Ааспыт уһун өрөбүллэр Кыайыы күнүн сэргэ, өссө биир үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Саха спордун устуоруйатыгар быйыл Парижка ыытыллыахтаах олимпиадаҕа аан бастаан биэс саха спортсмена кыттар буолла. Ол курдук марафоҥҥа Сардаана Трофимова, көҥүл тустууга Георгий Окороков, Арыйаан Тютрин, Виктор Рассадин, Айаал Лазарев легионер быһыытынан атын дойду чиэһин көмүскүөхтэрэ эрээри, бастатан туран, Саха сирин аатын ааттаталлар.
Бу үөрүү биһиэхэ, уус алданнарга, икки бүк үрдүк диир кыахтанныбыт. Уус Алдан тустууга оскуолатыттан кынат үүннэринэн тахсыбыт икки уолбут баар. Бастакынан олимпиадаҕа кыттар путевканы ылбыт Арыйаан Тютрин Суоттуга кэлэн Семен Петуховка дьарыктанан, араас таһымнаах чыпчааллары дабайан олимпиада түһүлгэтигэр кыттар кыахтанна. Кини Белоруссия чиэһин көмүскүөҕэ. Онтон Турцияҕа олимпийскай путевка иһин бүтэһик турнирга Таджикистан аатыттан 74 киилэҕэ тустубут Виктор Рассадин олус күүстээх састаапка чаҕылхайдык тустан барыбытын үөртэ. Бу түһүлгэҕэ, бу ыйааһыҥҥа Италияттан олимпиада призера, аан дойду үс, Европа түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, кубинец Франк Чамизо олимпиада путевкатыттан матта.
Виктор Орто Халыматтан төрүттээх. Онтон кэлэн Мындааба спортивнай хайысхалаах оскуолатыгар тустууга уһуйуллубута. Бастакы тренердэрэ – Иван Дмитриев, Петр Соловьев.
Дьэ, онон бу сайын олимпиада саҕаланнар эрэ, уолаттарбытыгар соргуну баҕаран туран, “күөх экраны” маныыр күннэрбит үүнүөхтэрэ.
Ханнык баҕарар ситиһии сахалыы санаатахха, силистээх-мутуктаах буоллаҕа. Үксүгэр ол туһунан биир-икки эрэ тылынан ахтан ааһабыт. Онтон устуоруйа саҕаланыылаах буолуохтааҕа олох сокуона. Тустуук Виктор Рассадин олимпиадаҕа кыттар путевканы ылбыта Саха сирин спорду сэҥээрээччилэрин барыларын үөртэ. Ол эрээри, манна Уус Алдан тустууга оскуолатын иитиллээччитэ буолара ахтыллыбата. Төрөөбүт дойдутун туһунан да кэпсээн суох. Ону санатыахха, үөрүүбүтүн биллэриэххэ диэн санааттан Виктор үөрэммит Мындааба оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбит Михаил Бурнашев төлөпүөннүү сырытта. Кырдьыга да, оннук ээ, Мүрү Эбэ киэҥ туонатыгар, Мындаабаҕа уһуйуллан тустуук быһыытынан тыыллан-хабыллан таҕыстаҕа. Бүгүн ол туһунан билсиэҕиҥ.
Акылаат ууруллуута
Бары билэрбит курдук, 1996 сыл Олимпийскай сыл этэ. Оттон Саха сирин уонна Уус Алдан улууһун устуоруйатыгар эмиэ бэлиэ түгэннээҕэ. Ити сыл Бороҕоҥҥо Саха сирин норуоттарын спортивнай I оонньуулара ыытыллыбыттара. Дьэ, бу кэнниттэн улуус оччотооҕу салалтата, баһылык Афанасий Мигалкин ырааҕы өтө көрөр санааны ылыммыттар эбит. Бороҕоҥҥо араас хайысхалаах оскуола элбэх. Арай анаан спортивнай туһаайыылаах оскуола баар буолара толкуйданан, Мындааба аҕыс кылаастаах оскуолатын баазатыгар 1996-1997 үөрэх дьылыгар итинник оскуола арыллан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии олорор. Үс сыл бэлэмнэнии, баазаны бөҕөргөтүү дьаһалларыгар барбыта уонна 1999-2000 үөрэх дьылыгар орто оскуола буолбута уонна туспа интэринээттэммитэ. Дьэ, бу кэмтэн ыла сүрүннээн тустууга хайысхаланан элбэх ааттаах-суоллаах тустууктар иитиллэн тахсыбыттара. Оттон саамай сүрүнэ, бу 28 сыл иһигэр олимпиадаҕа кыттар тустуук баар буолла.
Онон оскуола кэлэктиибэ ииппит-үөрэппит сыралара түмүктээх буолбутуттан үөрүүлэрэ муҥура суох. Оттон учууталга, иитээччигэ саамай санаатын толороро үөрэнээччитэ, иитиллээччитэ оскуолатын күндүтүк ахтара буоллаҕа. Виктор түгэн буллар эрэ, Мындаабаҕа кэлэн барар эбит.
Орто Халыма эр хоһууна
Мындаабаҕа хоту улуустартан элбэх оҕо кэлэн үөрэммиттэрэ. Элбэх бииргэ төрөөбүттэр да бааллара. Кинилэртэн биирдэстэрэ – Орто Халыматтан төрүттээх Виктор, Александр Рассадиннар. Мындаабаҕа бастаан Саша үөрэнэ кэлбит. Ол кэлэн манна үөрэнэр, олорор усулуобуйатын сөбүлээн эһиилгитигэр, 2006-2007 үөрэх дьылыгар убайын Витяны ыҥырбыт. Онон инникитин ким буолуо биллибэт 13 саастаах Витя Рассадин Уус Алдан тустууга оскуолатыгар уһуйулла кэлбитэ. Дьэ, хайдах оҕо этэй?
Ол туһунан кылааһын салайааччыта, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Розалия Неустроева маннык кэпсиир:
– Витя мин салайар кылааспар 7 кылааска киирэр сылыгар кэлбитэ. Олох чап-чачархай баттахтаах, бэрт хачаайы нуучча уола этэ. Оннук оҕоҕо биһиги сахалыы иитиини биэрбиппит. Сүрдээх кэпсэтинньэҥ, оҕолору кытта түргэнник биир тылы булара. Биир үтүө хаачыстыбата сүрдээх культуралаах уонна махталлаах уол. Үөрэҕэр да мөлтөх буолбатах этэ, куруутун күрэхтэһиилэргэ, онно бэлэмнэниилэргэ сылдьар буолан, наһаа элбэҕи көтүтэрэ. Дьэ, уонна онтон кэлэн баран, көтүппүтүн ситиһээри, зачет туттараары учууталлары олох хаамтарбат буолара. Сүрдээҕин ааҕар, библиотекаттан тахсыбат уол этэ. Онон атын хайысханы тутуспута буоллар, үөрэҕэр да үчүгэй буолуо этэ, барыны бары түргэнник ылынар, өйдүүр дьоҕурдаах. Тохсус кылаас кэнниттэн Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа үөрэнэ бара сылдьыбыта эрээри, оскуоланы бүтэрэр сылыгар төннөн кэлэн Мындааба спортивнай хайысхалаах орто оскуолатын бүтэрбитэ.
Биллэн турар, саамай сөбүлүүрэ физкультура этэ. Кылааһын онно көҕүлүүрэ, оскуола иһинэн ыытыллар куоталаһыыга “Саамай спортивнай кылаас” диэн анал ааты ылбыппыт. Аны «Табаҕы тардыбат кылаас» диэн кэтэхтэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыайаннар, кылааһынан сынньанан кэлбиттэрэ. Онон оҕо эрдэҕиттэн дьулуурдааҕа биллэр этэ. “Дьарыкка саамай эрдэ кэлээччи уонна кэнники барааччы кини этэ” диэн уолаттар мэлдьи ахталлар.
Билигин даҕаны миигин, кылааһын салайааччытын кытары сибээһи тутуһар. Куруутун кэпсэтэбит, кэллэҕинэ дьиэбэр сылдьан ааһар.
Ыра санаа туоллар ханнык
Хайа спортсмен Олимпиада чыпчаалыгар тиийэрин ыра санаа оҥостубат буолуоҕай? Виктор онно эмиэ оҕо эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостон айаннаан истэҕэ. Ол туһунан Роза Егоровна маннык ахтар:
– Оскуоланы бүтэрбиттэрэ биэс сылыгар түмсэннэр, кумааҕыга бары ыра санааларын суруйан бараннар миэхэ биэрбиттэрэ. “Ону билигин көрүмэ, кэлин аҕалан көрдөрөөр” диэбиттэрэ. Дьэ, ол ыра санаалара суруллубут кумааҕытын аны, оскуоланы бүтэрбиттэрэ уон сылын бэлиэтииргэ көрсүбүттэригэр илдьэн көрдөрбүтүм. Онно Витя Олимпийскай оонньууларга ситиһиилэниэхпин баҕарабын диэбит этэ. Ону аахпыппар кумааҕытын ылан баран: ”Ол ыра санаа өссө да туола илик, онно тиийэ иликпин”, – диэн баран кумааҕытын сиэбигэр уктан кэбиспитэ.
Дьэ, ол айан, кырдьык, уһун этэ. Кини билигин 31-гэр сылдьар, аны кыһын туолар. Дьиҥэр, дьоҕурдааҕа эрдэ биллэн, тренердэр болҕомтолорун тута тардыбыт. Бастакы тренерэ Иван Дмитриев олох бэйэтин оҕотун курдук көрөн-истэн илдьэ сылдьыбыта диэн оскуола үлэһиттэрэ кэпсииллэр. Оннооҕор бэйэтигэр ылан олордо сылдьыбыт.
