Уус Алдан улууһа быйыл – спорт түһүлгэтэ

Саҥа 2024 сылга үктэнээт, Саха сиригэр спортивнай уонна физкультурнай хамсааһыны сайыннарбыт, биллэр общественнай-политичес­кай деятель Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт көҥүл тустууга биир­диилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин 2007-2008 сыллаах төрүөх уолаттарга уонна улахан дьоҥҥо республика чемпионаттара ыыты­лыннылар. Мантан салгыы ый ахсын эмиэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэр тиһиктэрэ былааннанан тураллар.

  1.  Республикабыт дуулаҕа күүстээхтэрин, кус быһый, ат бөҕө эр бэртэрин быһаарар бастыҥ уонна күүтүүлээх күөн күрэс – Дыгын оонньуулара. Бу оонньуулар финалларыгар күрэхтэһэр иһин сүүмэрдиир түһүмэхтэн биир­дэстэрэ Дыгын оонньууларын сэттэ төгүллээх кыайыы­лааҕын Иван Белолюбскай Кубога буолар. Бу күрэхтэһии олунньу 17 күнүгэр Бороҕоҥҥо Н.Н. Тарскай аатынан спорт дыбарыаһыгар ыытыллыаҕа.
  2. Олунньу бүтүүтэ дьахталлар волейболларыгар республика чемпионата былааннанар.
  3. Олунньуттан улуустааҕы комплекснай спартакиада суотугар киирэр күрэхтэһиилэр саҕаланаллар. Күрэхтэһиилэр сыл устата 15 спорт көрүҥэр ыытыллыахтара. Онно эбии бэтэрээннэр уонна биэнсийэлээхтэр спарта­киадалара ааҕыллыаҕа.
  4. Кулун тутар саҥатыгар – мини-футболга республика чем­пионата.
  5. Муус устарга бырааттыы Шелковниковтар бириистэригэр буулдьалаах саанан ытыыга улуустаа­ҕы турнир.
  6. Бырааттыы Оллоновтар бириистэригэр буулдьалаах ытыыга республика турнира.
  7. Ыам ыйыгар “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга чэпчэки атлетикаҕа кыттар оҕолору сүүмэрдиир республика чемпионата ыытыллар.
  8. Чэпчэки атлетикаҕа респуб­лика чемпионата.
  9. И.А. Халдеев бирииһигэр республика хапсаҕайга турнира Тумул бөһүөлэгэр буолуоҕа.
  10. Үлэ маҥнайгы Дьоруойа Д.Г. Бурцев төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах ыһыахха улахан күрэхтэһии былааннанар.

Маннык былаанынан салайтаран, улуус дьаһалтатын спортка отделын начаалынньыга Евгений Алексеев салалталаах ситимнээх үлэ саҕаланна. Онуоха сорох күрэхтэһиилэр буолар күннэрэ барыллааһын быһыытынан тураллар, сотору кэминэн чуолкайданыахтара. Оччотугар респуб­лика спорду сэҥээрээччилэрэ күннээҕи олохторун бы­лааныгар киллэрэн, кэтиир-маныыр буолуохтаахтар.

Евгений Алексеев: “Бу ыытыллар тэрээһиннэри сэргэ, сайын Парижка ыытыллар сайыҥҥы Олимпиадаҕа кыттыахтаах биир дойдулаахпыт Арыйаан Тютрин путевка ыларыгар күүс-көмө буо­лабыт, өйүүбүт. Мантан салгыы 2025 сылга Таатта улууһугар ыытыл­лыахтаах Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнии саҕаланар. Итиэннэ 2027 сылга Ньурбаҕа ыытыллар Саха сирин норуоттарын IХ спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнэр соруктар тураллар.

Инникини анааран көрөр буоллахха, 2030 сылга диэри улууска маассабай спорт сайдыытын 75% диэри үрдэтэр улахан соруктаахпыт. Билиҥҥи кэмҥэ бу көрдөрүү 45%-ҥа эрэ тэҥнэһэр. Онон күүстээх, түмсүүлээх үлэ күүтүллэр. Спорт дыбарыаһа үлэҕэ киирдэ. Эти-хааны чэбдигирдэр баҕалаахтары, спордунан дьарыктанар нэһилиэнньэни күннэтэ күүтэбит, чөл туруктаах олоҕу тутуһарга ыҥырабыт!”

Ольга Шепелева