Биһиги да сирбитигэр аҕыйаҕа суох археологическай хаһыы ыытыллыбыта, олортон аҕыйах түгэни сырдатан ааһыахпын баҕарабын. Билэрбит курдук, археология историческай наука биир салаата буоларын быһыытынан, дьон сурук-бичик үөскүү илигинэ хайдах быһыылаахтык, ханнык историческай кэрчик кэмҥэ олоро сылдьыбытын, наука ньымаларынан быһааран, киэҥ араҥаҕа тарҕатар сыаллаах-соруктаах үлэлиир-хамсыыр.
2020 сыллаахха “История Якутии” үс томнаах саҥа кинигэ тахсыбытын билэбит. Бу кинигэҕэ, холобур, саха омуга Х-с үйэттэн туспа норуот быһыытынан үөскээн, сайдан барбыта диэн суруллар. Бу иннинээҕи суруйууларга, Россия судаарыстыбатыгар холбоһуон иннинэ эрэ саха норуота этнос быһыытынан баар буолбута диэн научнай теория баар этэ. Ол иһин маннык научнай мөккүөрдээх боппуруостарга археология науката улахан сабыдыаллаах, ол эбэтэр элбэх чинчийиилэр, археологическай хаһыыттан ылыллыбыт дакаастабыллар кэннилэриттэн эрэ маннык суолталаах быһаарыылар баар буолаллар.
Археологическай наука сайдыытыгар биһиги улууспутуттан бэрт элбэх киһи бэйэтин кылаатын киллэрэн турар, ол курдук биир бастакынан Иван Иванович Барашков, Иван Дмитриевич Новгородов, и.н.к. Федор Федорович Васильев, кэнники көлүөнэттэн Гаврил Николаевич Копырин уонна и.н.к. Сергей Константинович Колодезников.
Биир бастакынан, биһиги оройуоммутугар 1942 сыллаахха А.П. Окладников салайааччылаах археологическай экспедиция Суотту сиригэр Ымыйахтаах диэн сиргэ былыргы таас үйэтинээҕи дьон олоро сылдьыбыт стоянкаларын булбуттара, датировката хойукку таас үйэни көрдөрөр (неолит-новый каменный век б.э.и. 4,5-3,5 тыһ. сыл анараа өртүгэр). Бу биистэр олорбут сирдэригэр балык уҥуохтара, туой иһиттэр, кутаа оттубут сирдэрэ көстүтэлээбиттэрэ. Ол аата, таас үйэ саҕаттан манна дьон олохсуйан олорбут эбит.
Биһиги биир дойдулаахпыт, үйэтин тухары Ярославскай аатынан краеведческай музейга научнай отделын сотруднигынан үлэлээбит Иван Новгородов Быйды диэн сиргэ 1944 сыллаахха археологическай хаһыы оҥорон, киһи өлүгүн аттыгар кириэскэ майгынныыр тимир сэби булан турар. Саамай дьиктитэ диэн, бу кыргыс сэбэ өлүк үрдүгэр сытара буолар. Саха абыычайынан бойобуой тэрили уһугун алдьатан баран атах өттүгэр биитин аллараа өттүнэн сытыараллар эбит. Онон, ити көмүүгэ бу абыычай тутуһуллубатах. Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан, Солук Боотур нуучча итэҕэлин ылыммыт буолан уонна дьаһаах хомуйааччынан үлэлээбит буолан, бу абыычай тутуһуллубатах.
Олохтоох дьон ыйыыларынан чинчийиллибит миэстэ – Солук Боотур көмүллүбүт сирэ эбит. Биһиги билэрбит курдук, Солук Боотур Лөгөй Тойон сиэнэ эбит, кини дьаһаах хомуйсубутун архыып докумуоннара толору туоһулууллар.
2005 сыллаахха Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо Гаврил Иванович Прибылых сайылыгар бүтэй баҕанатын хаһа сылдьан киһи төбөтүн уҥуоҕар иҥнэн, тустаах үлэһиттэргэ биллэрэн, археологическай хаһыы оҥоһуллан, тимир кыырпаҕа көстөн эрдэтээҥҥи тимир үйэ кэмэ диэн археологтар түмүк оҥорбуттара. Археолог А.Д. Степанов бэлиэтээбитинэн, “оҕо үөскэҕин” курдук балаһыанньаҕа сытара эмиэ биир дьикти көстүү.
Биллэр археолог В.В. Попов быһаарыытынан, айылҕаҕа туох барыта эргиллэн кэлэ турар: күн тахсар, киирэр, дьыл кэмнэрэ ааһаллар уонна кэлэллэр, ким эрэ өлөр, ким эрэ саҥа төрүүр, ол иһин маннык балаһыанньаҕа сытыараллар диир. Онон араас историческай периодтарга норуоттарга туспа абыычай баара биллэр суол. Номохтор кэпсииллэринэн, биһиги улууспутугар симэлийбит, ханна бааллара биллибэт “тыал буолбуттар”, “хара саҕыллар” туһунан кэпсэнэллэр, төһө даҕаны үһүйээн курдук кэпсээн баарын үрдүнэн, син олоххо баар буола сылдьыбыт буолан, кэпсээн хаалбыт буолуон сөптөөх.
