Хаарбах дьиэттэн көһөрүү федеральнай бырагыраама киириэҕиттэн улууспутугар үгүс дьиэ-уот тутулунна. Күн бүгүн бу бырагырааманан Мүрү нэһилиэгэр биэс дьиэ тутулла турар. Онтон үһэ бу сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.
Үлэ-хамнас хайдах салаллан иһэрин Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Прокопий Румянцев бу курдук кэпсээтэ: «2019 сылтан 2025 сылга диэри хаарбаҕынан биллэриллибит 55 уопсай дьиэттэн уопсайа 978 олохтоох дьоммутун дьиэлиир соруктаахпыт. Уопсайа 15 тыһыынчаттан тахса кв.м. иэннээх дьиэлэр тутуллуохтаахтар. Билиҥҥи туругунан 44 кыбартыыралаах биир дьиэ үлэҕэ киирбитэ уонна биэс дьиэ тэҥинэн тутулла турар. Уопсайа бу бырагыраама чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр 2025 сылга диэри сэттэ дьиэ тутуллан киириэхтээх, онтон иккилии дьиэ 2023-24, 2024-2025 сыллардааҕы этээпкэ, онтон үс дьиэтэ быйылгы сылга. Сүрүннээн «Гарантрегион14» ХЭТ, «СПМ Альянс», «Востокпромстрой», «Дохсун», «Мерлин» тэрилтэлэр үлэлэһэ сылдьаллар.
Бу көдьүүстээх бырагыраама салгыы 2025-2030 сс. диэри үлэлиэхтээх диэн дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путин бигэргэппитэ. Онон эбии 30 дьиэ докумуонун бэлэмнээн, Тутуу министиэристибэтигэр ыытан турабыт. Онон, 2030 сылга диэри Мүрү нэһилиэгэр биир даҕаны хаарбах дьиэ хаалыа суохтаах диэн былаанныыбыт».
Бороҕон киин өттүгэр Лонгинов аатынан уулуссаҕа 48 кыбартыыралаах, илин Пушкин аатынан уулуссаҕа икки 30-туу кыбартыыралаах дьиэлэр кэккэлэһэ тутуллан ситэн-хотон таҕыстылар. Бу дьиэлэр сыбаайалара 2022 сылга түспүттэрэ, көҥдөйө былырыын тутуллан, билигин отделка үлэтэ түмүктэнэн, инженернэй өттө хаалан турар. Ол аата ититиитэ, тымныы уу ситимэ, вентиляцията, канализацията тардыллар. Бу күннэргэ улуустааҕы ДьУоКХ үлэһиттэрэ ититии ситимин тардан үлэни саҕалаатылар. Ону таhынан, дьиэ таhынааҕы тупсаран тутуута уонна фасадын оҥоруу түмүктүүр чааhыгар киирдилэр. Үп-харчы хамсаан быстыбакка, тутуу матырыйаалын кэлиитэ бытааран ылан, тутуу кыраапыгыттан кыратык хаалыы баар буолан баран, күн ахсын үлэ күөстүү оргуйар.
Мария АРГУНОВА