Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов 10 ыйдааҕы үлэни отчуоттаата

Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Сахабыт сирин үгүс улууһугар баһылыгы талар улахан суол­талаах муниципальнай таһымнаах быыбардар буолан ааспыттара. Биһиги улуус­путугар норуот итэҕэлин Василий Иванович Аммосов бигэтик ылбыта. Талыллыбыт баһылык Василий Иванович ол кэмтэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ыыппыт үлэтин-хамнаһын хаһыаппыт нөҥүө улуус олохтоохторугар билиһиннэрэригэр көрдөстүбүт.

Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым!

Күн-дьыл сүрдээх тэтимнээхтик ааһар – баһылык буолан талыллан үлэ­лээбитим номнуо 10 ый ааста. Дьоммор-сэргэбэр бу кэм устата улуус дьаһалтата ыыппыт үлэтин-хамнаһын, инники соруктары билиһиннэриибин «үлэбит сүрүн сыала – улууспут дьонун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы» диэн этииттэн саҕалыыбын.
Бастатан туран, улууспут бүгүҥҥүтүн уонна инникитин туһугар ылыммыт быы­бар иннинээҕи бырагыраамам тосхоллорун, ылыныллыахтаах дьаһаллар, быһаарыылар ситиһиллиэхтээх түмүктэрин сиһилии дьаарыстаан, сөптөөҕүн сүбэлэһэн, аҕа саастаах ытык дьоммун кытта ырытыһан, сөбүлэһэн баран бы­лааннаммытым.
Улууспут сайдыыта, бастакытынан, бюджеты сөптөөхтүк дьаһайыыттан, аттарыыттан тутулуктаах. Онон улуус сэбиэтин дьокутааттарын кытары мунньахтаан, сүбэлэһэн, саҥа 2024 сыллаа­ҕы бюджеты оҥорон ылыммыппыт. Ор­дук элбэх үп тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, суол тутуутугар, чааһынай дьиэлэри ититии ситимигэр холбуурга, оскуола, уһуйаан дьиэлэрин өрөмүөннүүргэ, суол уонна араас социальнай тутуулар бырайыактарын оҥотторууга, нэһилиэктэр генбылааннарын оҥотторууга туттулунна.
Билигин олус уустук кэмҥэ олоро­бут. Ол курдук биир дойдулаах уолаттарбыт байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьаллар. Кинилэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл буолуу – биһиги үлэбит сүрүн соруга.

Тутуу эйгэтигэр

«2019-2025 сс. хаарбах туруктаах дьиэт­тэн дьону көһөрүү» бырагырааманан бы­йыл кулун тутарга Тумул сэлиэнньэтигэр 24 квартиралаах, Бороҕон сэлиэн­ньэтигэр 48 квартиралаах дьиэлэр үлэҕэ киирдилэр. Маны таһынан, бу бырагырааманан Бороҕоҥҥо – 4, Кэптэнигэ, Дүпсүҥҥэ, Тулунаҕа 1-дии саҥа дьиэ­лэр тутулла тураллар, квартира уопсай ах­саана – 216.

«Тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы» бырагырааманан быйыл 4 киһи, ону таһынан, баһаартан эмсэҕэлээбит 12 киһи дьиэнэн хааччыллыахтара.
Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыыга социальнай көмөнү 8 дьиэ кэргэн ылла, онтон биэһэ – элбэх оҕолоохтор. Тыа си­рин сайыннарыы бырагырааматынан олорор усулуобуйаны тупсарыыга 2 дьиэ кэргэн көмө ылла, онтон биирэ – элбэх оҕолоох. Инбэлиит дьону дьиэнэн хаач­чыйыы бырагырааматын көмөтүнэн 1 киһи Дьокуускай куоракка дьиэ ылла.

«Үтүө дьыала» хамсааһынынан Тиит Арыыга 4 квартиралаах дьиэни тутуу саҕаланна. Тандаҕа спортивнай саала, Тумулга оскуола-саад тутуулара саҕаланна. Инвес­тиционнай бырагырааманан Эһэ­лээххэ оскуола-саад, Бороҕоҥҥо ыраас уу ситимин, улуус киин балыыһатын, Кэптэнигэ спорт саалатын быра­йыактара оҥоһуллаллар, эмиэ Кэптэнигэ уһуйаан 75 миэс­тэлээх таас дьиэтин бырайыага түмүктэнэн эрэр.

Суоттуга автономнай гаастааһын үлэтэ саҕаланна, быйыл 20 ыал гааска холбоноро былааннанар. Бу үлэ олоххо киирэригэр улуус бюджетыттан 3 мөл. солк. көрүлүннэ.

Орто Эбэ, Баатаҕай, Түүлээх, Уһун Күөл, Мүрү 1№-дээх орто оскуолаларыгар, Суотту оскуолатын интернатыгар, Саһылыкаан оскуола-саадыгар, Сыыр­даах, Уһун Күөл уһуйааннарыгар, «Кэнчээри» оҕо кии­нигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ ыытыл­лаллар. Уһун Күөл, Саһылыкаан уонна Сыырдаах уһуйааннара толору хааччыллыылаах буоллулар, оҕолорго, үлэһиттэргэ сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ. Маны таһынан Баатаҕай ос­куолатыгар уонна Чараҥ уһуйааныгар баһаары утары икки емкость туруоҕа.

