Бүгүҥҥүттэн Уус Алдан улууһугар гуманитарнай чинчийии институтун учуонайдарын бөлөҕүн сырыыта саҕаланна. Сүрүн сыал-сорук – Уус Алдан сиригэр уотугар научнай-чинчийэр хабааннаах үлэлэри ыытыы.

Бүгүн эбиэккэ диэри Чараҥҥа Литературнай уонна Бороҕоннооҕу улуус историятын музейдарыгар сылдьан үлэни-хамнаһы билистилэр.

Онтон култуура дыбарыаһыгар историяны сэҥээрээччилэри, кыраайы үөрэтээччилэри кытары «төгүрүк остуол» ыытыллан кэпсэтиилэр буоллулар. Онно учуонайдар Сардаана Боякова, Багдарыын Ньургун Сүлбэ уола, Наталья Данилова, институт научнай үлэһиттэрэ Денис Петров, Святослав Федоров, тэрийэр салаа үлэһитэ Изабелла Рожина кыттыыны ыллылар. Маны сэргэ Уус Алдан улууһун дьаһалтата уонна гуманитарнай чинчийии института научнай-чинчийэр үлэлэргэ бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Онон улуус баһылыга Василий Аммосов уонна институт дириэктэрэ, историческай наука дуоктара, академик Сардаана Боякова илии баттаһыыларын сиэрэ-туома ыытылынна.

Салгыы Томторго сылдьан Вознесенскай таҥаратын дьиэтин көрдүлэр, Бороҕон улууһун киинин урукку олоҕун туһунан билистилэр.

Учуонайдар сарсын Суотту нэһилиэгэр сылдьанн нуучча хаһаахтарын бастакы остуруога турбут буолуон сөптөөх сирин, ол таһынааҕы былыргы көмүүлэри көрүөхтэрэ, Буобура суола диэн аатырар былыргы айан аартыгын көрөн-истэн, үөрэтэн научнай сабаҕалааһыннары оҥоруохтара.

Онон улууспут историята салгыы дириҥник үөрэтиллэригэр улахан научнай үлэ ыытылларыгар олук уурулунна.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше