Уус Алдан архыыба – 2023 сыл бастыҥа

Бүгүҥҥү күҥҥэ улуус муни­ципальнай архыыбыгар уоп­сайа 25 тыһыынча кэриҥэ до­кумуон харалла сытар. Эрдэтээҥи докумуоннар ааспыт үйэ 1927 сылыттан саҕалаан, саҥа үйэ 2018 сылынан түмүктэнэллэр. Сыллата министиэристи­бэлэр, биэдэмистибэлэр бэйэ­лэрин салааларынан хас биир­дии тэрилтэҕэ сыллаа­ҕы үлэ түмүгүнэн “Эффектив­ность” диэн сыанабылы туруораллар. Биһиги улууспут муниципальнай архыыба өрүү республикаҕа үчүгэй үлэ­лээҕинэн бэлиэтэнэр. Ол курдук 2022 с. республика 37 архыыбыттан пуондалар хараллыыларын сөптөөхтүк дьаһанар улуус аатын ылбыт тара, 2023 сыл түмүгүнэн “Бастыҥ муниципальнай архыып” буолары ситистилэр.

Киһи олорорун тухары хара төрүөҕүттэн үөрэммитэ-үлэлээбитэ туспа докумуоҥҥа тиһиллэн, бу орто дойдуттан барыар диэри өрүү кумааҕы учуот иһи­гэр сылдьар. Ол барыта мунньуллан, кэмэ кэллэҕинэ тус­таах тэрилтэ­лэринэн биир сиргэ тиийэн хараллар. Боростуойдук эттэххэ, кумааҕы мунньар сир – архыып.
“Сорох дьон архыыпка араас кумааҕыны мунньан баран, үлэһиттэр ону манаан олороллор дии саныыллар. Оттон бу тэрилтэ көмөтүнэн төһөлөөх киһи конституционнай, социальнай бырааптарын көмүскээбиттэрин бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ.
Архыып оройуон дьаһалтатын архыып уобалаһыгар боломуочуйатын толорор, онон биһиги бэйэбит тус эппиэтинэспитинэн дьон быраабын уонна көмүс­кэлин бигэргэтэбит. Үгүс дьон бириэмэ, ирдэбил тирээтэҕинэ архыыпка наады­йан кэлэллэр уонна олус уочарат­таах тэрилтэ диэн соһу­йаллар этэ. Ол гынан баран, бүгүҥҥү күҥҥэ дьон бэйэтэ сылдьара лаппа аҕыйаата. Ол төрүөтэ аныгы интернет-ресурсалар буолаллар. Ол курдук ир­диир тэрилтэ дьонтон көрдүүр докумуоннарын интернет нөҥүө бэйэтэ оҥорор буолан турар. Бу 2024 сылтан Россия бары архыыптара ГИС ЕЦП промышленнай пор­талга киирдибит, онон биэрэр доку­муоннарбытын кумаа­ҕыга буол­бакка, биир кэлим базаҕа угабыт”, – диэн Уус Алдан улууһун муниципальнай архыыбын сала­йааччыта Айталина Прибылых билиһиннэрэр.
Уус Алдан улууһун архыыбыгар сылга ортотунан 2500 араас ис хоһоонноох “запрос” киирэр. Бу киирбит запростарга бэриллэр ыспыраапка ахсаана, боппуруоһунан ыллахха, 3 тыһыынчаттан тахсаҕа тэҥнэһэр. Онон кырдьык даҕаны олус элбэх үлэ­лээх тэрилтэ диэн сыаналыахха сөп.
Саамай элбэх үлэлээҕинэн пенсияҕа тахсар киһи ыстаа­һын, ааҕыллыбыт хамнаһын бэлэмнээһин буолар эбит. Маны таһынан бэтэрээн статуһун ылыы, араас чэпчэтиигэ тиксии, миграционнай сулууспа ирдэбиллэрин бигэргэтии уонна манна сыһыаннаах докумуоннары оҥоруу эмиэ үгүс үлэлээх. Өссө биир саамай эппиэтинэс­тээх үлэ – дьон сирин-уотун, баа­йын-дуолун бэйэ бас билиитигэр оҥотторорго докумуон бастакы этабын бэлэмнээһин. Архыып үлэһиттэрэ оҥорор өҥө­лөрө барыта муниципальнай өҥөҕө киирэллэр.
Архыып дьон быраабын кө­мүскүүрүгэр государственнай тэрилтэлэр уонна улуус, нэһилиэк дьаһалталарын доку­муоннарыгар олоҕурар. Тоҕо бу ыспыраап­калары тэрилтэлэр бэйэлэрэ биэрбэттэрий диэн ыйытыы үөс­күөн сөп. РФ 125 №-дээх федеральнай сокуо­нугар олоҕуран, архыып эрэ итинник бигэргэтии­ни оҥорор боломуочуйалаах. Ол инниттэн, бу сокуоҥҥа олоҕуран, кэмэ кэллэҕинэ тэрилтэлэр, дьаһалталар улуус архыыбыгар официальнай докумуоннарын туттарар эбээһинэстээхтэр.
Улуус архыыбын үлэһиттэрэ, бу 2024 сылга үктэнэн баран, улуус, нэһилиэк дьаһалталара 2005 сылтан 2018 сылга диэри үлэлээбит докумуоннарын туттаралларын хааччыйар тэрээһиннэри ыытан саҕалаа­тылар. Билигин документация, научнай-справочнай үлэ ыытыллар. Бу докумуоннары бэлэмниир үлэ республикатаа­ҕы экспертнэй хамыыһыйаны аастаҕына дьиҥ докумуоннар туттарыллан, улуус муниципальнай бас билиитигэр киирэн, боломуочуйа ылар кыахтаналлар. Маны таһынан улуус, респуб­лика кыраайы үөрэтээччилэрэ архыыпка тиһигин быспакка сылдьаллар, бу дьоҥҥо бары усулуобуйа тэриллэн турар.

Ольга Шепелева