Дүпсүн оскуолатыгар, Сыырдаах уһу­йааныгар террортан сэрэхтээх буолуу үлэ чэрчитинэн олбуорун оҥоруу үлэтэ бара турар, манна улуус бюджетыттан 2,5 мөл. солк. көрүлүннэ. Дүпсүҥҥэ муниципальнай баһаарынай чаас дьиэтин тутууга 700 тыһ. солк. көрүлүннэ, быйыл үлэҕэ киирэр.

Бээдигэ культурнай спортивнай комплекс, Эһэлээххэ, Бэйдиҥэҕэ уонна Дыгдаалга спорт саалатын, Тиит Арыыга үүт астыыр сыах өрөмүөннэригэр 500-түү тыһ. солк. көрүлүннэ.

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагы­раамаҕа (ППМИ) кыттан, быйыл 18 нэһилиэк кыайыылаах буолла. Бу хайа да сыл­лааҕар үчүгэй көрдөрүү. Бу бырагырааманан нэһилиэктэргэ уулуссалары сырдатыы, ититии ситимигэр холбуур үлэ, бөһүөлэк иһинээҕи суоллар, о.д.а. оҥоһуллуохтара.

Суол үлэтэ

Улуус иһинээҕи 661 км уһуннаах 23 суолу көрүүгэ бюджеттан барыта 19 372 700 солк. көрүллүбүтэ. «Дүпсүн – Чэриктэй» хайысхаҕа Мыла үрэҕи туоруур тимир муоста таҥыллан туруоруллубута. Аны муостаҕа киирии суоллара оҥоһуллуоҕа. Тиит Арыы бөһүөлэгин иһинэн ааһар айан суолугар өрөмүөн үлэтэ бара турар. Уус Күөлүгэр тиийэр айан суолун өрөмүөнэ түмүктэннэ, манна мөлтөх туруктаах 14 учаастак өрөмүөннэннэ. Тыраа­ныспар министиэристибэтин суол фондатын иһинэн ыытар куонкуруһун ааһан «Тулуна – Эһэлээх» суолга өрөмүөн үлэтэ бара турар.

Бороҕон сыбаалкатын суолун өрөмүөнэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) куонкуруһу ааһан өрөмүөн үлэтэ саҕаланна. Маны таһынан эмиэ тырааныспар министэристибэтэ суол фондатын иһинэн ыытар куонкуруһун ааһан улуус киинин Ленин уулуссатын аспаалын саҥардыы үлэтэ ыытылларын Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын кытта ыкса үлэ­лэһэн ситистибит.

Суолга уу хаайтарар сирдэригэр турбалары түһэриигэ 16 устуука турба ылылынна, бу турбалар Уус Күөлүн уонна «Танда – Тиит Арыы» хайысхаларыгар уонна Бороҕон сэлиэнньэтин сыбаалкатын суолугар угуллуох­тара .

Паром Кыһыл Маягынан сылдьарыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, Кыһыл Маякка тиийэр суолга өрөмүөн үлэтэ оҥоһулунна. «Бороҕон – Аллараа Бэстээх» хайысханан автобус сырыытын хааччыйарга айан суо­лугар турар нэһилиэнньэлээх пууннарга ирдэбил быһыытынан автобус тохтобулларын оҥорууга үлэ барар.
Улуус бюджетыттан «Күчээйи – Уһун Күөл – Бөрөлөөх» айан суолугар дьаамалары өрөмүөннүүргэ 3,3 мөл. солк. суумалаах үлэ былааннанар. «Үҥүүлээх – Окое­мовка» хайысхаҕа суол хапытаалынай өрөмүөнүгэр бырайыак оҥотторон, эһиил республикатааҕы уонна федеральнай бырагыраамаларга кыттарга былааннаах үлэ ыытыллар.

Улуус бюджетыттан 5 мөл. солк. кө­рүллэн Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата погрузчик ылынна. Өр сыл кыайтарбатах үлэ – Куоһаҕаска тиийэр суол өрөмүөнэ быйыл былааннанар. Суотту уонна Хоноҕор икки ардыларынааҕы муоста өрөмүөннэннэ.

Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайысты­бата

Бороҕон сэлиэнньэтигэр федеральнай бырагырааманан «Запад-2» хочуолунай тутулла турар, бу эби­йиэк 2025 сыл оттук сезонугар үлэҕэ киирэрэ былааннанар. «Запад-1» хочуо­лунайы бырайыактыыр үлэ бара турар. Тандаҕа уонна Тумулга хочуолунай­дар кыамталарын улаатыннарыыга үлэ барар. Маны таһынан Өнөр уонна Түүлээх нэһилиэктэригэр саҥа квартальнай хочуолунайдары тутуу бырайыактара оҥоһуллар. Быйыл быра­йыактыыр үлэлэрэ түмүктэнэн, салгыы тутуу барарыгар былааннаах үлэ ыытыллар.

Былаан быһыытынан, 2024 сылга улуус­путугар эбии 309 чааһынай дьиэ ититии ситимигэр холбонуоҕа, ол иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылахтарын дьиэлэригэр (9 дьиэ) киириэҕэ.

