Бу туһунан уонна нэһилиэнньэҕэ вакцинаны биэрии хаамыытын улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы Алина Абрамова билиһиннэрэр:
— Буоларын курдук, күһүҥҥү сезоҥҥа ОРВИ, тымныйыы ыарыыта үрдээн иһэринэн улууска вакцинаны биэрии үлэтэ бара турар. Оҕолорго 3 саастарыгар диэри “Ультрикс”, уһуйаан, оскуола оҕолоругар, улахан дьоҥҥо “Совигрипп” вакциналар кэлэн бэриллэ тураллар. Ханнык баҕарар вакцина киһи бэйэтин сөбүлэҥинэн, оҕолорго төрөппүттэрин быһаарыыларынан бэриллэр.
Бороҕон сэлиэнньэтигэр Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатыгар уонна уолаттар гимназияларыгар вакцинаны биэрии ыытылла илик уонна бары үөрэх тэрилтэлэрэ хабылыннылар.
Тэрилтэлэринэн быһыыны ылыы көрдөрүүтэ намыһах. Балаҕан ыйдааҕы туругунан, улуус үрдүнэн вакцинаны ылбыт киһи уопсай ахсаана 2476 тэҥнэһэн турар.
Вакцинаны үлэ чааһыгар күн аайы улахан дьон уонна оҕо поликлиникатыгар кэлэн ылыаххыттын сөп.
Екатерина Захарова