Улууспутугар култуура бэстибээлэ саҕаланна

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Аҕа сылларынан, Уус Алдаҥҥа бастакы бибилэтиэкэ төрүттэммитэ 100 сылынан нэһилиэктэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ «Дьиэ кэргэн – олох төрдө» бэстибээл саҕаланна. Бэстибээли улуус дьаһалтата, улуустааҕы култуура салалтата, «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин үлэһиттэрэ тэрийэллэр.

Бүгүн бэстибээли улахан нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр Курбуһах, отто кыра нэһилиэктэргэ Чэриктэй нэһилиэгэ саҕалыахтара.

Үгэскэ кубулуйбут бэстибээл быйылгы уратыта – нэһилиэктэр театрализованнай кэнсиэри көрдөрүөхтэрэ уонна оскуола оҕолоро кытталлара балаһыанньа быһыытынан көҥүллэнэр буолла. Оттон кэнсиэр нүөмэрдэригэр ураты хайысханан дьиэ кэргэнинэн литературнай монтаж буолар.

Улахан нэһилиэктэр бөлөхтөрүн улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Саина Стручкова, оттон кыра нэһилиэктэри култуура салалтатын кылаабынай исписэлииһэ Анна Федорова бэрэссэдээтэллээх дьүллүүр сүбэ састааба сыаналыаҕа.

Мария Аргунова

Сүрүн хаартыскаҕа: култуура былырыыҥҥы бэстибээлин кыра нэһилиэктэргэ кыайыылаахтара – бээрийэлэр