Бээди бөһүөлэгэ 100% киинтэн ититиигэ холбоноругар улуус бюджетыттан 1 мөл. солк. көрүллэн, үлэтэ бара турар. Итини таһынан эмиэ 1-дии мөл. солк. Окоемовка бөһүөлэгэр киинтэн ититии 18 дьиэҕэ киирэригэр уонна Хомустаахха эбии 16 ыал дьиэтигэр холбуурга көрүллүбүтэ. Бу үлэ быйыл оҥоһуллуоҕа. Дыгдаалга эмиэ маннык үлэҕэ (теплотрасса тардыытыгар) 1,3 мөл. солк. көрүлүннэ.

Тыа хаһаайыстыбата

Ынах сүөһү ахсаана 16 277 төбөҕө тэҥ­нэстэ, ол иһиттэн ыанар ынаҕа 5 674 төбө, 4 012 ньирэй төрөөтө. Ньирэй деловой тахсыыта 70.7% тэҥнэстэ. Сылгы ахсаана 17 492 төбөҕө тэҥнэстэ, ол иһиттэн 8 919 биэ, 5 523 кулун ылыллынна. Кулун деловой тахсыыта 61.9 % тэҥнэстэ.

Быйыл улуус үрдүнэн 3074 гектарга культурнай үүнээйи ыһыллан былаан 101% туолла. Ол курдук туораахтаах культура 1312 гектарга (100,1%) ыһылынна («Биэттэ-Агро» ХЭТ – 604 гектарга, Илларионов Д.В. бааһынай хаһаайыстыба – 478 гектарга, «Саһылыкаан» ТХПК – 230 гектарга). Кормовой культура 1500 гектарга (100%), хортуоппуй 217 гектарга (114%), оҕуруот аһа 45 гектарга (113%) ыһылынна.

«Томтор» кооператив Бороҕоҥҥо эт бородууксуйатын оҥорор сыаҕа үлэтин саҕалаата.

Улууска тыа хаһаайыстыбатын бюджеттан уопсай үбүлээһинэ 335 мөл. 266 тыһ. 210 солк. 47 харч. тэҥнэстэ, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 310 мөл. 515 тыһ. 510 солк. 47 харчы, улуус бюджетыттан 24 мөл. 750 тыһ. 700 солк.

Үбүлээһини хайысхаларынан тыырдахха:

  • элитнай уонна репродукционнай ыһыы сиэмэтин оҥорон таһаарыыга 3 хаһаайыстыба СР Тыа хаһаайыстыбатын министерствота (салгыы – ТХМ) ыытар отборугар кыттан 6 мөл. 588 тыһ. 666 солк. 67 харчы субсидияны ылары ситистилэр;
  • 5 хаһаайыстыба минеральнай уоҕурдуу атыылаһарга ТХМ-тын отборун ааһан 3 мөл. 737 тыһ. 440 солк. субсидияны ыллылар;
  • хортуоппуй элитнай уонна репродукционнай сиэмэтин атыылаһарга ТХМ-тын отборун ааһан 4 хаһаайыстыба 902 тыһ. солкуобай субсидия ыллылар;
  • кыстыгы этэҥҥэ туоруурга улуус таһыттан оту тиэйии ороскуотун сабыыга ТХМ-тан 2 мөл. 409 тыһ. 508 солк. 50 харчы үбүлэннэ;
  • ТХМ-та ыыппыт эбии аһылыгы бэлэмнээһин бырагырааматын отборугар кыттан улуус 11 мөл. 80 тыһ. 161 солк. субсидия ылла. Ону таһынан ити бырагыраамаҕа улуус бюджетыттан 10 мөл. 400 тыһ. солк., нэһилиэктэр бюджеттарыттан 2 мөл. 155 тыһ. солк., бырагыраа­маҕа кыттар хаһаайыстыбалар үптэри­нэн 15 мөл. 275 тыһ. 347 солк. үбүлэннэ. Үбүлээһин барыта 38 мөл. 910 тыһ. 508 солк. тэҥнэстэ. Бырагыраама чэрчити­нэн 11 «МТЗ-82» трактор, 1 комплект сенажтыыр оборудование, 1 ОВС-25 сиэмэ ыраастыыр оборудование, 1 зернометатель, 2 сеялка, 1 почвофреза, 132 туонна ыһыы сиэмэтэ атыылаһылынна, 22,4 километр күрүө тутуутугар үбүлэннэ;
  • кэтэх хаһаайыстыбаларга ынах тө­бөтүгэр отбор ыытыл­лан 136 мөл. 851 тыһ. солк. субсидия тириэрдилиннэ. Сылгы көрүүтүнэн дьарыктанар тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр 21 мөл. 940 тыһ. солк. субсидия төлөннө;
  • оҕуруот аһын, хортуоппуйу олордууга агротехнологическай үлэлэри ыытыыга отбор ыытыллан хортуоппуйга 3 мөл. 188 тыһ. 500 солк., оҕуруот аһыгар 1 мөл. 125 тыһ. солк. субсидия үбүлэннэ;
  • туораахтаах культураны ыһарга агротехнологическай үлэлэри ыытыыга отбор ыытыллан 15 мөл. 935 тыһ. 400 солк. субсидия төлөннө;
  • үүт соҕотуопкатыгар 112 мөл. 306 тыһ. 915 солк. 27 харчы үбүлэннэ;
  • Готовцев Михаил Николаевич баа­һынай хаһаайыстыбатыгар ынах сүөһү иитиитигэр анаммыт улуус баһылыгын 300 тыһ. солк. грана ананна.
  • бөрөнү бултааһыҥҥа 510 тыһ. солк. төлөннө;
  • үүт аһы соҕотуопкалыыр кооператив­тар материальнай-техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ 10 мөл. 500 тыһ. солк. субсидияны ыллылар. Ол иһигэр «Мүрү – Агро» кооператив – 5 мөл. солк. комбикорм оҥорор собуоту тутууга «Мүрү – Ас» коо­ператив – 4 мөл. 335 тыһ. 750 солк., «Туйма» кооператив 1 мөл. 164 тыһ. 250 солк.;
  • «Дүпсүн», Партизан Заболоцкай уонна Герой Егоров ааттары­нан совхозтар тэриллибиттэрэ 50 сыллаах үбүлүөйдэрин тэрээһинигэр 885700 солк. орос­куоттанна.

Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар

2024 сылтан саҕалаан Дыгдаал, Чэриктэй, Тумул, Бороҕон, Кэптэни сэлиэн­ньэлэригэр, ону таһынан Хоро, 1-кы Хоро нэһилиэктэрин тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр комплекснай кадастровай үлэ ыытылла турар. Улуус дьаһалтатын «Градостроительство, планирование и развитие территорий Усть-Алданского района на 2023-2027 годы» муниципальнай сыаллаах бырагырааматыгар эбии үп көрүллэн, Суотту нэһилиэгин дьаһалтатын кытта Оҕуруоттаах бөһүөлэгин улаатыннарар сыалтан тыа пуондатыттан сири көһөрүү үлэтэ ыытыллар. Ону таһынан бу бырагырааманан элбэх оҕолоох ыалларга уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар босхо уһаайба сирин биэриигэ, Чараҥ бөһүөлэгин территориятын кэҥэтии үлэтэ бара турар.

Улуус үрдүнэн үстэн уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга босхо бэриллэр сири ылыыга отчуоттуур кэм устата 26 дьиэ кэргэн уочаракка турда, 14 дьиэ кэргэн сирдэригэр бэйэ быраабын үөскэттэ, 32 дьиэ кэргэн босхо уһаайба ылыытыгар учуокка турартан аккаастанан харчынан биир кэмнээх төлөбүрү ылла.

«Уhук Илин региоҥҥа 1 гектар сири үллэрии» сокуонунан сири ылыыга 107 сайабылыанньа киирдэ, 35 сир учаастага бэрилиннэ.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыалтан, норуокка этиллэринэн, «саха гек­тарынан» улууска барыта 0.9 гектар иэннээх 7 сир учаастага оҥоһулунна. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар урбаанньыттарга барыта 1481 гектар иэннээх 77 сир учаастага босхо туһаныыга бэрилиннэ.

Улууска баар кадастровай учуокка тур­бут хамсаабат баайы-дуолу дьаарыстаа­һыҥҥа барыта 1688 эбийиэк учуоттан уһулунна, 22 эбийиэккэ хаһаайына билиннэ, 186 эбийиэккэ бэйэ быраабын үөскэттибит. Бу иһиттэн 10 ыйдаах үлэ түмүгүнэн, 544 эбийиэк кадастровай учуот­тан уһулунна, 9 эбийиэккэ хаһаа­йына билиннэ, 73 эбийиэккэ бэйэ бырааба үөскэтилиннэ.

Хамсыыр баай-дуол чааһыгар киир­дэххэ, республикаттан улуус үөрэҕин тэрилтэлэригэр барыта 195 устуука инвентарь 16 691 250,40 солк. суумаҕа, 214 устуука тэрил (оборудование) 14 307 790,20 солк. суумаҕа, 431 устуука үөрэнэр пособие 251 396,35 солк., 2 техника 15 939 900 солк. суумаҕа ылылынна.

Улуус тэрилтэлэрин автопааркатын саҥардар сыалтан 5 007 740 солк. суумалаах үс массыына ылылынна.
2024 сыл муус устарыгар улуус баа­йын-дуолун салайар управление улуус үөрэхтэрин тэрилтэлэрин ордук сыаналаах баайдарын-дуолларын инвентаризациятын оҥордо. Ону таһынан туһаныллыбат 2 техникаҕа барыта 510 000 солк. суумалаах аукциону ыытан, бу 2 техника атыыга барда.

Үөрэҕирии эйгэтигэр

2024 сыл дойдубутугар Дьиэ кэргэн, рес­публикабытыгар Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылларынан биллэриллибиттэрэ. Биллиилээх биир дойдулаахтарбыт – государственнай деятель, спортивнай, физкультурнай хамсааhыны тэрийбит, салайбыт Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылын, учуонай, фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, тыл билимин хандьыдаата, Саха АССР үтүөлээх деятелэ, сахалартан бастакы эпосовед Иннокентий Васильевич Пухов төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр ыыты­лыннылар.

