“Умсулҕан” отут сыл аннараа өттүгэр оройуоммут киинигэр өрүкүйэр өйдөрүнэн, сонун санааларынан кынаттанан оройуоннааҕы библиотека оҕо салаатыгар тирэҕирэн коллекционердар түмсүүлэрэ тэриллибитэ. Ол кэмтэн ыла элбэх сыл хотоҕостуу субуллан ааста, күн бүгүн бу түмсүү улууспутугар элбэх киһилээх, көхтөөх түмсүүнэн буолар. “Умсулҕан” түмсүүнү тэриллиэҕиттэн оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ, Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн аата биллэр коллекционер Станислав Луковцев салайар. Отут сыллаах үлэ сүрүн өрүттэрин ааҕааччыларга билиһиннэрэр сыалтан түмсүү салайааччытын көрсөн боппуруоска эппиэттииригэр көрдөстүм.
Станислав Николаевич, ханнык баҕарар дьыала саҕалааһыннаах буолар. Түмсүү тэриллиитин историятын быыһын сэгэтэн ылыах эрэ.
1994 сыл кулун тутар 27 күнүгэр “Аартык” киинэ тыйаатырыгар бастакы коллекционердар быыстапкалара турбута. Бу да иннинэ араас тэрээһиннэргэ биирдиилээн коллекциялыыр дьон көрүүтүгэр тахсаллара. “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыат эрэдээксийэтигэр үлэлиир Галина Бочкарева, Петр Павлов уонна мин буоламмыт коллекционердары түмүөххэ диэн биир санааҕа кэлбиппит. Улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ (дир. Варвара Окоемова) уонна оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Анна Бурнашева тута өйөөннөр, оҕо библиотекатыгар мустар буолбуппут. Түмсүү аатын талыыга киирбит барыйааннартан ырытыһыы кэнниттэн улуустааҕы оҕо библиотекатыгар үлэлиир Вера Портнягина этиитин ылынан, түмсүү “Умсулҕан” диэн ааттаммыта. Түмсүү устааба ылыныллыбыта. Бастаан тэриллиибитигэр хас субуота аайы мустарбыт, открыткалары мунньар филокартист Галина Бочкарева, спорду өрө тутар урбаанньыт Иван Карамзин, спорт тиэмэтигэр элбэх матырыйааллаах Петр Павлов, филателист Петр Аммосов, нумизматик Федот Бысыин, эмиэ нумизматиканан, бонистиканан үлүһүйэр Валерий Давыдов, араас таас киэргэллэрдээх кини кэргэнэ Ульяна Давыдова, броштары мунньуунан утумнаахтык дьарыктанар Дария Протодьяконова, идэтинэн айылҕа көтөрдөрүн билиһиннэрэр Алексей Винокуров, биллибэт көтөр эттиктэринэн умсугуйар Иннокентий Крылов, о.д.а. төһүү күүс буолбуттара.
Аан бастаан улуус таһыгар Мэҥэ Хаҥаласка Сотоҕо Атласовтар музейдарыгар Мэҥэ коллекционердарын кытта билсиһэ, сибээс олохтуу айаннаабыппыт. Итинтэн саҕалаан саҥаттан-саҥа этиилэр киирэннэр, ыырбыт кэҥээн барбыта. Курбуһахха “Кэскиллээх” (сал. Ольга Пестрякова), Тулунаҕа “Эркээйи” (сал. Мариса Васильева), Хоноҕорго “Ситим” (сал. Альбина Максимова) тэриллибиттэрэ. Түмсүү тэриллибитэ 15 сылын көрсө “Увлеченные “Умсулҕаном” (ааптар суруналыыс Мария Павлова) кинигэ бэчээттэнэн күн сирин көрбүтэ.
2019 сыллаахха “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр тэриллибиккит 25 сылын дьоһуннук бэлиэтээбиккит. Түмсүү үйэ чиэппэрдээх кэмин кэнниттэн кэлиҥҥи биэс сылга сүрүннээн туох үлэ ыытылынна?
