«Уол оҕо – аҕа эрэлэ» күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ааста

Оҕолорго аналлаах Уус Алданнааҕы социальнай-реабилитационнай кииҥҥэ бүгүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Уус Алдан улууһугар Аҕа сылларыгар ананан «Уол оҕо – аҕа эрэлэ» күрэхтэһии үрдүк таһымҥа буолан ааста. Тэрээһин тэрилтэ иһинэн үлэлиир «Аҕа алгыһынан, Ийэ иэйиитинэн» бырайыак чэрчитинэн ыытылларынан таһыччы суолталаах.

Саас буолан, хаар баран айылҕа уһуктар кэмигэр сандал сааһы уруйдуур, күн чаҕылыччы тыгар уһулуччулаах күнүгэр тэрилтэ тэлгэһэтэ сарсыардаттан оҕо сааһы уруйдуур ырыанан-тойугунан толору туолла.

Быйылгы күрэхтэһии уратытынан Уус Алданнааҕы 34-с нүөмэрдээх баһаарынай этэрээт коллектива (нач. Василий Сивцев) баһаарынай чаас кыттыһан тэрийсибитэ буолар. Ол курдук инструктордар Саргылана-Авилина Атласова, Анатолий Иванов ыытыспыттара хайҕаллаах. Үөрүүлээх чааһы тэрилтэ педагога Иван Окоемов иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев, “Дуораан” араадьыйа салайааччыта, суруналыыс Акулина Иванова кыттыыны ылбыттара тэрээһин таһымын үрдэттэ. Тэрилтэ директора Иннокентий  Сергеев уонна ыалдьыттар дьоро күн кыттыылаахтарын истиҥник эҕэрдэлээтилэр, итиэннэ билиҥҥи кэмҥэ аҕа олоххо оруола хаһааҥҥытааҕар да күүһүрбүтүн чорботон бэлиэтээтилэр, бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ ким кыахтаах кыайарыгар баҕа санааларын тириэртилэр. Кэрэ куоластаах Мария Федорова  ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээбитигэр бары сылаас ытыс тыаһынан махтаннылар.

Бу уол оҕо, аҕа киһи уйана-хатана биллэр күрэхтэһиитигэр барыта биэс аҕа, биэс уол илин-кэлин түһүстүлэр. Күрэхтэһиини тэрилтэ хаһаайыстыбаннай чааһын салайааччыта Семен Ефремов кыайа-хото тутан салайда. Тоһоҕону саайыы, автоматы ыһыы-хомуйуу, похуоттуу барарга хомунуу, сыал ытыыта,баһаарынай таҥаһын кэтии о.д.а. түһүмэхтэри этэҥҥэ ааһан Александр Сивцев уолунаан Мишалыын кыайыы өрөгөйүн биллилэр уонна тэрилтэ туруорбут сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланнылар. Григорий Сысолятин – «Кыахтаах аҕа», Павел Саввин «Кыахтаах уол» анал ааттарынан уонна улуус дьаһалтатын сертификатынан, Руслан Ильин “Уолугар үтүө холобур”, уола Эркин “Сылбырҕа уол” анал ааттарынан уонна Мүрү дьаһалтатын сертификатынан, Иван Находкин  “Кыраҕы харахтаах аҕа”, уола Алеша “Аҕатын туйаҕын хатарааччы”анал ааттарынан уонна  “Сайдам” маҕаһыын (сал. Василий Петров) туруорбут бирииһинэн, Николай Андросов “Сылбырҕа аҕа”, уола Кеша “Эрэллээх уол” анал ааттарынан уонна Уус Алданнааҕы 34-с нүөмэрдээх баһаарынай этэрээт коллектива (нач. Василий Сивцев) сертификатынан, бирииһинэн наҕараадаланан үөрдүлэр-көттүлэр, оҕолорго бу биир дьоллоох күннэрэ буолбута эрэбил.

Түмүккэ кыттааччылар сылаас буотарах миининэн күндүлээбит асчыттарга Анна Бурнашеваҕа уонна Диана Барашковаҕа истиҥник махтаннылар. Уратылаах тэрээһин кыттыылаахтара инникитин даҕаны уол оҕону сайыннарыыга, аҕа оруолун үрдэтиигэ маннык тэрээһин элбииригэр баҕа санаалаах тарҕастылар.

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше