“Умсулҕантан” кынаттаммыт таптыыр дьарыгым

«Ырыа уонна муусука» диэн коллекциялаах «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэригэр 2003 сыллаахха чилиэнинэн киирбитим. Ол кэмҥэ түмсүү үлэлээбитэ 10 сыла буолбут этэ. Мин 150-ча ырыанньыктаах, киэҥ эйгэҕэ бастакы быыстапкабын оҥорбут, Бороҕонтон тэйиччи олорор киһи сүрдээҕин долгуйбутум. Ырыанньыктарбын көтөҕөн киирэн түмсүү көрсүһүүтүгэр улуустааҕы оҕо библиотекатыгар /сэб. А.Н. Бурнашева/ быыстапкабын тардыбытым. Миигин түмсүү чилиэнинэн ылан салайааччыбыт Станислав Луковцев дастабырыанньа уонна значок дохсун ытыс тыаһыгар туттарбыта. Дьэ, итинтэн ыла бэртээхэй түмсүү көхтөөх олоҕор, үлэтигэр кыттыбытынан барбытым. Түмсүүбүтүгэр балачча элбэх, ситиһиилээх «баай» дьон элбэхтэрэ. Кинилэртэн үгүс сүбэни ылан биһи арыый эдэрдэр эмиэ сыыйа эбиллэн, «байан», ситиһиилэнэн, үгүс тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан, саҥаттан саҥа дьону кытта билсэн, атастаһан, атыылаһан, мунньулукпут элбээн, бу саҥа дьарыкпытыгар улам ылларан испиппит.

«Умсулҕан» түмсүү оччоттон ыла бу күҥҥэ диэри тиийэн кэлбит үгүс үтүө үгэстэрдээх. Ол курдук сыл аайы улахан бырааһынньыктары бары түмсэн үөрүүлээхтик бэлиэтиибит, куорат, атын улуустар түмсүүлэрин кытта ыкса сибээһи тутабыт, бары тутуспутунан тэрээһиннээхтик тиийэн быыстапкаҕа кыттабыт. Сотору-сотору Бороҕоҥҥо улахан быыстапкалары, бэстибээллэри былааннаахтык тэрийэбит. Улууспут нэһилиэктэригэр арааһы мунньар дьону түмэн саҥа түмсүүлэри тэрийэбит. Биһи нэһилиэккэ «Эркээйи», оҕолорго «Кыраһа» түмсүү тэриллэн балачча ситиһиилээхтик үлэлээтибит.

Дьэ, ити үлэлэргэ 20 сыл устата кыаҕым тиийэринэн кыттан, 100-н тахса быыстапкаҕа ырыанньыктарбын көрдөрөн, кэпсээн, наадыйар дьоҥҥо көмөлөһөн коллекционер быһыытынан ситэрбэр «Умсулҕан» түмсүүм өҥөтө муҥура суох. Коллекционердартан, “умсулҕаннартан” элбэххэ үөрэнним. Ол курдук, биир тиэмэни талан күүскэ үлэлииргэ, дьону кытта сибээстэһэн хардарыта байытыһарга, быыстапка киэргэтиитигэр, көрөөччү болҕомтотун тардарга, кэпсииргэ, нэһилиэк коллекционердарын түмэргэ, о. д. а. Ол түмүгэр саҕалыырбар 150-ча ырыанньыктаах бэйэм бу 20 сыл иһигэр 1000-н тахса наадалаах коллекциябын салгыы үчүгэйдик хараллан, дьоҥҥо- сэргэҕэ көмөлөһүө диэн эрэнэн Национальнай библиотекаҕа туттардым. Мунньулугум атын салааларын значоктары, аккырыыккалары, араас сувенирдары, кэмпиэт суутугар тиийэ барыта «ырыа уонна муусука» диэн тиэмэҕэ мунньа сылдьабын.

Түмүкпэр, улаханнык убаастыыр, таптыыр «Умсулҕаннарбын» 30 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Куруук бу курдук түмсүүлээх буолуоҕун, бииргэ тутуспутунан иннибит диэки баран иһиэҕиҥ, кэккэбит хаҥыы турдун, мунньулукпут күн-түүн эбиллэн истин.

Мариса Васильева-Күбэйэ, «Умсулҕан»чилиэнэ, «Эркээйи» түмсүү салайааччыта.