көрдөрдүлэр. Ол кэннэ оҕолор Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар бырааһынньыктааҕы эбиэккэ ыҥырылыннылар, салгыы “Өркөн” киинигэр көрү-нары көҕүлүттэн туттулар.

Мария Аргунова