Быйыл үөрэх управлениетын начальнига Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии сы­лын биллэрэн, директордар, үөрэх уонна иитии чааһыгар директоры солбу­йааччылар соҕуруу куораттарга идэлэрин таһымын үрдэттилэр.

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэхтээһининэн хааччыйыыга, эйгэни тэрийиигэ улууспутугар 36 үөрэх тэрилтэтэ, бу иһигэр 29 уһуйаан, 7 оскуола иһинэн бөлөхтөр 1537 оҕону хабан үлэлииллэр.

Сылын аайы оскуола иннинээҕи саас­таах оҕо ахсаана аччаан иһэрин бэлиэтиэххэ сөп, ол курдук: 2019 сыл улууска 7 сааһыгар диэри оҕо ахсаана – 2351, оттон 1,5-7 сааһыгар диэри уһуйаанынан хабыллыбыт оҕо ахсаана – 1860, бу 79% тэҥнэһэр; 2023-24 үө.дь. 1542 оҕоттон 1357-тэ уһуйааҥҥа сырытта, бу 99,6% тэҥнэһэр. 2019 сылтан 7-гэр диэри саас­таах оҕо ахсаана улууспутугар 994 оҕонон аччаата.

Уопсай үөрэхтээһини тэрийэргэ улуус­путугар барыта 33 оскуола үлэлиир, бу иһигэр: 3 оскуола-саад, 1 анал коррек­ционнай интернат-оскуола, 6 сүрүн оскуола, 23 орто оскуола (ол иһигэр 1 гимназия, 1 лицей-интернат, 6 агрошкола).

Быйыл улуус 33 оскуолатыгар 3560 оҕо үөрэх дьылын түмүктээтэ. 228 оҕо оскуоланы бүтэрбититтэн 226 оҕо Биир кэлим эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран ситии-хотуу аттестатын тутта, 2 оҕо аттестат ылбата. Орто оскуоланы 9 кыһыл көмүс медалист, 11 оҕо үрүҥ көмүс мэтээ­линэн түмүктээтэ. Быйылгыттан улуус баһылыгын дьаһалынан БКЭ-ны 90-99 баалга туттарбыт үөрэнээччи 50 000 солк., 100 баалга туттарбыт 100 000 солк., үөрэппит учуутал 50 000 солк. харчынан бириэмийэлэнэллэр. Онон Лөгөйдөөҕү лицей-интернат выпускницата Айгыына Бурнашева литератураҕа 94, саха тылыгар уонна литературатыгар 92 баалы ылан, учууталлара Н.Е. Бурнашева уонна В.И. Тищенко эмиэ бу бириэмийэни туттулар. Маны таһынан, улуус дьаһалтатын баһылыгын быһаарыытынан, сыл устата үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэн 1-кы миэс­тэни ылбыт оскуола 1 000 000 солк., 2-с м. – 700 000 солк., 3-с м – 500 000 солк., 1-кы миэстэни ылбыт уһу­йаан 300 000 солк., 2-с м. – 200 000 солк., 3-с м. – 100 000 солк. бириэми­йэлэниэхтэрэ.

Сүрүн эксээмэннэри 333 оҕо туттарда, 283 оҕо аттестаттарын ылан үөрэхтэрин салгыахтара, 50 оҕо күһүн туттарыахтара.

Быйылгы үөрэх дьылыгар эдэр специа­листарга 10 тыһыынча суумалаах сертификат 13 эдэр специалистка туттары­лынна. 2023 сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэ­лээхтэри бэлиэтээн 10 тыһыынча­лаах бириэмийэни оскуола иннинээҕи, уопсай уонна эбии үөрэхтээһин 20 педагогар уонна салайааччыларыгар туттарылынна. 2023 сыл бастыҥнара: «Уопсай үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитэ» – Лөгөйдөөҕү лицей-интернат директора Михаил Петрович Пухов, «Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитэ» – Бороҕон с. 3 №-дээх «Мүрүчээнэ» оҕо саадын логопед-учуутала Ульяна Васильевна Омукчанова, «Эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин бастыҥ үлэһитэ» – В.С. Парников аатынан «Кэнчээри» эстетическэй киин директора Василий Степанович Парников, Гражданскай сэрии Геройа, культармеец Г.В. Егоров ааты­нан бириэмийэ – Мындааба с. 13№-дээх «Кэнчээри» оҕо саадын педагога Клавдия Ивановна Васильева.

Урбаан эйгэтэ

Отчуоттуур кэм устата «Мин Бизне­һим» Уус Алданнааҕы киин барыта 1276 көмөнү, сүбэни оҥордо, ол иһигэр дьоҕус уонна орто урбаан субъектарыгар – 619, бэйэ дьарыктаах буолуу субъектарыгар – 202, физическэй сирэйдэргэ – 455. Босхо өҥөнөн 9 урбаанньыт туһанна (реклама, саҥа саҕалааччы урбаанньыкка хомуур, социальнай контракт көмөтүн ылыыга хамсатыы). Киин көмөтүнэн барыта 12 урбаанньыт бэйэ бизнеһин арыйда.