Ол курдук, 2014 сыллаахха Арыылаах нэһилиэгин Хатырык үрүйэ диэн от үрэххэ Гуманитарнай чинчийэр институт үлэһиттэринэн 40-45 см. дириҥҥэ киһи уҥуохтара булуллубуттара, сорох уҥуохтарга сытыы сэп суоллара көстөр эбит, сахалар абыычайдарыттан олох атын сиэр-туом толоруллубут диэн тустаах идэлээх дьон түмүк оҥорбуттар.
Француз антропологтара быһааралларынан, 14-15 кыыс кыыска сыһыаннаахтар, онон бу эргин “тыал буолбуттар ”хара саҕыллар» олоро сылдьыбыттара чопчуланыах курдук. Ол гынан баран, биир-икки булумньунан наука этэринэн, быһа бааччы этэр кыаллыбат. Бу көмүүлэр хойукку таас уонна хойукку орто үйэтээҕи кэми хабаллар.
Өрүс эҥээр Түүлээх нэһилиэгэр үөһээ этиллибит биистэр олоро сылдьыбыттара эмиэ номоххо кэпсэнэр. Онон, инникитин даҕаны элбэх научнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллара буолуо диэн киһи эрэнэ саныыр.
2018 сыллаахха Арыылаах эргин Ньымаайы диэн сиргэ ХVI-ХVII-с үйэтинээҕи көмүүнү булбутун суруйбут, иин дириҥэ киһи тобугунан (50-55 см), нуучча уонна атын култуура сабыдыала көстүбэт, былыргы сиэрдэр-туомнар көстөллөр эбит, өлүк уҥа хараҕар эчэйиилээх, өлүк аһылыга түөһүгэр ууруллубут (сылгы ойоҕосторо, өлүк аһылыгын мамыыска диэн ааттыыллар эбит). Холобур, атын да сиргэ ууруллуон сөп буолуо. Эмиэ бу сылга Арыылаах аттыгар Орто Арыы диэн сиргэ улаатан эрэр уол көмүллүбүт сирин булбуттар. Тэбиэххэ сытар уол атаҕын уллуҥахтара суохтар, ол эбэтэр, сирдээҕи олоҕун толору олорбото диэн уллуҥаҕын суох оҥорбуттар уонна дууһата кэлэн тыыннаах дьону моһуоктаабатын диэн оҥоһуллубут сиэр-туом буолуон сөптөөх.
2004 сыллаахха Танда сиригэр Табалаах диэн сиргэ хаһыы түмүгэр тэбиэҕэ хатырыктаах сиэрдийэлэринэн оҥоһуллубут үрүт туостардаах холбо иһигэр көмүү булуллубут, өлүк сүүһүгэр хайа охсуулаах, уҥа хараҕын үрдүнэн муос оноҕос дьөлө түһэн сорҕото көстөр эбит. Хатырыгы суллаабакка киһини көмүү сиэри-туому көрдөрөр диэххэ сөп, радиоуглероднай датировката ХV-ХVI-үйэни көрдөрөр. Бу кэм оруобуна кыргыс кэмин көрдөрөр. Бу археологическай булумньу өссө ситэ анал специалистар суох буоланнар (судмедэксперт, о.д.а.) чинчийиллибэккэ хаалбыт. Онон кэнники эмиэ үөрэтиллэрэ буолуо диэн киһи эрэнэ саныыр.
Биһиги улууспутугар хороҕор муостааҕы көмүү сиэрэ-туома көстүбүтэ, биһиги билэрбит курдук ынах сүөһүнү, уонна сылгыны ытыгылаан харайыы сиэрэ-туома баарын бэлиэтиэххэ сөп.
2003 сыллаахха Хоро нэһилиэгин киирэр сиригэр – Кыймаласпыт диэн сиргэ күөл үрдүк кытылыттан былыргы аартык сириттэн хороҕор муостаах харайыытын булбуттара туос сабыылаах тэллэхтээх эбит. Археологическай булумньу сыыр суулла турарыттан көстүбүт, бу сиргэ сиэр-туом толоруллубут быһыылаах диэн тустаах идэлээх дьон сыаналаабыттар.
2018 сыллаахха Сыырдаах уонна Арыылаах айан суолун икки ардыгар баар Айыы Тайбыт диэн сиргэ саха-французскай экспедиция үлэтин түмүгэр тумулга уотунан сиэтиилээх көмүү булуллубут, иин хаспыт суолларын устата 160 см., туората 80 см., иин дириҥэ 70 см., холбо иһигэр улаатан эрэр оҕо көхсүнэн сытар, уҥа атаҕа тобугунан бакатыллыбыт, хаҥас атаҕа уһаты, өлүгү күл буолуор диэри умаппакка, көмүү буорунан саба бырахпыттар. Тустаах специалистар быһааралларынан, уотунан сиэтэн ыраастааһын сиэрэ-туома толоруллубут. Онон биһиги даҕаны улууспутугар элбэх биистэр, омуктар, аалсыһан ааспыт ытык сирдэрэ буолара саарбахтаммат.
Дьэ, ити курдук, хас биирдии историческай кэмҥэ, сиэр-туом толоруута бэйэтиттэн туспа уратылааҕа, атын тастан киирии сабыдыаллара, элбэх этнос алтыһыылара бэрт элбэх уларыйыылары киллэрбитэ саарбаҕа суох. Саха норуота оннук уларыйыылары туораан кэлбитэ мэлдьэһиллибэт суол.
Александр Сивцев, улуус түмэлин сотруднига
“Сүүрбэ сыл усталаах экспедиция (2000-2020)” В.В. Попов-Быдылыкы кинигэтиттэн туһанылынна