Биэстии сыл буола-буола түмсүү тэриллибит үбүлүөйдээх бэлиэ дааталарын бары түмсэн, киэҥ быыстапканы туруоран, үлэбит отчуотун дьон көрүүтүгэр таһаарар үгэс олохтонно. 2019 сыллаахха түмсүү 25 сылынан “Удивительный “Умсулҕан” кинигэ Мария Павлова суруйуутунан тахсыбыта. Үлэбит биир сүрүн өрүтүнэн филиаллары кэҥэтии буолар. Саамай элбэх кыттааччыны, көрөөччүнү хаппыт тэрээһиммитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономията төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Бороҕоҥҥо “Олоҥхо” дьиэтигэр 136 коллекционеры түмпүт улахан быыстапканы тэрийбиппит. Быыстапкаттан киирбит үбү Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын фондатыгар укпуппут. Өрөспүүбүлүкэҕэ баар түмсүүлэр үлэлэригэр бастакынан саҥа сүүрээн быһыытынан “Коллекциялааһын сайдыытыгар кылаатын иһин” анал дастабырыанньалаах бэлиэни оҥорторбуппут. Бэлиэ макетын Таатта Баайаҕатыттан норуот маастара. Коллекционер Федор Чээрин оҥорбута. Бу бэлиэни өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүүстэн тахса киһиэхэ түмсүү аатыттан туттардыбыт. Үлэбитин хамсык мэһэйдээн, улахан түмсүүлэр быстах кэмҥэ тохтоон ылбыттара. Кэтэхтэн араас күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга Анна Федорова, Елизавета Сивцева, Татьяна Алексеева, Матрена Москвитина миэстэлэспиттэрэ, “Умсулҕан” түмсүүнү дорҕоонноохтук ааттаппыттара. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Елизавета Сивцева “Саха сирин коллекционердарын общественнай түмсүүтүгэр кылаатын иһин” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 2 Лөгөй нэһилиэгэр Тулунаҕа олорор үлэ бэтэрээнэ Мариса Васильева өр сылларга муспут 1,5 тыһ. ырыанньыктарын былырыын Национальнай библиотекаҕа биэрбитэ. 2023 сыл бүтүүтүгэр Россия гражданскай авиациятын 100 сылынан Ил Түмэн саалатыгар вице-спикер А.Н Жирков ыҥырыытынан авиация сайдыытын билиһиннэрэр коллекциябынан кыттыбытым. Коллекцияны Ил Түмэн депутаттара, кэмитиэттэр салайааччылара бары сөҕө көрбүттэрэ. Түмсүүбүт 30 сыллааҕы үбүлүөйүн көрсө “Саха” НКИХ “Кэрэ кэпсээн” биэриитигэр (ыытааччы Тамара Игнатьева) 7 коллекционер: Галина Бочкарева, Анна Бурнашева, Марианна Борисова, Анна Федорова, Алексей Винокуров, Иннокентий Крылов уонна мин буоламмыт, ый саҥатыгар уһуллубуппут. Биэриини үгүс көрөөччүлэр, араас улуустар коллекционердара биһирээбиттэрин биллэрбиттэрэ. Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ (дир. Мария Корнилова) түмсүүбүт үлэтин туһунан документальнай киинэни уһулбутун 29-ка буолар тэрээһиммитигэр билиһиннэрии буолуохтаах. Киинэ режиссера Любовь Помогаева, оператора Иван Яковлев. Уһуна чаас кэриҥэ. Бастакы көрдөрүү кэнниттэн салгыы үлэлэһэн эбэн, чопчулаан биэриэхтээхпит, бу сыл иһинэн олоччу бүтүөхтээх. Маны таһынан 30 сылбытын көрсө анал значок оҥортордубут, буклеты бэлэмнээн таһаартардыбыт. Бу күннэргэ оскуола үөрэнээччилэригэр 7-с төгүлүн улуустааҕы “Мин дьиэ кэргэним оонньуурдара” диэн тиэмэлээн “Чымадааҥҥа коллекция” бэстибээли тэрийэн ыыттыбыт.
Түмүккэ, түмсүү инники былааннарын, соруктарын туһунан кылгастык сырдатыахха.
Нэһилиэктэргэ баар филиаллары кытта үлэни ситимниир сыалтан биирдии киһини сыһыардыбыт. Аны сайын бэс ыйын саҥатыгар Суоттуга “Доҕордоһуу” музей-комплекска икки күннээх өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһини ыытар былааннаахпыт. Манна нэһилиэктэргэ баар түмсүүлэр тэринэн, оҥостон тиийэн кыттыахтара диэн эрэнэ күүтэбит. Үлэбит биир сүрүн хайысхатынан ыччаты кытта үлэни көрөбүт. Үөрэнээччилэр ортолоругар араас тиэмэҕэ быыстапкалары, көрүүлэри, куонкурустары тэрийэр буоллахпытына, ыччат дьон арыыланан хаалар. Түмсүүбүт 30 сыллаах үбүлүөйүнэн түмсүү чилиэннэрин эҕэрдэлиибин, киһини абылыыр дьикти дьарыккыт кэҥээн, тэнийэн дьон биһирэбилин ыла турарыгар баҕарабын.
Станислав Николаевич, түмсүү тэриллиэҕиттэн салайан кэлбит үлэҥ инникитин далааһыннанан истин диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Елена СЫРОВАТСКАЯ, уопсас. кэрэсп.