Дьоҕус уонна орто урбаан сайдыытыгар улуус бюджетыттан 2600000 солкуобай үп субсидия быһыытынан көрүлүннэ, бу көмөнөн биэс урбаанньыт туһанна. Ол иһигэр ыраах сытар нэһилиэк урбаанньыта үлэтэ сайдарыгар 600000 солк. (Г.М. Жирков – Түүлээх нэһилиэгэ), оҥорон таһаарыы урбаанньыттарыгар 2000000 солк. (В.П. Сторожева – мебель оҥоруута, Н.А. Егорова – массыынаҕа ЭВА коврик тигиитэ, Ю.В. Слепцов – бэлэм аһы оҥоруу, И.К. Васильев – пилорама) бэрилиннэ.

Улууспутугар дьоҕус уонна орто урбаан сайдыытыгар тиһигин быспакка араас семинардар, «төгүрүк остуоллар», дьаарбаҥкалар, көрсүһүүлэр ыытыллаллар. Ол курдук отчуоттуур кэм устата барыта 24 тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиннэргэ 102 урбаанньыт кыттыыны ылла. Сылын аайы ахсынньыга Дьокуускайга ыытыллар «Бизнес-Экспо» көрүү дьаарбаҥкаҕа Лөгөй нэһилиэгиттэн бэйэ дьарыктаах А.Г. Семенова наҕараадалыыр бородууксуйатынан кытынна.

Дьиэ кэргэн, ыччат бэлиитикэтин эйгэтэ

Дьиэ кэргэн оруолун үрдэтиигэ, ыч­чат бэлиитикэтэ сайдарыгар сыл устата араас тэрээһиннэр – куонкурус­тар, форумнар, акциялар, «төгүрүк остуоллар», о.д.а. тэрээһиннэр ыытылыннылар. Онтон биир тэрээһини бэлиэтээтэххэ, дойдуга Дьиэ кэргэн, республикаҕа Оҕо саас, улууска Аҕа сылларынан үлэни торумнуур «Кэскил түһүлгэтэ» буолар, манна барыта 500-тэн тахса киһи кыттыбыта. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэктэр быыс­тапкалара турбута, атыы-тутуу дьаар­баҥ­ката үлэлээбитэ. Тэрээһин сүрүн соруктара – дьиэ кэргэн туруктаах буолуутун ситиһии, билиҥҥи уопсастыбаҕа эр дьон оруолун үрдэтии, оҕону патриотическай иитиигэ аҕа оруолун суолтатын билинии, төрүт тылбытын сайыннарыы уонна тарҕатыы. Бу соруктар тула санаа атастаһыытыгар ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт киллэрбит этиилэригэр олоҕуран резолюция ылыныллыбыта.

Соҕотох олорор аҕам саастаах дьону, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри, соҕотох ийэлэри өйөөн волонтердар ис-тас үлэҕэ көмө оҥордулар.

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолат­тарбытыгар гуманитарнай көмө тиһигин быспакка оҥоһуллар. Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөргө субуо­тунньуктары тэрийиигэ, мууһунан, ма­һынан, чоҕунан хааччыйыыга үлэ ыытыл­лар. Отчуоттуур кэм устата ба­йыаннай дьайыы буола турар сиригэр улуус салалтата икки төгүл бара сырытта, биир дойдулаах уолаттарбытыгар көмөнү тиксэрдилэр. Нэһилиэнньэттэн, тэрилтэлэртэн барыта 1,5 тонна көмө хомулунна. Көмөнү оҥорууга тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, уопсас­тыбанньыктар, олохтоохтор өйөбүллэрэ улахан.

Социальнай көмүскэллээх буолууга

Үлэ уонна социальнай көмүскэл салалтатынан нэһилиэнньэҕэ 278 955 182 солк. суумалаах көмө оҥоһулунна.
Биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саас­тарын ситэ илик оҕолордоох дьиэ кэргэни олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраама социальнай төлөбүрүнэн 1 дьиэ кэргэн туһанна, 2 дьиэ кэргэн сертификат туһанан, манна барыта 10 411 708 солк. көрүлүннэ. Социальнай хантыраагынан 103 киһиэхэ 19 034 506 солк. суумалаах үп тыырылынна.
Ил Дархан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһалыгар олоҕуран, 104 дьиэ кэргэҥҥэ 20 800 000 солкуобай суумалаах биир кэмнээх харчынан көмө оҥоһулунна, байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолоох 4 төрөппүккэ санаторийга сынньаммыт путевкаларын толуйууга 228 000 солкуобай суумалаах төлөбүр оҥоһулунна, 2 дьиэ кэргэҥҥэ айаннаан тии­йэллэригэр 91 468 солкуобай суумалаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһулунна. Баҕа өттүнэн сулууспалыы барбыт 332 ки­һиэхэ 49 900 000 солкуобай суума­лаах биир кэмнээх көмө төлөннө.