Ол таах хаалбатах, Мындаабаҕа үөрэнэ кэлээт икки сыл буолан баран, 2008 сыллаахха “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга чөмпүйүөннээбитэ. Онон аны улахан дьоҥҥо ситиһиилэнэрин кэтэһии буолбута. Бастаан утаа санаа хоту баран испитэ. Ол курдук, 2014 сыллаахха Россия чөмпүйэнээтигэр бастакытын кыттарыгар үһүс буолбута. Икки сыл буолан баран, 2016 сыллаахха устудьуоннарга аан дойду чөмпүйүөнэ буолар.
Дьэ, арааһа Россия чөмпүйүөнэ буоларга кэмэ кэлбит быһыылаах диэн эрэл санаалар тренердэргэ да, ыалдьааччыларга да бигэтик иҥмитэ. Ол эрээри, кыра тиийбэтэҕэ, 2016, 2017 сылларга үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта.
Ити кэнниттэн араас эчэйиилэртэн сылтаан ситиһиилэр кэлбэтэхтэрэ. Тохтобул кэмэ диэххэ сөп. Ол да буоллар, кытаанах санаатын ылынан эчэйиилэрин оһорунан, эмиэ күүстээх дьарыгын салҕаабытынан барбыта. Көбүөргэ чаҕылхайдык төннүбүтэ, 2022 сылларга Красноярскайга ыытыллар Иван Ярыгин аатынан көмүс категориялаах диэн ааттанар турнирга кыайбыта. Урукку кэмҥэ Тбилиситээҕи турниры аан дойду аччыгый чөмпүйэнээтинэн ааттыыр этилэр. Билигин Ярыгин аатынан түһүлгэни онно тэҥнии тутар курдуктар.
Виктор Рассадин ааспыт сылтан Таджикистан өрөспүүбүлүкэтин аатыттан тустар буолла. Ол көспүтүн боруостаата, бэрт ситиһиилээхтик туһунна. Бастаан Таджикистан чөмпүйэнээтин кыайбыта. Онтон Азия чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылан, олимпийскай путевка иһин киирсэр бырааптаммыта. Ол кытаанах соругу олус күүстээх састаапка түбэһэн баран, ону чаҕылхайдык толордо. Онон аны сайын Парижка ыытыллар олимпийскай оонньууларга 74 кг Таджикистан чиэһин көмүскүөҕэ. Ыра санаа туоллар ханнык. Ыалдьааччылар эрэллэрэ улахан.
Сөптөөх суолу тутуһуу түмүгэ
Мындааба оскуолатыгар үөрэммиттэр тустууга ситиһиилэрэ, кырдьык даҕаны, улахаттар. Ол курдук хас даҕаны “Азия оҕолоро” оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, Россия чөмпүйэнээтин призердара, аны Азия континенын икки призера (Иннокентий Иннокентьев, Виктор Рассадин) бааллар. Сыралаах үлэ олимпиада суолугар тиэртэ. Манна биири бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох, тустууга Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, биллэр хапсаҕайдьыт, билигин улуус дьаһалтатын спорка салаатын салайааччыта Евгений Алексеев эмиэ бу оскуола тустууга кыһатыгар такайыллыбыта, үөрэнэн бүтэрбитэ, Виктор Рассадинныын биир кылааска үөрэммиттэрэ.
Дьэ, маннык оскуола бигэ тирэҕин уурбут бастакы дириэктэрэ Михаил Бурнашев маннык кэпсиир:
– Оскуола спортивнай хайысханы тутуһарыгар хара маҥнайгыттан атын улуустартан оҕолору аҕалыахха диэн сорук турбута. Билигин ааҕан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ 24 улууһуттан кэлэн үөрэммиттэр эбит. Ону таһынан Красноярскай кыраайтан кытары кэлбиттэрэ.
Бастакы сыалбыт, биллэрин курдук, спортка ситиһии этэ. Ону толордубут дии саныыбыт. Аны билигин үөрэхтээһин өртүгэр туһаайыллан эрэбит. Онно да кэккэ ситиһиилэр бааллар. Педагогическэй кэлэктиип сүрдээх күүстээх, бэйэбит үөрэппит оҕолорбут кэлэн үлэлииллэрэ олус үөрдэр. Өссө биир үөрэрбит диэн, Мындааба оскуолатыгар үөрэммит оҕолор үчүгэй үлэһит буоллулар. Онон киһи быһыытынан иитиини эмиэ ылбыттар эбит.
Ситиһии элбэх үлэттэн, сыраттан кэлэр. Ону таба суолу тутуһаммыт ситистибит, олимпийскай оонньууларга кыттар киһини иитэн таһаардыбыт диэн этэр кыахтанныбыт. Уолбутугар эрэлбит улахан, сэмэйдик ситиһии кэтэһэбит. Саҥа оскуолаланарбыт да ырааҕа суох. Ол туһугар үлэ барар. Онон чыпчааллар өссө да дабайыллан иһиэхтэрэ.
Мындааба оскуолатын, Уус Алдан тустууга кыһатын иитиллээччитэ Виктор Рассадин Парижка айана соргулаахтык түмүктэнэригэр эрэнэ хаалабыт.
Афанасий Сектяев