Чааһынай олорор дьиэлэри киин ити­тэр ситимҥэ холбуурга 56 ыалга барыта 6 324 061 солкуобайдаах көмө оҥоһулунна. «Ийэ хапытаала» регионнааҕы быра­гыраама төлөбүрүнэн (2-с оҕолорун төрөппүттэргэ) 26 дьиэ кэргэн туһанна, манна барыта 5 282 320 солк. тыыры­лынна. Республикатааҕы «Семья» ийэ ха­пытаала бырагырааманан (3-с уонна онтон кэлэр оҕону төрөппүттэргэ) 46 дьиэ кэргэн туһанна, барыта 12 797 551 солк. дьиэ тутталларыгар, атыылаһалларыгар анаан тыырылынна. «Дети столетия» тус сыаллаах капитал” бырагырааманан 90 дьиэ кэргэн туһанна, манна барыта 7 539 407 солкуобай тыырылынна.

Култуура

Улууска култуура тэрилтэлэрэ 10 ый устата араас таһымнаах элбэх тэрээһини ыыттылар, араас хайысхалаах бырайыактарга, күрэстэргэ кытыннылар, бюджеты таһынан атын сиртэн үп кии­риитигэр граннарга, субсидияларга үлэ­лэстилэр.

Култуура салалтата 2023-2027 сс. тус сыаллаах бырагырааманан салайтаран үлэни ыытар. 2024 с. улууска култуура эйгэтин сайыннарыыга аналлаах быра­гыраама айар бырайыактары өйүүр куон­куруһугар 18 сайаапка киирэн 8 кыайыылаах бырайыак биллэрилиннэ, манна улуус бюджетыттан 650 000 солк. үп көрүлүннэ.

Маны таһынан 2024 с. култуура сынньалаҥ кииннэрин материальнай-техническэй базаларын хаҥатыыга култуура министерствотын куонкуруһугар үбүнэн көмөнү С.Ф. Сивцев аатынан Баатаҕайдаа­ҕы «Түмэн», А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айым­ньытын кииннэрэ ыллылар. Олоҥхо дьиэлэрин материальнай-техническэй базаларын хаҥатыыга «Олоҥхо дьиэтэ» улуустааҕы этнокультурнай киин субсидия ылары ситистэ.

«Тыа сиригэр култуура бастыҥ тэрилтэтэ» ааты Тумуллааҕы «Түмсүү» сынньалаҥ киинэ (директор Анастасия Егоровна Сухонина) уонна улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин М.К. Федорова аатынан Баатаҕайдааҕы филиала (сэбиэ­диссэй Августина Петровна Пермякова) ыллылар. «Тыа сиригэр култуура бастыҥ үлэһитэ» ааты Өнөрдөөҕү «Тускул» культура киинин аккомпаниатора Василий Гаврильевич Федоров уонна улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин Е.В. Местников аатынан Окоемовкатааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ Любовь Петровна Местникова ыллылар.

Найахы нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйэ Айталина Семеновна Готовцева СӨ Баһылыгын гранын ылла.
С.С. Васильев-Борогонскай аатынан Киин библиотека өрөспүүбүлүкэтээҕи аныгы көлүөнэ модельнай библиотеканы тэрийиигэ куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан 1 300 000 солк. субсидия ылла.

2024 сылга улууска бастакы народнай библиотека Томторго тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиибит.

И.И. Крафт аатынан библиотека дьыалатыгар Ил Дархан бириэмийэтин «Сыл бастыҥ библиотекара» номинацияҕа кыайыылааҕынан ИМК сэбиэдиссэйэ Февронья Гаврильевна Федорова ааттанна.

Нэһилиэнньэ общественнай көҕү­лээ­һинин өйүүр сыалтан улуус баһылыгын дьаһалынан библиотека кииннэммит тиһигин базатыгар Ресурснай киин тэрилиннэ. Киини директоры солбуйаач­чы Альбина Дегтярева салайан үлэлэттэ. Уус Алдан улууһуттан 2024 сылга Ил Дархан граныгар кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр барыта 15 бырайыакка са­йаапка биэр­бититтэн үс бырайыак кыайыы­лаах буолла. Ол курдук, Мүрү нэһилиэгин «Сайдыы» КСТ «Иис патриота» бырайыага 1 691 000 солк., Мүрү нэһилиэгин «Мындааба» территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныы «Мүрү тирэҕэ» быра­йыага 178 541 солк., Курбуһах нэһилиэгин «Биир сүнньүгэ» уопсастыбаннай тэрилтэ «Ийэ тыл эйгэтэ» бырайыага 183 767 солк. суумалаах граннары ылан бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ. Ону тэҥэ Өлтөх нэһилиэгин «Күнчээн» КСТ Россия Президенин граныгар кыттан, эмиэ кыайыы­лаах буолан, «Эрчиллэр спортивнай саала» бырайыага 491 932 солк. граны ылыаҕа. Маны таһынан улууспутугар территориальнай уопсастыбаннай бэйэни сала­йыныы эйгэтэ сайдарыгар куонкуруска кыттан 595 000 солк. суумалаах грант бэриллиэҕэ.

Сыл устата түмэл научнай хайысхатын күүһүрдэр сыаллаах кыраайы үөрэтиигэ, археологияны, топонимиканы чинчи­йиигэ туһуланар үлэлэр ыытылыннылар. Улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ уонна историктара холбоһон «Бороҕон» түмсүү тэрилиннэ (сал. П.В. Пермяков). Түмэл сыл аҥаардааҕы үлэтин түмүгүнэн «Борогонские якуты» кинигэ 500 экз. бэчээттэнэн таҕыста, ааптар – П.В. Пермяков–Тэлэкэ.

Улуус бюджетыттан эбии үбүлээһин көрүллэн, Танда түмэлигэр витриналар, стеллажтар ылыннылар, «Танда – земля Героев» стенд оҥоһулунна. Кулантай ааты­нан түмэлгэ өрөмүөн үлэтэ ыытылынна, маны таһынан улуустан 1 200 000 солк. көрүллэн, киинтэн ититиигэ холбонуохтаах. Улуус түмэлигэр стеллажтар, Танда уонна улуус түмэллэригэр компьютердар ылылыннылар. Улуус дьаһалтата түмэли «УАЗ» массыынанан хааччыйда.

Найахы народнай хора Владивосток куоракка ыытыллыбыт Уһук Илиҥҥи регион хоровой түмсүүлэрин олимпиадаларыгар боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы хор күрэҕин түһүмэҕэр лауреат аатын ылла, 2024 с. республикаҕа хоровой коллективтарга «A Cappella-2024» көрүү-күрэскэ 1-кы степеннээх лауреат буолла.

Россия үтүөлээх образцовай «Кэнчээри» оҕо ансаамбыла оскуолалар хордарын көрүү «Поют дети России» Бүтүн Россиятааҕы куонкуруһун окружной этабыгар 1-кы степеннээх лауреат буолла, ол эбэтэр Уһук Илиҥҥи регион 11 субъегын хордарыттан бастыҥынан ааттанна уонна Астрахань куоракка балаҕан ыйыгар финалга кыттарга ыҥырыы туттулар. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларыгар кытынна.

Быйыл сайын Үлэ Дьоруойа Д.Г Бурцев төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт улуус ыһыаҕа Чараҥ бөһүөлэгэр, биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһыны төрүттээбит, тэрийбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан республикатааҕы таһымнаах ыһыах Баатаҕай нэһилиэгэр, Дүпсүҥҥэ Космонавтика түмэлэ тэриллибитэ 50 сылыгар ыһыах ыһылыннылар.

Спорт эйгэтигэр

Физкультуранан уонна спордунан ситимнээхтик дьарыктанар 3 саастаах оҕолортон саҕалаан 80 диэри саастаах дьон ахсаана 41,40% тэҥнэһэр, ол эбэтэр: 3 саа­һыттан 15 диэри саастаахтарга – 4324, 16-17 саастаахтар – 578, 18-29 саастаах­тар – 2534, 30-54 саастаахтар – 1189, 55-80 саастаахтар – 588 киһи. Адаптивнай физкультуранан уонна спордунан дьарык­танар киһи ахсаана – 53. Сыл ахсын ыытыллар улуустааҕы комплекснай спартакиада барыта 16 көрүҥүнэн тэриллэр, онно 4000-тан тахса киһи кыттыыны ылла.

Улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах 40 араас күрэхтэһии ыытылынна.

Ыытыллыбыт күрэстэртэн сүрүннэрэ:

  • 2023 сыл бүтүүтэ А кылаастаах хап­саҕайга республикатааҕы аһаҕас турнир, кыттааччы ахсаана – 250-тан тахса;
  • көҥүл тустууга улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго республикатааҕы күрэхтэһии, барыта 630 киһи кытынна;
  • “Кубок чемпиона” өбүгэ оонньууларыгар республикатааҕы аһаҕас турнир, кыттааччы ахсаана – 17;
  • мини-футболга (футзал) 1 лига ха­маан­даларыгар республикатааҕы турнир, барыта 8 хамаанда, 100-тэн тахса кыт­тааччы (улууспут хамаандата 2-с миэстэ буолбута);
  • волейболга 1 лига (дьахталлар) ха­маандаларыгар республикатааҕы турнир, барыта 10 хамаанда, 120-тэн тахса кыттааччы (улууспут хамаандата – 2-с миэстэ).

Спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Алдан, Нерюнгри куораттарга ыытыллыбыт спартакиадаҕа улуус сүүмэрдэммит хамаандата ситиһиилээхтик кыттыбыта, ол курдук бэйэтин бөлөҕөр 50 очкуолаах 5-с миэстэ ылары ситиспитэ.

Быйыл улуус ыһыаҕар өбүгэ оонньууларын көрүҥнэринэн аан бастакытын «Ма­йаҕатта оонньуулара» күрэс ыытылынна, 12 бөҕөс күөн көрүстэ.

Буолан ааспыт күрэхтэһиилэргэ улуус дьаһалтата бириистэри олохтоото, күрэхтэһиилэр сүрүннээн Н.Н. Тарскай ааты­нан спорт дыбарыаһыгар ыытылыннылар.

Туруоруммут былаан, сыал-­сорук туоларыгар бары түмсэн, биир санаанан салайтаран үлэ­лиэххэ. Биир сомоҕо күүс буо­ламмыт, төрөөбүт улууспут – Уус Алдаммыт үрдүк аатын сайыннара, үйэтитэ туруохха диэн ыҥырабын!